Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүгэр анаан «Баяным абылыыр дорҕооно» диэн ааттаах баянистар аһаҕас күрэстэрэ Суоттутааҕы «Мичээр» сынньалаҥ киинигэр үрдүк таһымнаахтык буолан ааста. Күрэс тэрийээччилэринэн «Доҕордоһуу» түмэл-заповедник уонна Суоттутааҕы «Мичээр» сынньалаҥ киинин үлэһиттэрэ буоллулар. Конкуруска Амматтан, Мэҥэ Хаҥаластан уонна Уус Алдантан ааттаах-суоллаах баянистар, ону тэҥэ Бороҕоннооҕу оҕо ускуустубатын оскуолатын иитиллээччилэрэ кытыннылар.
Үс түһүмэхтээх күрэскэ кыттааччылар бары бэлэмнэнэн кэлбиттэрэ күрэс таһымын үрдэттэ. Ол курдук патриотическай, уостан түспэт биллэр-көстөр ырыалары, үҥкүү музыкатын имигэс тарбахтарынан оонньоон көрөөччү биһирэбилин ылыахтарын ыллылар. Күрэһи биллэр ырыа айааччы, ускуустуба оскуолатын уһуйааччыта Станислав Луковцев салайааччылаах үс киһилээх дьүүллүүр сүбэ сыаналаата.
Күрэс түмүгүнэн ырыаларга уонна үҥкүү муусукатыгар Гран при үрдүк аатын Өнөртөн Василий Федоров ылан Өлүөнэ остуолбаларыгар күүлэйдии барар икки путевканан наҕараадаланна. Ырыалары доҕуһуоллуурга Мүрүттэн Василий Петухов I cт., Мэҥэ Хаҥаластан Юристан Михайлов II cт., Амматтан Василий Неустроев–Байаан Бааска III ст. лауреат буоллулар. Көрөөччүлэр биһирэбиллэрин уонна импровизатор-баянист П. Пермяков аймахтара туруорбут анал бириистэрин Василий Неустроев ылла. Үҥкүү муусукатын толорууга Мэҥэ Хаҥаластан Иван Прибылых I cт., Мэҥэ Хаҥаластан Леонид Винокуров II cт., Мүрүттэн Николай Готовцев III ст. лауреат аатын ыллылар. «Көрөөччү биһирэбилэ» анал аат Виолетта Колесоваҕа, «Саамай кыра баянист» Айаал Атласовка ананна. Итини тэҥэ ырыа айааччы, баянист Виктор Портнягин аатынан анал бирииһи Аман Корякиҥҥа туттардылар. Кинилэр үһүөн Оҕо ускуустубатын оскуолатын иитиллээччилэрэ, учууталлара Станислав Луковцев буолар. Аҕа көлүөнэ баянистары солбуйуохтаах кэнчээри ыччаппытыгар ситиһиини баҕарабыт.
Ырыа муусукатын имигэс тарбахтарынан дьүрүһүтэ оонньуур баянистары өйөөн көрөөччүлэр үҥкүүлээн битийдилэр, ытыс тыаһын харыстаабакка бэлэхтээтилэр. Бары бириистээх миэстэҕэ, анал аакка тиксибиттэргэ сыаналаах бириистэри үөрдэ-көтүтэ туттардылар. Бириистэри олохтообут Суотту нэһилиэгин дьаһалтатыгар, баянистар аймахтарыгар истиҥ махталбытын тиэрдэбит. Күрэс кыттыылаахтара ыытыллыбыт тэрээһинтэн астынан, дуоһуйан, өссө да маннык тэрээһиннэр буолалларыгар баҕа санааларын этэн тарҕастылар.
Надежда Новоприезжая, «Доҕордоһуу» түмэл-заповедник дириэктэрэ