Алексей Неустроев туһунан – биир дойдулаахтара

Арассыыйа Президенэ Владимир Путина «Алеша» тааҥка хорсун экипаһыгар Арассыыйа Дьоруойун Кыһыл Суолустарын атырдьах ыйын 23 күнүгэр Курскайга Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр Курскай Тоҕойго кырыктаах кыргыһыыга кыайыы 80 сылын бэлиэтиир үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ туттарда. Онон Саха сиригэр икки Дьоруой эбилиннэ, уус алданнар – тоҕус, байаҕантайдар түөрт Дьоруойданныбыт. Арассыыйа Дьоруойун үрдүк аатын ылбыт биир дойдулаахпыт кимий, хайдах киһиний диэн ыйытааччы үгүс. Онон бу ыйытыыга, биллэн турар, кинини оҕо эрдэҕиттэн билэр дьон хоруйдууллар.

Алексей Неустроев үөрэппит учуутала Марфа Ноговицына:

– Алеша Неустроев Танда орто оскуолатын 2003-2004 сыллааҕы выпускнига. Мин бу кылааһы 5- тэн 11-с кылааска диэри салайан илдьэ сылдьыбытым.

Алеша сүрдээх сэмэй, элбэх саҥата-иҥэтэ суох, киэҥ-холку майгылаах үөрэнээччи этэ. Үөрэҕэр кыһаллан үөрэммитэ, кылаас, оскуола общественнай олоҕор барытыгар тэҥҥэ кыттыһара. Субуотунньуктарга, араас походтарга, күрэхтэһиилэргэ, кимтэн да хаалсыбакка, тэҥҥэ сылдьара. Элбэх саҥата-иҥэтэ суох, бэриллибит сорудаҕы кэмигэр толороро.Бииргэ үөрэммит табаарыстарыгар истиҥ сыһыаннааҕа.

Кини ыал улахан оҕото буолан, дьиэтигэр, дьонугар элбэхтик көмөлөһөрө. Төрөппүттэрэ кинини үлэҕэ эрдэттэн үөрэппиттэрэ. Ол иһин ханнык да үлэттэн толлон турбакка, барытын сатыыр буола үөрэммитэ. Тиэхиньикэни барытын ыытара, үчүгэйдик уһанара.

Оскуоланы бүтэрэн баран, бииргэ үөрэммит уолаттарыттан аан бастакынан армияҕа сулууспалаабыта. Ол кэнниттэн кылгас кэмҥэ Намҥа СПТУ-га огранщик идэтигэр үөрэнэ сылдьыбыта. Онтон хомуурга ыҥырыллыар диэри оскуолаҕа бииргэ үөрэммит доҕотторун кытта Айаан Никифоров тыа сирин усулуобуйатыгар харгыһа суох сылдьар тиэхиньикэни таҥан оҥорор чааһынай тэрилтэтигэр үлэлээбитэ. Онон биһиги Алешабыт тиэхиньикэни чахчы баһылаабыта, ымпыгын-чымпыгын билэрэ итинтэн да көстөр.

Алеша үлэтин быыһыгар дьонугар, бииргэ төрөөбүттэригэр мэлдьи көмөлөһөр. Үчүгэйдик уһанар буолан, дьонун дьиэтин аныгы матырыйаалынан саҥалыы кырыыһалаан, тупсаҕай терраса, массыыналарыгар гараж тутан биэрбитэ. Онон Алексей дьонун, бииргэ төрөөбүттэрин саамай туллар тутаахтара, эркин курдук эрэнэр киһилэрэ.

Итинник сэмэй, сытыары-сымнаҕас майгылаах биһиги Алешабыт кыргыһыы уот холоругун быыһыгар сылдьан мындырдык толкуйдаан хорсун быһыыны көрдөрдө. Итинник түгэҥҥэ толкуйа суох киһи хорсун быһыыны оҥорбото буолуо. Олус кутталлаах тэҥэ суох киирсиигэ кыайыылаах тахсыбытыттан долгуйа үөрдүбүт… Кини хорсун быһыыта элбэх киһиэхэ холобур буолуоҕа… Хорсун хотой дьоруой уолбут Алексей Неустроев аата Саха сирин историятыгар көмүс буукубанан суруллуо.

Биһиги, бииргэ үөрэммит оҕолоро, үөрэппит учууталлара, бары киэн туттабыт! Этэҥҥэ дойдутугар эргиллэн кэлэригэр баҕарабыт.

Салгыы оҕо сааһыттан бииргэ улааппыт атаһа Айаан Никифоров доҕорун туһунан бу курдук кэпсиир:

– Алеша миигиттэн биир сыл үрдүкү кылааска үөрэммитэ. Оҕо эрдэхпититтэн бииргэ оонньоон-көрүлээн улааппыппыт. Уол оҕо быһыытынан кыра сааспытыттан тиэхиньикэ интэриэстээх этибит, күннээҕи кэпсэтиибит барыта ол туһунан буолара. Кини суоппар буолар ыра санаалааҕа эрээри, мэхээнньик үөрэҕэр үөрэммитэ.

Анал дьайыыга ыҥырыллан барыар диэри 10-ча сыл мин тэрилтэбэр үлэлээбитэ. Онон Алеша «Сахавездеход» тэрилтэ тэриллиэҕиттэн баара, онон бииргэ тэрийбиппит да диэххэ сөп.

Оҕо сылдьан Бороҕонтон Тандаҕа диэри элбэхтик сатыы сылдьыбыппыт. Танда урут суола-ииһэ букатын мөлтөх этэ. Ол сатыылыы сылдьан «тоҕо бу куһаҕан суолга кыахтаах тиэхиньикэни оҥорботторо буолуой?» диэн саныыр этибит. Өйбүтүгэр бэйэбит араас тиэхиньикэни оҥорон көрө-көрө, субу айан, оҥорон таһааран эрэр дьон курдук омуннара-омуннара кэпсэтии бөҕө буоларбыт. Ол ыра санаабыт бу тэрилтэни тэрийэргэ олук буоллаҕа.

Билигин тэрилтэбитин куһаҕан суоллаах-иистээх дьон, ордук хотулар бары билэллэр. Алешаны эмиэ билэллэр. Сварщик идэтэ суох эрээри, бэйэтэ үөрэнэн хайа да үөрэхтээх киһиттэн үчүгүйдик сыбааркалыыр. Тиэхиньикэҕэ сүрдээх сыстаҕас. Киһи быһыытынан холку, судургу, боростуой уол, эрэллээх доҕор. Үлэбэр тутаах киһим, уҥа илиим буолар. Бу саас уоппускаҕа кэлэн барбыта, көрсүбүппүт. Сулууспалыы да сылдьан эрийээччи, кыра дэриэбинэ боростуой, көҥүл уола буоллаҕа дии, дойдутун олус ахтар. Доҕорум этэҥҥэ сырыттар эрэ диэн баҕалаахпын.

Мария Аргунова