Баатаҕайга Николай Тарскайга анаммыт үбүлүөйдээх ыһыахха күүтэбит

Биир дойдулаахпыт, бөдөҥ судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай диэйэтэл, Саха сиригэр физкультурнай уонна спортивнай хамсааһыны төрүттээччи, тэри­йээччи Николай Николаевич Тарскай төрөөбүтэ 100 сыллаах үбүлүөйдээх тэрээһиннэрин араас ситимнэринэн тохтоло суох сырдаталлар, иһитиннэрэллэр. Онуоха үбүлүөйдээх сыл тэрээһиннэрин үлэтэ өссө икки сыл инниттэн былааннанан саҕаламмыттара. Биир сүрүн тэрээһининэн бэс ыйын 8 күнүгэр Николай Тарскай төрөөбүт дойдутугар – Баатаҕайга «Саргыбыт салалынна, өрөгөйбүт үрдээтэ» диэн үрүҥ тунах ыһыах ыытыллара буолар. Баа­таҕайдар үбүлүөйдээх ыһыаҕы тэрийиигэ үгүс үлэни ыыта сылдьабыт. Өрөспүүбүлүкэбит араас муннуктарыттан, нэһилиэктэриттэн үгүс киһи ыалдьыттыаҕа, кыттыыны ылыаҕа.

Ыһыахха бэлэмнэнии ааспыт сыл бүтүүтүттэн са­ҕаламмыта. Ол курдук, үбүлүөйү көрсө улуус дьаһалтата (баһылык В.И. Аммосов) ыһыахха диэн анал үп-харчы көрөн улахан көмөнү оҥордо, нэһилиэкпитигэр Н.Н. Тарскай фондата тэриллэн үлэлиир. Фондаҕа киирбит үп-харчы нэһилиэк иһинээҕи уулуссалары оҥорууга, ыалдьыттары аһынан-үөлүнэн хааччы­йыыга, сибээһи, уоту быыс­тала суох биэриигэ, дьон до­руо­буйатыгар, олоҕор куттал суох буолуутун хааччыйыы курдук боппуруостарга туттуллуоҕа.

Нэһилиэк тэрилтэлэрэ, олохтоохторо ыам ыйыттан ырааһырдыы, тупсарыы үлэ­лэрин быыстала суох тэрийэллэр. Ол курдук, Н.Н. Тарскай аатынан Баатаҕай орто оскуолата сыһыарыллыбыт территорияларын, “Спорт – Албан аат” түмэлин өрөмүөннээһини, сууйуу-сотуу, кырааскалааһын үлэтин өрө көтөҕүллүүлээхтик тэ­рийэ сылдьаллар. Маны та­һынан, оскуола коллектива Н.Н. Тарскай төрөөбүт алааһыгар Араҥастаахха сэргэтин күрүөтүн, улааппыт, үлэлээбит сиригэр Чараҥайга ыһыахтыыр сири, оскуола урукку турбут миэс­тэтин ыраастаан, тупсаран биэрдилэр. Нэһилиэк түөл­бэлэрэ, түмсүүлэрэ, тэрилтэ­лэрэ ыһыахтыыр сири сөргүтүүгэ, ырааһырдыыга, кы­рааскалааһыҥҥа, эр дьон түмсүүтэ ыһыахтыыр сир күрүөтүн оҥорууга, саҥардыыга үгүс үлэни ыыттылар.

Ыһыах култуурнай тэ­рээһиннэрин улуус култуураҕа салалтата, С.Ф. Сивцев аатынан Баатаҕайдааҕы “Тү­мэн” норуот айымньытын киинэ сүрүннүүллэр. Барыта 5 култуурунай күрэс: оһуо­хайга, дэгэрэҥ ырыаҕа, олоҥхоҕо, саха та­ҥаһыгар, “Бөтөс” алын сү­һүөх кылаас уолаттарыгар ыытыл­лыаҕа. Спортивнай күрэхтэри улуус спортка отдела, Баатаҕай нэһилиэгин дьаһалтата иилээн-саҕалаан ыытыахтара. 100 м сүүрүүгэ, мас тардыһыыты­гар, таас көтөҕүүтүгэр, хап­саҕайга, Петр Лугинов – Ууһут Бүөтүккэ аатынан многоборье күрэхтэригэр тыҥааһыннаах киирсиилэри көрүөхпүт. Күрэстэр мэ­тээллэрин, өйдөбүнньүк значогун нэһилиэк дьаһалтата сыл саҕаланыыта Кытайга сакаас биэрэн оҥоттордо. Мэтээл эр киһи кутун-сүрүн сүгэр аҕыс кырыылаах, Н.Н. Тарскай мэтириэтин 3D форманан, сайыннарбыт сүрүн спорт көрүҥнэрин тиһиллибиттэр.

Ыам ыйын 26 күнүгэр үбү­лүөйдээх сылга бэртээхэй бэлэх буолан, Баатаҕай нэһилиэгин иккис дойду оҥостон манна үлэлиир, олохсуйан олорор 71 кийиит түмсэн, “Баатаҕайбын таптыыбын” көстүүлээх өйдөбүнньүк бэлиэни оҥотторон бэлэхтээ­тилэр. Өйдө­бүнньүк бэлиэ дэриэбинэҕэ киириигэ Хо­мус­таах эбэ кытылыгар турда.

