“Тойон Мүрү” култуура дыбарыаһын иһинэн үлэлиир «Чэгиэн» түмсүү (салайааччы Александра Черкашина) Суотту нэһилиэгэр СӨ айылҕа харыстабылын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ норуотун маастара, СӨ гиревой спортка маастара “Үнүгэс” экологическай лааҕыр салайааччыта, «Туйма» экопарк төрүттээччитэ, энтузиаст-чинчийээччи, учуутал, алгысчыт, олоҥхоһут Данил Данилович Максимов төрөөбүтэ 65 сааһыгар аналлаах “Айбытым-туппутум, алгыстаах тылларым ананар эһиэхэ,_бар дьоммор!” диэн быыстапкатын көрөн кэллибит.
Биһигини “Доҕордоһуу” музейын үлэһиттэрэ Варвара Гоголева, Саргылана Местникова көрсөн, саха киһитин сиэринэн кытыанынан буруолатан, быыстапканы билиһиннэрэн саҕалаатылар. Биһиги Данил Данилович олоҕун, үлэлээбит кэмнэрин, кини бары өттүнэн талааннааҕын, элбэх ситиһиилээҕин сөҕө-махтайа иһиттибит, быыстапканы кэрэхсии көрдүбүт. Айылҕа бэйэтэ оҥорбут араас быһыылаах силистэрин, мутуктарын таба көрөн, ситэрэн биэрэн оҥорбут оҥоһуктара дириҥ ис хоһоонноохтор, сахалыы сылаас тыыннаахтар. Варвара Петровна: “Тыаҕа сырыттахха киһи өйдөөн көрбөтүн көрөр этэ”,- диэн бэлиэтээн кэпсээтэ. “Үнүгэс” лааҕырга сылдьыбыт оҕолор оҥоһуктара – Данил Данилович кинилэргэ айылҕаны таптыырга, кэрэни өйдөөн көрөргө үөрэппитин туоһулара. Оҥоһуктартан ураты айылҕа араас дьикти отун-маһын хаартыскалара, кыыл уҥуохтара бааллар. Бу оҥоһуктары Данил Данилович кыыһа Екатерина Даниловна музейга туттарбыт. Музей директора Надежда Новоприезжая нэһилиэк талааннаах дьонун үйэтитиигэ дьоһун хардыылары оҥорбута кэрэхсэбиллээх.
Көрсүһүүгэ Варвара Петровна, Саргылана Кимовна итии чэйинэн, сылаас бэрэскинэн күндүлээтилэр, атах тэпсэн олорон сэһэргэстибит. Музейга үлэлиир кэрэ аҥаардар бары сахалыы бууктаах сон тиктэрбиттэрин, ону “Суотту Далбардара” иистэнньэҥнэр түмсүүлэрэ (сал. Е.И. Иванова) тикпиттэрин астына, махтана кэпсээтилэр. Музей үлэһит эр дьоно Саҥа дьылга анаан таһырдьа умайар оҥоһуктары бэйэлэрэ оҥорбуттарын, Прасковья Бочкарева төбөҕө кэтиллэр аныгы быһыылаах кылтан таблеткаларын көрдөрдүлэр, коллектив түмсүүлээх, сэргэх олоҕуттан билиһиннэрдилэр. Варвара Петровнаҕа, Саргылана Кимовнаҕа өрөбүлү өрөбүл диэбэккэ истиҥник көрсүбүккүтүгэр махтанабыт, этэҥҥэ буолууну, үлэҕитигэр ситиһиини баҕарабыт!
Бу сырыыбытыгар “бачча кэлбиччэ” диэн саҥа оскуолаҕа сылдьан аастыбыт. Сып-сырдык, ып-ыраас оскуолаҕа киирэн, 11 кылаас үөрэнээччитэ Лена Ксенофонтованы сирдииригэр көрдөстүбүт. Киирээппитин кытта хаартыска курдук уруһуйдарга харахпыт хатанна. Бу оскуола выпускницата Светлана Местникова ветеран учууталлар мэтириэттэрин оҥорбут уруһуйдара эбит. Таас витринаҕа “Туой оҥоһуктар” (сал. А.Е. Константинова) куруһуок оҕолоро оҥорбут оҥоһуктарын астына көрдүбүт, оҕолор “үтүө күнүнэн!” диэн сахалыы дорооболоһон ааспыттарын кулгаахпыт “таптыы” иһиттэ.
Түмүккэ, Суотту дьоно олус сэргэхтик, түмсүүлээхтик олороллорун, оҕолор да, улахан да дьон тарбахтарыгар талааннаахтарын, олорон ааспыт ааттаах-суоллаах дьонун умнубакка өрө тута, киэн тутта кэпсии, үлэлии-хамсыы сылдьалларын көрөн-истэн сүргэбит көтөҕүлүннэ, санаабыт сырдыкка таласта. Кырдьыга да, биһиги ортобутугар олорон ааспыт дьоммут олоҕу көрүүлэрэ, айылҕаҕа тапталлара, үлэлэригэр бэриниилээх сыһыаннара, үтүө майгылара биһиэхэ холобур буолар, сырдыкка сирдиир.
“Чэгиэн” түмсүү чилиэттэрэ.