Нам улууһун Хатырык сэлиэнньэтигэр М.К. Аммосов аатынан Судаарыстыбаннас музейыгар Бартыһаан Дьөгүөрэпкэ сыһыаннаах экспонаттар уонна Таастаахха туттарбыт оскуолатын туһунан Дьоруой Дьөгүөрэп төрөөбүтэ 145 сылын көрсө сырдатарга сананным.
Музей киэҥ уораҕайын иккис этээһин саалатыгар тахсааты кытта инньэ 1925 сыл алтынньы 8 күнүгэр Дьокуускай үрдүнэн көппүт бастакы “Сопвич” сөмөлүөтү хамсатааччы (двигателэ) көрдөрүүгэ турара харахха быраҕыллар. История кэрэһэлииринэн, бу сөмөлүөккэ бастакы бочуоттаах пассажирдар быһыытынан көтөр чиэс Былатыан Ойуунускайга, Гражданскай сэриигэ хорсунун иһин ити сыл муус устарыгар Кыһыл Знамя уордьанынан наҕараадаламмыт Бартыһаан Дьөгүөрэпкэ уонна бааһынай үлэһит дьахтар А. Дмитриеваҕа тиксибит. Сөмөлүөт Даркылаах бириистэниттэн көтөн баран Күөх хонууга кэлэн түспүт. Сөмөлүөт лүөччүгэ Петр Фадеев этэ. Англия маннык тииптээх сөмөлүөттэри айбыт компаниятын аатынан сөмөлүөт “Сопвич” диэн ааттаммыт. Оччотооҕу салгын аалын хамсатар сүрүн чааһын көрөн туран, Бартыһаан Дьөгүөрэбинэн киэн туттаҕын уонна кини курдук өрүкүйбүт киһи төһөлөөх үөрбүтүн-көппүтүн, сөхпүтүн санааҕар оҥорон көрөҕүн.
Музей иккис этээһиттэн үһүскэ тахсыыга Бартыһаан Дьөгүөрэп дойдутугар Тандаҕа 1932 сыллаахха туттарбыт оскуолатын түннүгэ экспонат буолан анал быһаарыы суруктаах турар. Бу түннүгү Судаарыстыбаннас музейыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин автономиятын 100 сыла туолуутун көрсө 2022 сыллаахха бэлэхтээбиттэр. Түннүк үөһэтин икки тааһа уонна тоһоҕолоро 1932 сыллааҕы диэн музей научнай үлэһитэ Станислав Дьяконов тоһоҕолоон бэлиэтиир. Түннүккэ Максим Аммосов, Былатыан Ойуунускай, Бартыһаан Дьөгүөрэп, Сэмэн Новгородов, о.д.а. биллиилээх дьон хаартыскалара түһэриллибиттэр.
Гражданскай сэрии Дьоруойа үрүҥнэри эһии кэнниттэн саҥа олоҕу тутууга күүрээннээх үлэҕэ инники фроҥҥа сылдьыбыта. Ааспыт үйэ 20-с сылларын бүтэһигиттэн саҕалаан 30-с сылларга чугас эргин улуустарга, Кэбээйигэ тиийэ оскуолалары, интэринээт дьиэлэрин, ыраас олох иһин баанньыктары, дьон доруобуйатын туһугар биэлсэр пуунун туттарбытын архыып докумуоннара кэпсииллэр. Нам Таастаах нэһилиэгэр оскуоланы туттарбытын билиҥҥи аҕа саастаах көлүөнэ дьон махталынан ахтар. Өргөлөөх бөһүөлэгэр олорор кыраайы үөрэтээччи Василий Герасимов кэпсииринэн, Дьөгүөрэп туттарбыт оскуолата билигин да уруккутунан, ол эрэн 2011 сылтан ыла тоҥон турар. 2007 сыллаахха оскуола кырыыһата уларытыллан уу-хаар тэстибэт. Оскуола дьиэтэ бөҕө тутуулаах буолан олох хамсаабакка, алдьаммакка турар. Оскуола түннүктэригэр былыргы өстүөкүлэлэр бааллара көстөр. Бу Бартыһаан Дьөгүөрэп дойду ыстаарыһатыгар Михаил Калиниҥҥа тиийэ туруорсан ылбыт түннүк таастара. Билигин Таастаах нэһилиэгэ 300 киһилээх, барыта 42 оҕолоох тоҕус кылаастаах оскуолалаах.
Нам улууһун дьоно-сэргэтэ Бартыһаан Дьөгүөрэби киэн тутта ахталларын истэргэ олус үчүгэй. Норуокка оҥорбут үтүө дьыала үйэлэри уҥуордуур дьылҕалааҕа итинтэн көстөр.
Елена СЫРОВАТСКАЯ, уопсас. кэрэсп.