Баан картатыттан гражданнар харчыларын түөкүннээһин элбээтэ

Бүтэһик сылларга гражданнар баан карталарыттан харчыларын көҥүлэ суох устууну кытта сибээстээх буруй улаатан иһэр. Ол курдук, биһиги да улуус­путугар түөкүннэр эрийтэлээн, чэпчэки харчыны эккирэтэн, ымсыы-обот санааттан, дьону араастаан албыннаан, итэҕэтэн, куттаан харчыларын ылбыттара элбэх. Барыллааһын силиэсти­йэнэн, бу сыл 10 ыйын түмүгүнэн 6 холуобунай дьыала тэрилиннэ, уопсайа 605 800 солкуобай харчыны уордулар. Статистика көрдөрөрүнэн, сааһыттан тутулуга суох дьон киирэн биэрэллэр.

Баан картатынан түөкүннээһин сүрүн көрүҥнэринэн буолаллар:

  • буруйдаах сымыйанан баантан куттала суох буолуутун сулууспатыттан, эбэтэр ол кэпсэтэ олорон полиция үлэһитигэр холбоон дьону итэҕэтэн, баан операцията буолан эрэр диэн эрийэрэ;
  • интернекка ону-маны чэпчэки сыанаҕа атыылыыбыт диэн сымыйа биллэриини таһаараллара;
  • хас биирдии киһи аккаунун алдьатан, ол киһи аатыттан сымыйа биллэриини ыыталлара;
  • интернет өҥөтүнэн, араас куон­курустарга ким эрэ кыттарыгар киллэрэн куоластыырга сыылкалары ыыталлара.
  • түөкүттэр сымыйа смс иһитиннэрии ыытан, «харчыны сыыһа ыыппыппын» диэн албыннаан төттөрү харчыны ылыылара.

Бастакы түбэлтэҕэ эмсэҕэлээбиттэр маннык сыыһалары оҥороллор, ол курдук баан үлэһитэ килийиэннэргэ хаһан да эрийбэт, пин-коду карталарын таһыгар харайа сылдьаллар эбэтэр картаҕа бэйэтигэр суруйаллар, туора дьоҥҥо пин-коду бэйэлэрэ этэн биэрэллэр, эбэтэр карталарын кинилэргэ туһаныыга биэрэллэр, ону тэҥэ чэпчэки сыанаҕа ону-маны атыылаһаары киирэн биэрэбит, ардыгар нууччалыы үчүгэйдик өйдөөбөккө, эппиттэрин толорон иһэбит.

Төлөпүөн түөкүннэриттэн хайдах харыстанабыт: картаны атын дьоҥҥо биэримэҥ. Картанан операциялар барыта бас билээччи баарыгар оҥоһуллуохтаахтар (көрөн турдахтарына). Карта сүттэҕинэ (уордахтарына) тутатына картаны биэрбит бааҥҥа блокировкалат. Бары боппуруостары, картаҕа ыйыллыбыт нүөмэргэ телефонунан эрийэн, бааны кытта сүбэлэс. Чугас дьоҥҥор тутатына ким туох диэн эрийбитин кэпсээ. Эргэ абонентскай нүөмэри уларытан баран, онно “Мобильнай банк” холбоно сылдьыбыт буоллаҕына, бааҥҥа тиийэн бу өҥөнү араа­рар туһунан сайабылыанньаны суруй. Атын регионтан эрийдэхтэринэ эппиэттээмэҥ. Интернеттан ону-маны сакаастыырга үчүгэйдик үөрэтэн, дьон сыанабылын ааҕан сакаастааҥ.

Үөһээ этиллибиттэргэ олоҕуран, барыллаа­һын силиэстийэ олохтоох нэһилиэнньэни төлөпүөн түөкүннэриттэн сэрэтэр. Сэрэхтээх буолуҥ, араас албыҥҥа киирэн биэримэҥ, чугас дьоҥҥутун ха­рыстыы сылдьыҥ.

Саргылаан Бурнашев, Уус Алдан оройуонун силиэстийэлиир бөлөҕүн салайааччыта, юстиция подполковнига

Читайте дальше