«Барыта дьиэ кэргэн туһугар» десант Өнөргө үлэлээтэ

Өнөр орто оскуолатыгар Уус Алдан улууһун сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолорго аналлаах социальнай-реабилитационнай киин специалистара «Барыта дьиэ кэргэн туһугар» социальнай десанынан ыалдьыттаатылар. Олус үчүгэйдик толкуйдаммыт киэҥ хабааннаах былааннаах буоланнар, оҕотуттан учууталга, төрөппүккэ тиийэ барыларын хабан интэриэһинэй ньымалары туттан, биир күнү толору ньиргиччи үлэлээн бардылар.
Ол курдук Уус Алданнааҕы сокуоннай саастарын туола илик оҕолору реабилитациялыыр киин стационарнай отделениетын сэбиэдиссэйэ Светлана Бурцева кылаас салайааччыларыгар анаан «Буруйу оҥорууну сэрэтэр үлэлэр» тиэмэҕэ семинар ыытта. Кини өр сылга оскуолаҕа иитэр үлэни сүрүннээбит буолан, семинарын туһата улаханын бэлиэтиибит.
Маны таһынан специалистар оҕо сааһынан, интэриэһинэн көрөн араас маастар-кылаастары, бэсиэдэлэри ыыттылар. Орто, үрдүкү сүһүөх кылаастар үөрэнээччилэрэ реабилитационнай киин иитээччилэрэ З. Сивцева оҕуруонан сибэккини тиһии уонна дэбигис көстөр матырыйаалтан корзинаны өрүү дьарыктарыгар сырыттылар, Н. Портнягина билиҥҥи техническэй сайдыы күлүк өттүн – гаджеттар кутталларын – туһунан бэсиэдэтигэр кытыннылар, эбии үөрэхтээһин педагога М. Леонтьева ментальнай арифметикаҕа, ол аата тарбах көмөтүнэн суот албастарыгар уһуйда,
сокуоннай саастарын туола илик оҕолору реабилитациялыыр киин педагог-психолога А. Петрова, социальнай педагогтара Ю. Бурцева, Д. Егорова оҕо быраабын уонна эбээһинэһин итиэннэ улаатан эрэр оҕоҕо туох кыһалҕалар баар буолуохтарыгар туһуламмыт бэсиэдэлэрэ, биирдиилээн консультациялара, трениннэрэ биир тыынынан, тэтимнээхтик ыытыллан истилэр.

Төрөппүттэргэ аналлаах төгүрүк остуолга норуот педагогикатын ньымаларын, оҕону иитэ ылыыга туохха ордук болҕомто ууруллуохтааҕын, онуоха сүрүн ирдэбиллэр тустарынан Уус Алданнааҕы опека отделын сүрүннүүр специалиһа Варвара Тимофееваны кытта ирэ-хоро кэпсэттилэр. Маны таһынан бу күннээх үлэ араас биричиинэнэн учуокка турар ыаллары кэрийиинэн, кинилэргэ кыһалҕаларын быһаарсыынан, сүбэ-ама биэриинэн көдьүүстээхтик түмүктэннэ.
Ил Дархан Айсен Николаев уураҕынан нэһилиэнньэ психологическай доруобуйатын бөҕөргөтүүгэ үлэ көдьүүстээхтик ыытыллар. Дойдубутугар улахан улаарыйыы буола турар кэмигэр маннык бөлөхтөр үлэлэрэ олус көдьүүстээҕэ саарбаҕа суох. Бу үлэни-хамнаһы тэрийиигэ бииргэ үлэлэһии түмүктээх буолар. Ону бүгүҥҥү күн илэ-чахчы көрдөрдө.
Реабилитационнай киин уонна оскуола салалтата бииргэ үлэлииргэ илии баттаспыттарын түмүгэр инники өттүгэр киэҥ хабааннаах үлэ ыытылларыгар эрэли сахта. Десант кыттыылаахтарыгар оскуола аатыттан дириҥ махталбытын тиэрдэбит. Судургута суох, улахан эппиэтинэстээх үлэҕитигэр ситиһиилэри баҕарабыт.

А. Громова, оскуола учуутала