Александра Заболоцкая-Кырбасова сырдык кэриэһигэр ыытыллыбыт сүүрүү күрэхтэһиитигэр 50-ча оҕо кытынна

Бэҕэһээ Мүрү нэһилиэгэр легкай атлетикаҕа өрөспүүбүлүкэ хас да төгүллээх кыайыылааҕа, «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы III оонньуулар кыттыылааҕа Александра Заболоцкая-Кырбасова сырдык кэриэһигэр өрөспүүбүлүкэтээҕи аһаҕас турнир буолан ааста.

Манна Чурапчыттан, Мэҥэ Ханалас Төхтүрүттэн, Майаттан уонна Уус Алдан нэһилиэктэриттэн уопсайа 50-ча кыттааччы кэлэн кытынна.

Күүстээх тыал, тымныы, ардах диэбэккэ, спортсменнар илин-кэлин түһүстүлэр, бэйэлэрин кыахтарын, тулуурдарын, дьулуурдарын тургуттулар.
Күрэхтэһиигэ бирииһи Александра Заболоцкая-Кырбасова дьиэ кэргэнэ – оҕолоро, ийэтэ, бииргэ төрөөбүттэрэ, бииргэ үөрэммиттэрэ, дьарыктаммыт оҕолоро, ийэтин кэллиэгэлэрэ, аймахтара туруордулар. Онон кыайыылаахтар уу харчынан уонна телевизорга тиийэ улахан бириистэри туттулар.

Улуустааҕы оҕо спортивнай оскуолатын сүүрүүгэ тренерэ Мария Слепцова:

– Күрэхтэһии бэрт көхтөөхтүк, тыҥааһыннаахтык барда. Махтаныахпыт этэ күрэхтэһиини тэрийсибит Серафим Татаринов уонна Александара Кырбасова дьиэ кэргэттэригэр, чэпчэки атлетика улуустааҕы федерациятыгар, үөрэх улуустааҕы салалтатыгар, спортивнай оскуолабыт дириэктэригэр Дмитрий Готовцевка. Инникитин былааҥҥа киллэрэн күрэхтэһиибитин сыл көтө-көтө оҥорорго сорук туруоруннубут, – диэтэ.

Бу күрэхтэһиигэ улууспут хамаандатын оҕолоро 21 мэтээли, сыаналаах бирииһи ылары ситистилэр.

Мария Аргунова

Читайте дальше