Анатолий Бурнашев сайылыгар уот ситимэ тардыллар

Лөгөй нэһилиэгин Кэптэни бөһүөлэгин олохтооҕо урбаанньыт, КФХ салайааччыта Анатолий Семенович Бурнашевтан үлэ-хамнас хайдах салаллан иһэрин, туох сонун­нааҕын туоһуластым.

Онуоха кини нэһилиэктэн 8 км. кэриҥэ тэйиччи сытар Туртай сайылыгар күүтүүлээх уот ситимэ тардыллан, үлэ-хамнас бара турарын туһунан кэпсээтэ. Ол курдук «Сырдык» ХЭТ (ген. дир. Алексей Ядрихинскай) инвест-бырагы­раа­манан «Якутскэнерго» тэрилтэни кытта дуогабардаһаннар, са­йылыкка кэлэн үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Үлэни ыам ыйын 20-гэр диэри түмүктүүр былааннаахтар. Оччоҕо күөх хайдах тахсарыттан, күн-дьыл туругуттан көрөн ити диэки сайылыктарыгар тахсыахтара.

Салгыы Анатолий Семенович маннык этэр:

– Уот ситимэ киирэрэ биһиэ­хэ улахан үөрүү. Урукку кэмҥэ дизелинэн олорбуппут. Онно уматыкка ороскуот бөҕө тахсар этэ. Уонна, оттон, үлэһиттэргэ үчүгэй усулуобуйа үөскүүр буоллаҕа. Бүгүҥҥү күҥҥэ диэри 71 ынах төрөөн, 60% төрүөх бэлиэтэннэ. Үүппүтүн «Мүрү-Ас» тэрилтэҕэ туттарабыт, үүт харчыта үчүгэйдик кэлэр. От-мас тиийэр, кыһыны этэҥҥэ туораатыбыт.

Мария Аргунова