Хайа баҕарар көлүөнэҕэ кэмиттэн кэмигэр киһиттэн таһыччы көрүүлээх, дьоҥҥо кэрэхсэнэр үтүө майгылаах, туруу үлэһит дьон төрөөн-үөскээн ааһаллар. Оннук дьонтон биирдэстэринэн туох да мөккүөрэ суох Бэрт Ууһун нэһилиэгиттэн Александр Петрович Иванову ааттыахха сөп. Төһө да кылгастык олордор, Александр кырдьык да чаҕылхайдык олорон, үлэлээн ааспыт эбит. Ыарахан ыарыы буулаабатаҕа буоллар, төһөлөөҕү айара-тутара, оҥороро, ыпсарара хаалбыта буолуой?
Олунньу 17 күнүгэр Александр Петрович Иванов аатынан норуот айымньытын киинигэр “Култуура эйгэтин сырдык кэрэһитэ” диэн кинигэ сүрэхтэниитэ буолан ааста. Кинигэ сүрэхтэниитигэр нэһилиэк олохтоохторо, ыалдьыттар уонна Александр Петрович аймахтара, дьиэ кэргэнэ кыттыыны ыллылар. Кинигэни инженер-геолог идэлээх кыыһа Саина Александровна Макарова хомуйан, бэчээккэ бэлэмнээн, сүүрэн-көтөн, “Дани-Алмас” хампаанньаҕа 200 экземплярынан, Уус Алдан култуураҕа управлениета, Бэрт Ууһун нэһилиэгин дьаһалтата, Сыырдаахха, Маттаҕа бииргэ үөрэммит доҕотторо, аймахтара, бииргэ төрөөбүттэрэ, кэргэнэ, оҕолоро үбүлээн таһааттардылар.
Кинигэ Уус Алдан култуураҕа управлениетын начальнига С.С. Нафанаилов, Бэрт Ууһун баһылыга Ю.Н. Колодезников киирии тылларынан саҕаламмыт. Сүрүн чааһа 5 түһүмэхтээх, сыһыарыылардаах. Бастакы түһүмэххэ Александр бииргэ төрөөбүттэрин, кинилэр оҕолорун, сиэннэрин, мэлдьи алтыспыт чугас аймахтарын истиҥх-иһирэх тыллардаах ахтыылара киирбиттэр. Бу түһүмэххэ Александр Петрович бииргэ төрөөбүт балтын Марфа Петровна оҕолоро музыкант, ырыа айааччы, “YAKUTIAN STARS entertainment” айар хампаанньа салайааччыта Семен, СӨ култууратын туйгуна, П.А. Ойуунускай аатынан Саха театрын артыыһа Дмитрий-Кырыымпа, СӨ култууратын туйгуна, эстрада артыыһа Паша – Умсуура Ченяновтар үһүөн таайдарын сүбэтэ, кини кыра эрдэхтэриттэн музыкаҕа сыһыаран үөрэппитэ олохторугар улахан оруолламмытын, убайдарын олоҕо билигин суолдьут сулус буолан, айар үлэлэригэр өрүү көмөлөһө сылдьарын туһунан истиҥник суруйбуттарын биһирээн ааҕаҕын.
Иккис түһүмэххэ омуннаах эдэр сааһын умнуллубат аргыстарын, алтыспыт доҕотторун аһаҕас, иэйиилээх тыллардаах суруйууларыгар кинини эдэр сааһыттан айылҕалыын алтыһан, бултка, балыкка өрүү сылдьарын, дьикти көстүүлэри, хатыламмат түгэннэри хаартыскаҕа түһэрэрин, хас кылааһынан көрсүһүүлэрин баянын сүгэ сылдьан, ыпсаҕай ырыаларынан киэргэтэрин, барыларын ыллатарын, туох эрэ саҥаны, уратыны киллэрэ сатыырынан, нэһилиэгин историятын, өбүгэлэрин туһунан элбэҕи билэринэн куппутун тутара диэн табаарыстарын бары өттүнэн дэгиттэр талааннааҕын арыйбыттар.
Үһүс түһүмэххэ кэргэнэ Маргарита Егоровна бииргэ төрөөбүттэрэ, кинилэр оҕолоро “биһиги Сааскабыт күтүөт быһыытынан аламаҕай майгылаах, чугастык санаһан, өйдөһөн-өйөһөн олорбуппут, куруук, хайа да түгэҥҥэ көмөҕө кэлэр эрэнэр киһибит этэ” диэн махтал тылларын анаабыттар. Бу түһүмэххэ ыкса ыалларын түмэн, араас тэрээһиннэри, түөлбэтин оҕолоругар Тымныы оҕонньор буолан, бэлэхтээх тиийтэлиирин, таһырдьа елка туруоран, утренник, бырааһынньык бөҕө тэрийэрин сырдаппыттар.