Ыһыах иккис күнүгэр – бэс ыйын 9 күнүгэр Николай Тарскай улааппыт, үлэлээбит Чараҥайын түөлбэтигэр ыһыах ыһыллар. Чараҥай түөлбэтиттэн төрүттээхтэр өбүгэлэрин сирин сөргүтэн, сылын аайы туох эмэ саҥаны киллэрэн, туруоран, ыһыах ыыталлара үтүө үгэскэ кубулуйда. Чараҥайдар үбү­лүөйдээх биир дойду­лаахтарыгар улахан бол­ҕомтолорун ууран ыһыах тэрийээри сылдьаллар. Ол курдук, ыһыахтыыр сирдэригэр быйыл Н.Н. Тарскайга аналлаах өйдөбүнньүк бэлиэни оҥотторон сүрэх­тиэхтэрэ. Онно эбии ыһыах биир сүрүн уратытынан экскурсия айан буолар. Чараҥай ыһыахтыыр сириттэн – Чараҥай оскуолата – киирии арка, стела – Арыы баһа алаас­ка олорбут Афанасьевтар өтөхтөрө – Чараҥай сойууһа – Н.Н. Тарскай төрөөбүт Араҥастаах алааһа маршрутунан айан тэриллиэҕэ.

Үбүлүөйдээх сыл устата ыытыллыбыт тэрээһиннэр­тэн билиһиннэрдэххэ, аас­пыт сыл сэтинньитигэр алын сүһүөх кылаас оҕолоругар гимнастикаҕа улуустааҕы күрэс Баатаҕай орто оскуола­тыгар ыытыллыбыта.
Тохсунньу 30 күнүгэр Н.Н. Тарскай төрөөбүт күнүгэр диэри 100 хонук хаалбытын бэлиэтээн, Николай Тарскай сылын биллэрэр тэрээһини тэрийбиппит. Кулун тутар 5 күнүгэр Баатаҕай орто оскуолатыгар рес­публикатааҕы I, улуустаа­ҕы V научнай-практическай конференция ыытыллыбыта. Муус устар 13 күнүгэр рес­публика ветераннарыгар уһулуччулаах тренер, биир дойдулаахпыт Тихон Готовцев аатынан волейбол турнира тэриллибитэ. Николай Тарскай төрөөбүт күнүгэр – ыам ыйын 8 күнүгэр бүттүүн республиканан үрдүк таһымнаахтык бэлиэтээтибит. Төрөөбүт нэһилиэ­гэ, улууспут нэһилиэктэрэ, тэрилтэлэрэ сарсыардаттан эти-хааны чэбдигирдэр, уһугуннарар сэрээккэлэри, биб­лиотека тиһигин үлэһиттэрэ уһуйаан, оскуола оҕолоругар Тарскай диэн кимин, туох үтүөлээҕин билиһиннэрэр библиотечнай уруоктары ыыттылар. Баатаҕайдар чулуу киһибитигэр сүгүрү­йэн, бу үөрүүлээх күн кини бюһугар сибэкки дьөрбөтүн уурууттан саҕалаан кылаас чаастарын, көрсүһүүлэри, спортивнай күрэхтэһиилэри быыстала суох ыыттыбыт уонна киэһээ өттүгэр орто оскуола коллектива “Үтүө аата умнуллубат!” уус-­уран самодеятельность кэнсиэрин бэлэхтээтэ.

Баатаҕайдар биир дойду­лаахпыт Н.Н. Тарскай аатын үйэтитиигэ уруккуттан да­ҕаны үгүс болҕомтону уура­быт. Саамай күүтэрбит уонна эрэнэрбит – саҥа оскуола тутуута. Оскуола, үөрэхтээһин эйгэтэ, оҕо-уруу эрэ баар буол­лаҕына, нэһилиэк сайдар. Биһиги оскуолабыт аан бастаан Чараҥайга 1929 с. тутуллубута. Бу оскуолаҕа Тарскай бэйэтэ үөрэнэн, үлэ­лээн ааспыта. 1957 с. оскуо­ланы нэһилиэк киинигэр Биэттэҕэ көһөрөн аҕалан туппуттара. 2029 с. оскуолабыт 100 сылын бэлиэтиэхпит. Үгүс сыллар тухары саҥа оскуола тутуутун ыра санаа оҥос­тубуппут ыраатта, ол баҕа са­наа­быт олоххо киирэрин туох­тааҕар да күүтэбит.

Үбүлүөйдээх сыл былааныгар киирэн баран, кэккэ биричиинэлэри­нэн тохтообут баҕа санааларбыт: уот ситимин күүһүрдүү, саҥа специалистарга уопсай дьиэ, култуура дьиэтэ уонна бары күүтэр киинтэн ититии ситимэ буолаллар. Бу үлэ­лэр инникитин салҕанан баралларыгар улахан эрэл­лээхпит. Н.Н. Тарскай үбүлүөйүгэр күүс-көмө, өйөбүл буолар улуус салалтатыгар, үөрэхтээһин, култуура, спорт үлэһиттэригэр, депутаппытыгар Алексей Троевка, биир дойдулаахтарбытыгар, нэһилиэкпит бары олохтоохторугар, аймахтарыгар улахан махталбытын тиэрдэбит.

Августина ПЕРМЯКОВА, олохтоох библиотекарь

Читайте дальше