2022 сыллаахха Арассыыйаҕа биллэриллибит Култуурунай нэһилиэстибэ сылынан 2-с Байаҕантай нэһилиэгэр урукку кэмҥэ улууска кулубанан, нэһилиэгэр отуттан тахса сыл кинээһинэн үлэлээбит ыраахтааҕыттан куортуктаах Савва Егоров дьиэтин сөргүтүү марафона «Саха» НКИХ ханаалыгар ыытыллыбыта.
2-с Байаҕантай улууһун кулубатын испииһэгэр 1733-1893 сс. Савва Егоров – Кулуба Савва үлэлээбитэ бэлиэтэнэр . Кулуба Савва 1844 сыллаахха бэс ыйын 30 кунугэр ыытыллыбыт докуомуоҥҥа (сурукка) ахтыллыбытынан, Балаҕаннаах диэн алаас хаһаайына буолар.
Хос эһэтин дьиэтин туһунан хос сиэнэ Екатерина Егорова суруйан хаалларбытыттан көрдөххө, «дьиэ ис иэнэ 10*10 миэтэрэ, үрдүгэ 3,5*4 миэтэрэ, таһыгар турбут ампаара үүт-үкчү итиччэ иэннээх кээмэйдээх. Дьиэ илин өттүнэн ааннаах, дууп маһынан оҥоһуллубут кирилиэстээх, мастан чочуллан оҥоһуллубут верандалаах, көмүлүөк оһохтоох, хапытаалынай быыстардаах, дьиэни төгүрүччү бүтэй ороннордоох. Олус кэтит мастартан суоруллубут муосталаах, муоста былаахыларын икки ардыларынан билигин да хайаҕаһа, быыһа суох. Оһоҕун үрдүгэр бурдук хатараанньалаах, үүт уурар үгэстээх, хоту өттүгэр чуулааннах» диэн бу сэдэх дьиэни уруу-аймах дьонугар көрөн-харайан кэлбиттэрин суруйан хаалларбыта.
Кэнники сылларга кыраайы үөрэтээччи Тиит Арыы бөһүөлэгин олохтооҕо Александр Турантаев элбэх үөрэтэр, чинчийэр үлэни ыыппытын олохтоохтор билэбит. Ийэтэ Анна Александровналыын өбүгэлэрин сирин ылан, сүөһү, сылгы иитэн саҕалаабыттара, ону билигин да бу аймах көрө-истэ олороллор.
Балаҕаннаах Савва Егоров дьиэтин сөргүтүүгэ Саха сирин үрдүнэн ыытыллыбыт марафоҥҥа 1 мөлүйүөнтэн тахса солкуобай суума хомуллан, быйыл түмүк үлэлэрэ ыытылыннылар.
Савва Егоров 1840 с. нэһилиэгэр кинээстии, онтон 1848-1852 сс. Байаҕантай улууһугар кулубалыы сылдьан улуус киинигэр Баайаҕаҕа таҥара дьиэтин, Хаҥалас нэһилиэгэр Кутайга чочуобуна туттарары тэрийбит. Кини улуус араас нолуогун барыта төлөнөрүн, сутаабыт нэһилиэктэргэ көмөтүн, үтүө суобастаах үлэтин иһин саха улуустарыттан биир бастакынан ыраахтааҕыттан кыһыл көмүс куортугунан наҕараадаламмыт. Наҕараада ылбыт үөрүүтүгэр улахан ыһыах ыһар. Оччолорго Байаҕантай улууһугар, билиҥҥитэ Уус Алдан улууһун Тандата, Тиит Арыыта, Томпо Кириэс Халдьаайыта, Таатта Баайаҕата, Өймөкөөн икки нэһилиэгэ киирэллэр эбит.
Балаҕаннаах дьиэтин иннигэр сэргэлэри туруорбутун, аймаҕа, хос-хос сиэнэ кыраайы үөрэтээччи Александр Турантаев дьиэтин муннугар үөһээ Савва Егоров аатын үйэтитэн архыыптан хасыһан, оҥотторон мемориальнай дуоска туруорбута. Маннык сэдэх көстүүлээх, тутуулаах дьиэ 2-с Байаҕантайга, бастыҥ үлэһит, үөрэхтээх, биллэр-көстөр дьон олорон ааспыттарын кэпсии турарыттан биһиги, олохтоохтор, киэн туттабыт.
Бу киэҥ, дириҥ суолталаах үлэни 2-с Байаҕантай нэһилиэгин баһылыга Андрей Егоров, СӨ Култуура уонна устуоруйа өйдөбүнньүктэрин харыстыыр департамент салайааччыта Николай Макаров, СӨ пааматынньыктарын харыстыыр уонна көрөр общественнай тэрилтэ салайааччыта Руслан Васильев, «Уран» дизайн студия салайааччыта, РФ худуоһунньуктарын Сойууһун чилиэнэ Вячеслав Яроев иилээн-саҕалаан үлэлэттилэр.
2-с Байаҕантай нэһилиэгэр Балаҕаннаах алааска Саабыска Егоров дьиэтин тэлгэһэтигэр билигин даҕаны үөрэтиллэн сөптөөх экспонаттар көстөллөрө өбүгэлэрбит олохторо үөрэтиллэрин, үөрэтии, сөргүтүү элбэх үлэни эрэйэр.
2-с Байаҕантай нэһилиэгин олохтоохторо Балаҕаннаах алааска Савва Егоров дьиэтэ сөргүтүллүбүтүнэн оҥорсубут, үлэлэспит дьоҥҥо барҕа махтал тылларын тиэрдэллэр. Инникитин үйэлэргэ ахтыллар, кэпсэнэр пааматынньык сөргүтүллүбүтүнэн, дьон-сэргэ тохтоон ааһан элбэххэ үөрэтэр, элбэҕи кэпсиир, элбэҕи билэр-кэрэ ытык мааны сир буолбутунан киэн туттабыт.
Матрена Аргунова, уопсас. кэрэсп. бибилэтиэкэр