“Сөбүлүүбүн сүбэнэн сылдьары, үөрэри, үөрэнэри, үлэлиири, айары”, – диэн Александр Петрович тылларынан саҕаланар түһүмэххэ араас кэмҥэ алтыспыт биир идэлээхтэрэ, улуус баянистара, араас тэрилтэ үлэһиттэрэ төрөөбүт Сыырдааҕар, улууһугар култуура үлэтэ сайдарыгар киллэрсибит кылаатын, айымньылаах үлэҕэ үтүө суобастаах, бэриниилээх байыас быһыытынан өрүттэрин сиһилии арыйан киллэрбиттэр. Бу түһүмэхтэн Александр Петрович нэһилиэк биир да тэрилтэтин үлэтиттэн туора турбакка сүрдээх элбэх тэрээһиннэргэ куруук инники күөҥҥэ сылдьан, күүс-көмө буолбутун, ахтыбыт дьон махталларыттан ааҕабыт.
Бэһис түһүмэххэ саамай чугас таптыыр дьоно: кэргэнэ, кыргыттара, сиэннэрэ, күтүөттэрэ Александр Петрович олоҕун оҕо сааһыттан саҕалаан, тиһэх күннэригэр диэри сиһилии сырдаппыттар. Чугас киһилэрин араас түгэннэргэ кэргэнигэр, оҕолоругар, сиэннэригэр хайдах курдук тапталынан сыһыаннаһарын ахтыбыттарын долгуйа ааҕабыт. Олоҕун тиһэх күннэригэр диэри олоххо тардыһан, “турдахпына, үтүөрдэхпинэ…” диэн дьонугар хайдахтаах күүстээх санаанан эрэл кыымын саҕа сыппытын, хайдах курдук харыстабыллаахтык сыһыаннаспытын кэпсиир дириҥ ис хоһоонноох ахтыылары киһи харах уута суох кыайан аахпат.
Дьон-сэргэ бэркэ аһыллан, Александры бары өттүнэн – доҕор, табаарыс, аймах, аҕа, эһэ, үлэһит быһыытынан, олоххо араас көрүүлэрин, наар дьоҥҥо-сэргэҕэ туһалыы сырыттарбын диэн санаалаах киһи быһыытынан сиһилии ойуулаабыттара кэрэхсэбиллээх. Дьиктитэ диэн, хас биирдии ахтыыга Александр Петрович тутта-хапта сылдьарын, куруук сэргэхтик сэгэйэ туттарын, кини майгытын бары биирдик суруйаллар. Онтон, биир эрэ санаа үөскүүр кини кимиэхэ барытыгар оҕо диэн, тэҥнээҕим диэн, кырдьаҕас диэн араарбакка биир тэҥник сыһыаннаһар үтүө майгылаах эбит диэн. Кинигэҕэ Александр оҕо сааһыттан улаатан, үлэһит буолуор диэри олоҕун араас кэрчик кэмнэрин кэпсиир ахтыылар киһи умсугуйан, ааҕан бара туруох курдук ааҕааччы интэриэһин тардар ис хоһоонноохтор. Таптыыр, ахтар киһилэрин үйэтитэр кинигэ хас биирдии страницалара дьиэ кэргэнинэн умсугуйан дьарыктаммыт хаартыскаларынан толору. Хаартыскалар нэһилиэк олоҕун историятын кэрэһилээн кэпсиир быыстапка курдуктар. Манна, бу түһэриилэргэ ким суоҕуй? Кыратыттан улаханыгар, кырдьаҕаһыгар тиийэ дьон араас ис хоһоонноох тэрээһиннэргэ түспүт мөссүөннэрин көрөн астынаҕын. Онон, бу кинигэни киһи чахчы дьон-сэргэ өйүгэр-санаатыгар хаалар үйэлээх кинигэтэ диэн сыаналыыр.
Кинигэҕэ сыралаһан үлэлэспит оҕолоругар Любаҕа, Саинаҕа, Айнаҕа, тапталлаах кэргэнигэр Маргарита Егоровнаҕа нэһилиэк олохтоохторун ааттарыттан махталбытын тиэрдэбит. Аҕаҕыт, эһэҕит ыраас, сырдык аата үйэлэргэ умнуллубатын туһугар айымньылаахтык, үлэлии-хамсыы, айа-тута сылдьыҥ диэн баҕа санааларбытын аныыбыт!
А.Л. Неустроева, Бэрт Ууһун нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, бэтэрээн учуутал.