“Түмэн” норуот айымньытын киинин дириэктэрэ Людмила Готовцева, методист Людмила Лугинова, исписэлиис Александр Белолюбскай нэһилиэкпит аҕам саастаахтарын бырааһынньыгын бэрт таһымнаахтык ыыттылар.
Ол курдук үс түөлбэнэн хамаандаларга арахсан көрдөөх эстафета итиэннэ биирдиилээн күрэххэ туруулаһан күрэхтэстибит. “Сэбиэскэй кафеҕа” аһылык, үҥкүү, маассабай оонньуулар ыытылыннылар. “Сэбиэскэй кафеҕа” кэлбит ыалдьыттары 60-70-с сыллардааҕы минньигэс аһылыгынан күндүлээтилэр.
Сынньалаҥ киинин үлэһиттэрэ хас бырааһынньык ахсын саҥаттан саҥа көрүҥү киллэрэн, олохтоохтору түмэллэр, интэриэһиргэтэллэр. Өрүү маннык сэргэх биэчэрдэри ыытан олохтоохтору ыҥыра-угуйа туруҥ.
Ирина Тарская