Мүрү нэһилиэгин олохтооҕо улуустааҕы пенсионнай фонд бэтэрээнэ, амарах санаалаах ийэ, эбэ Варвара Сергеева анал байыаннай дьайыыга бааһырыыны ылан госпитальга эмтэнэ сытар биир дойдулаахтарбытыгар анаан, кинилэргэ көмөлөһөр Москва куоракка олорор, үлэлиир «Сахаволонтер» хамсааһыҥҥа көмөлөспүтэ биир сыл буолла.
Варвара Михайловна ааспыт сыл алтынньытыгар бастакы көмөтүн – 3500 солкуобайы «Сахаволонтёр» хамсааһын счётугар ыыппыта. Онтон ыла ый ахсын биирдии тыһыынча солкуобайы ыытар буолбута.
Кини үтүө бачыымын бииргэ үлэлээбит коллегалара, билигин доҕотторо-атастара өйөөннөр, кыбаартал аайы ким төһөнү кыайарынан түмэн ыытан кэллилэр.
Соторутааҕыта эмиэ харчынан көмөлөрүн ыытаннар, волонтердар үлэлэригэр төһүү күүһүнэн буоллулар.
Үтүө холобуру көрдөрөр биир дойдулаахтарбытыгар махтал тыллары аныыбыт, этэҥҥэ сылдьалларыгар баҕарабыт.
Поделиться: