Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы, Олоҥхо национальнай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков А.Е. Кулаковскай аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр буолан ааспыт Олоҥхо дэкээдэтин арыллыытыгар туһуламмыт тэрээһиҥҥэ кыттыыны ылла.
Бу күн «Симэх» норуот уус-уран оҥоһуктарын быыстапката, маастар кылаастар, Саха сирин норуоттарын муусука уонна фольклор түмэлин көрдөрүүлэрэ, СӨ Национальнай библиотекатын олоҥхоҕо аналлаах кинигэ быыстапката, «Айар» кинигэ кыһатын атыыта барыта бу дьоһун тэрээһиҥҥэ ананан кэлбит дьон болҕомтотун тартылар.
Тэрээһин төрүт үгэһинэн олоҥхону толоруу сиэринэн арыллыытын Олоҥхо тыйаатырын артыыстара ыытан сиэри ситэрэн, туому толорон биэрдилэр.
Олоҥхо күнүгэр анаммыт тэрээһин «Эдэр тэтим» бөлөх салайааччыта Сандр Находкин чочуйан таһаарбыт дьүһүйүүтүнэн арылынна. Соторутааҕыта Санкт-Петербург куоракка норуоттар икки ардыларынааҕы «Планета Искусств-2023» конкурс-фестивальга Нам улууһун П.П. Ядрихинскай–Бэдьээлэ аатынан Олоҥхо дьиэтин иһинэн тэриллибит «Эдэр тэтим» фольклорнай бөлөҕө ситиһиилээхтик кыттан Саха сирин ааттатта.
Мустубут дьону Олоҥхо кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков эҕэрдэлээтэ.
«Бүгүн манна мустубут дьоҥҥо туһаайан биири анаан чопчулаан этиэхпин баҕарабын, – диэтэ Александр Николаевич эҕэрдэ тылыгар. – Биһиги – саха омуга бэйэбит олоҥхобутун, уус-уран фольклорбутун, төрүт үгэстэрбитин чөл тутан илдьэ хааларга хара маҥнайгыттан таба дьаһаммыт омукка киирсэбит. Үгүс национальнай өрөспүүбүлүкэни ылан көрдөххө, биһиэхэ аан маҥнай судаарыстыбаннаспытын ылыахпытыттан олоҥхобутугар, омук быһыытынан төрүт үгэстэрбитигэр болҕомто күүскэ ууруллубута – сахатыттан, эбээниттэн, эбэҥкититтэн тутулуга суох, өрөспүүбүлүкэ төрүт олохтоох омуктарыгар барыларыгар.
Бу үлэни өрөспүүбүлүкэ биир сүрүн салайааччыта П.А. Ойуунускай бэйэтинэн иилээбитэ-саҕалаабыта. Кини өссө 1935 сыллаахха саха историятын, тылын уонна литературатын институтун арыттарбыта уонна 30-с сыллардаахха омук фольклорун, олоҥхотун хомуйууга киэҥ далааһыннаах, өрөспүүбүлүкэни барытын хабар үлэни тэрийбитэ. Ол түмүгэр биһиги ХХ үйэҕэ тиийэн кэлбит тылынан нэһилиэстибэбитин балай да чөл илдьэ хаалбыппыт. Өскөтүн ити кэмҥэ өрөспүүбүлүкэ дьаһалтата итинник дьаһамматаҕа буоллар, Былатыан Ойуунускайдаах курдук киэҥ өйдөөх-санаалаах дьон ити үлэни бэйэлэрин илиилэригэр ылбатахтара буоллар, бүгүн, дьиҥэр, үөрэтэрбит, харыстыырбыт да аҕыйах буолан олоруо этибит. Онон хара маҥнайгытыттан Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтата норуот тылын-өһүн, култууратын харыстыырыгар улахан болҕомтотун уурбута. Өрөспүүбүлүкэ биир бастакы салайааччыта М.К. Аммосов оннооҕор Кыргызстан өрөспүүбүлүкэтин бастакы сэкирэтээринэн талыллан үлэлии олорон, кыргыз эпоһын – Манааһы көмүскээн үс төгүл Кыргызстан өрөспүүбүлүкэтин салалтатыгар бу боппуруоһу туруорбута, редакционнай коллегия тэрийбитэ. Онон Манаас аан бастаан бэчээттэнэн тахсыытыгар саха олоҥхотун сүһэн илдьэ сылдьар саха киһитэ бу Кыргызстан сиригэр тиийэн кыргызтар эпостарын, мэҥэ тойуктарын харыстаһыыга тирэх буолбута. Ону кыргызтар билиҥҥээҥҥэ диэри өйдүүллэр, чугастык ылыналлар», – диэн Александр Жирков эттэ.
Салгыы кини кэнники да кэмнэргэ өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар тылга сыһыаннаах С.С. Васильев–Борогонскай бэйэтэ оҕолорго анаан тэттик олоҥхолору суруйан хаалларбытын, В.А. Протодьяконов–Кулантай өрөспүүбүлүкэни салайан олорон саха тыла-өһө сайдыытыгар улахан суолта биэрбитин аҕынна. Итинник тылга сыһыаннаах утум салҕанан бара турбута, ону Г.П. Башарин, И.В. Пухов, Г.У. Эргис, Н.В. Емельянов курдук улахан учуонайдар күүскэ өйөөбүттэрэ. 40-с сыллартан саҕалаан Г.П. Башарин саха олоҥхотун суолтатын туһунан хас да улахан ыстатыйаны суруйбута. Саха бастакы бөлөһүөгэ А.Е. Мординов ити хайысхаҕа күүскэ ылсан үлэлээбитэ. Саха суруйааччылара эмиэ ити хайысхаҕа бэлиэ суолу хаалларбыттара.
Билиҥҥи салайааччылартан холобур быһыытынан Айсен Сергеевич Николаев бэйэтин эһэтин А.Т. Титаров олоҥхотун туспа кинигэ оҥорон таһаартарбытын, СӨ солбуйар бэрэссэдээтэлэ Сергей Васильевич Местников эһэтин А.Г. Местников олоҥхотун архыыптан булан кинигэ оҥотторон таһаарбытын, итинник дьаһаныылар өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар барытыгар төрөөбүт тылга, төрүт үгэскэ, ытыктабыллаах сыһыан холобурунан буолаллар диэн Александр Жирков бэлиэтээтэ.
Кэнники сылларга Сахабыт сиригэр Олоҥхо күнүгэр аналлаах декаданы ыытыы үтүө үгэскэ кубулуйда. Ол курдук, Олоҥхо декадатын кэмигэр уон тыһыынчаттан тахса киһини хабар олоҥхоҕо аналлаах научнай-практическай кэмпириэнсийэлэр, быыстапкалар, куонкурустар, дьүһүйүүлэр, испэктээктэр тохтоло суох ыытыллаллар. Быйылгы декада сэтинньи 25-тэн ахсынньы 9 күнүгэр диэри икки нэдиэлэ устата барыаҕа.
Кэм-кэрдии хаамыытынан сүтэрбит үгэстэрбит, дьарыктарбыт Олоҥхо ыһыахтарыгар тирэҕирэн сөргүтүллэллэр. Ол түмүгэр саха таҥаһын араас көрүҥэ элбээтэ, сахалыы симэх, иһит-хомуос, туттар тэрил эмиэ байытылынна, хас улуус, нэһилиэк ахсын идэтийбит маастардар баар буоллулар. Олоҥхо ыһыаҕа суолтата улаатан, тэнийэн билигин өрөспүүбүлүкэ таһыттан эмиэ олоҥхоһуттар уонна олоҥхону чинчийээччилэр кыттыыны ылаллар. Тойукка, олоҥхоҕо холонор киһи урут тарбахха баттанар эбит буоллаҕына, күн бүгүн кинилэр ахсааннара үүнэ-үксүү турар. Саамай суолталааҕа, быыкаайык оҕолор оллоонноон олорон тойук тылын этэллэриттэн саҕалаан эдэрдэр бу эйгэҕэ тардыһыылара күүһүрдэ.
Олоҥхо ыһыаҕар саҥа көрүҥ быһыытынан оҕунан ытыы, уустар күөн-күрэстэрэ курдук умнулла быһыытыйбыт норуот түҥ былыргыттан илдьэ кэлбит төрүт дьарыктара киирбиттэрэ дьон-сэргэ үрдүк сэҥээриитин ыллылар. Кэнники кэмҥэ ордук ыччат дьон өбүгэлэрин түҥ былыргы төрүт дьарыктарын сөргүтүүнү ытык иэс быһыытынан дууһаларынан ылынан бу эйгэҕэ хото киирэн эрэллэрэ Олонхо ыһыаҕын суолтатын дириҥэтэн, кэҥэтэн биэрдэ.
Санатан эттэххэ, Олоҥхо национальнай кэмитиэтин салайааччыта Александр Жирков оҕунан ытыыны уонна саха уустарын ытык идэлэрин сөргүтэр, өйүүр уонна тарҕатар чопчу сыал-сорук туруоран Олоҥхо өрөспүүбүлүкэтээҕи ыһыаҕын түһүмэҕэр сүрүн күрэс быһыытынан киллэттэрэн, саха норуотун, хотугу норуоттар омук быһыытынан уратыларын көрдөрөр сүрүн дьарыктара сөргүтүллэн тэнийэригэр олук уурбутун олох көрдөрдө.
Ил Түмэн пресс-сулууспата