Анатолий Сторожев: ”Дьоммутугар сөптөөх көмөнү тиэрдибиппититтэн астынныбыт”

Билэрбит курдук, анал байыаннай дьайыы бара турар сиригэр тохсунньуга улууспутуттан анал бөлөх баран кэлбитэ. Бу бөлөх сырыытын туһунан бүгүн улуус баһылыгын солбуйааччы Анатолий Сторожев нэһилиэктэр баһылыктарыгар, тэрилтэ салайааччыларыгар кэпсээтэ:

– Бөлөххө миигин кытары Өнөр нэһилиэгин баһылыга Николай Лукачевскай, Лөгөй нэһилиэгин баһылыга Николай Попов, “Тойон Мүрү” култуура дыбарыаһын исписэлииһэ Иван Захаров, Бэйдиҥэтээҕи сынньалаҥ киинин дириэктэрэ Игнатий Слепцов сырыттылар. Тохсунньу 16 күнүгэр Москваҕа тиийэн мантан сөмөлүөтүнэн ыыппыт таһаҕаспытын кэтэһэ таарыйа эмиэ мал-сал, таҥас-сап хомуйбуппут, атыыласпыппыт. Манна биһиэхэ Москваҕа олорор биир дойдулаахтарбыт Ньургуян Нафанаилов, Анатолий Татаринов улахан көмө буоллулар. Туох баар таһаҕаспытын барытын кинилэр бэйэлэрин массыыналарынан таһан абыраатылар.

Онтон салгыы Украинаҕа тиийиэхтээх сирдэрбитин Наталья Охлопкова эрдэттэн былааннаан, кэпсэтэн, түргэнник булбуппут, Мариупольга тирэх пууҥҥа тиийбиппит. Туох баар көмө барыта манан ааһар эбит. Пуун салайааччыта Петр Лебедев эмиэ сүрдээх улахан көмөнү оҥордо. Сорох күн иккилии-үстүү массыынаны биэрэн тиийиэхтээх сирдэрбитигэр түргэнник, туох да мэһэйэ суох сырыттыбыт. Барыта 1 тонна 150 кг таһаҕаһы илдьэн биэрдибит. Ордук наадыйалларын – дроннары, тепловизордары, түүн көрөр прибордары, куйахтары булан илдьибиппитигэр олус үөрдүлэр. Сүрүн сырыылара түүн хараҥаҕа  уонна сарсыарда тумаҥҥа буолар эбит. Ол иһин итинник тэриллэргэ олус наадыйалларын эттилэр. Нэһилиэктэр манна үлэлэһиэхтэрин сөп эбит.

Барыта алта күн сырыттыбыт. Кэлэн иһэн Вишневскай аатынан байыаннай госпитальга биир дойдулаахтарбытын Васильев уонна Гоголев диэн уолаттары билистибит.

Сырыыбыт түмүгүнэн уолаттарбытыгар туһалаах, наадалаах маллары тиэрдибит эбиппит диэн тустаахтар санааларын истэн астынан кэллибит.

Бөлөх сырыытыгар төһө суумалаах көмө, туох тэриллэр ылыллыбыттарын туһунан сиһилии отчуот хаһыакка бэриллиэҕэ. Аны кулун тутар бүтүүтүгэр өссө көмө тиэрдиллэрэ былааннарын туһунан иһитиннэрдилэр.

Афанасий Сектяев

Читайте дальше