«Батыйа» өйдөбүнньүк комплекска сырдык санньыар үөрүүлээх Улуу Кыайыы күнэ уруйданна. Ол харах уулаах ыар сылларга ууну-уоту ортотунан ааспыт, биһиги дьоллоох олохпут иһин хорсуннук турууласпыт биһиги эһэлэрбит, эбэлэрбит сүдү ааттарыгар сүгүрүйэн үйэлээх уот кытыаста кытарда, сибэкки дьөрбөтө уурулунна, биир мүнүүтэ харастан ылыы чуумпута иһийдэ.
Өрөгөйдөөх Кыайыы күнүнэн эҕэрдэ тылы улуус дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччы Иннокентий Троев, улуус депутаттарын бэрэссэдээтэлэ Иннокентий Аммосов, Мүрү нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыга Прокопий Румянцев, ыччат аатыттан Мүрүтээҕи уолаттар гимназияларын үөрэнээччитэ, бэйэни салайыныы президенэ Айхал Егоров эттилэр. Итиэннэ тыыл бэтэрээнэ Мария Шелковникова эҕэрдэлээн туран, ол сыллар дуорааннарын, Кыайыы ыһыаҕар ийэтэ Варвара Михайловна Чэриктэйтэн Бороҕоҥҥо ыҥыыр атынан киирэн кыттан, мэтээл ылбытын туһунан кэпсээтэ, Кыайыы күнүн уруйдаан хоһоон ааҕан иһитиннэрдэ.
Мустубут дьон Иван Мигалкин “Күүтүүлээх Кыайыыны уһансан” хоһоонун күргүөмүнэн ааҕан, хорсун-хоодуот дьоммут аатыгар сүгүрүйэн, киэн туттан, махтанан тарҕастылар.
Мария Аргунова