Анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа Павел Иванову кытары көрсүһүү тэрилиннэ

И.С. Портнягин аатынан Сыырдаах орто оскуолатыгар сэтинньи 27 күнүгэр биир дойдулаахпыт, нэһилиэкпит биир биллэр-көстөр ыччата, оскуолабыт 2012 сыллааҕы выпускнига Павел Иванов анал байыаннай дьайыыттан бааһыран кэлэн, быстах көрдөрүнэ сылдьарын ыҥыран, оскуола үөрэнээччилэрин уонна үлэһиттэрин кытары көрсүһүүнү тэрийдибит.

Арассыыйаҕа бүттүүн бүрүүкээбит билиҥҥи уустук балаһыанньаҕа дьоннорун-сэргэлэрин көмүскэлигэр турбут, баҕа өттүлэринэн уонна ыҥырыллан ытык иэстэрин төлүү барбыт эр дьоммутунан, кинилэргэ күүс-көмө, өйөбүл буолар ийэлэринэн, кэргэттэринэн киэн тутта саныыбыт уонна түмсүүлээх норуот инникитэ бигэ кэскиллээх диэн эрэнэбит. Биһиги нэһилиэктэн анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар оҕолорбутун бу көрсүһүүгэ олоҕуран ааттаталыаҕыҥ: Иннокентий Семенович Колодезников, Павел Павлович Иванов, Василий Федорович Захаров, Василий Семенович Заболоцкий, Юрий Германович Бурцев, Михаил Михайлович Копырин, Станислав Егорович Горохов, Иван Егорович Попов, Михаил Лаврентьевич Атаков.

Ону тэҥэ, эйэлээх олох туһугар олоҕун толук уурбут полиция хапытаана, үгүс бойобуой мэтээл хаһаайына, анал байыаннай сорудаҕы хорсуннук толорбут «Эр санаа» уордьанынан наҕараадаламмыт Максим Семенович Колодезников. Тэрээһин аһыллыытыгар оскуолабыт дириэктэрэ И.Г. Портнягин оскуола обургу уолаттарыгар анаан иитэр-үөрэтэр сыаллаах-соруктаах тыл эттэ уонна Павелга оскуола кэлэктиибин аатыттан махтал сурук уонна сэмэй эрээри дириҥ суолталаах оскуола үлэһитэ З.Н.Копырина уус илиитинэн тутан-хабан, санаатын ууран туран оҥорбут харысхалын туттарда. Бииргэ үөрэммит доҕотторун аатыттан нэһилиэк салалтатын сүрүннүүр специалиһа Г.И. Пухов эттэ. Павел бэйэтин байыаннай олоҕун туһунан иһитиннэриитин уонна окопаҕа олорон уһулбут видеоларын көрүү кэннэ үөрэппит учууталлара, үрдүкү сүһүөх үөрэнээччитэ үтүөнү баҕаран тыл эттилэр. Тэрээһин түмүгэр оскуола үлэһитэ Андрей Васильев «Олох суола» ырыаны бэлэх уунна.

Ыытыллыбыт тэрээһинтэн бары да астынан тарҕастыбыт. Түгэнинэн туһанан Павелга хаһан да, ханна да сырыттаргын өрүүтүн төрөөбүт түөлбэҥ, сырдык-сылаас уулаах Сыырдаах эбэҥ салгына араҥаччылыы, көмүскүү-харыстыы сырыттын. Аймах-билэ, төрүт дьонуҥ, эрэллээх доҕотторуҥ алгыстарынан арчыланан, этэҥҥэ эргиллэн кэлэргэр диэн алгыс бастыҥын аныыбыт! Бүгүҥҥү дьоһун көрсүһүүбүт инники олохпутугар, үлэбитигэр, үөрэхпитигэр, Ийэ дойдуларын таптыыр, ытыктыыр кэнчээри ыччаты иитиигэ төһүү күүс буоллун. Барыгытыгар чөл туругу, бөҕө доруобуйаны, ситиһиилэри баҕарабыт.

Ньургуйаана Хорунова, Сыырдах орто оскуолатын иитэр үлэҕэ дириэктэри солбуйааччы.