Александр Жирков икки нэһилиэк тыын кыһалҕатын быһаарарга үлэлэһэр

Бүгүн Ил Түмэн дьокутаата Александр Жирков, “СӨ ДьУоКХ” ГУТ генеральнай дириэктэрин бастакы солбуйааччы, кылаабынай инженер Александр Корякин, СӨ ДьУоКХ уонна энергетикаҕа министиэристибэтин коммунальнай комплекс, энергоэффективность уонна административнай үлэ департаменын салайааччыта Айсен Кирсанов Уус Алдан улууһугар үлэлээтилэр.

Өнөр нэһилиэгэ. Өнөрдөр уһун сылларга тыын кыһалҕаларынан оскуола дьиэтэ суоҕа буолар. Бу оскуола тутуутун үлэтэ кэлэр сылтан хамсыыра күүтүллэр. Онуоха саҥа эбийиэги ититиинэн хааччыйар үрдүк кыамталаах хочуолунай ирдэниллэр. Инникитин бу хочуолунай нэһилиэнньэни 100% ититиинэн хааччыйарга төһүү буолара саарбахтаммат.
Билигин Өнөр нэһилиэгэр толору кыаҕынан үлэлии турар 5,3 МВт кыамталаах «Эрэл» киин хочуолунай 77 эбийиэги (бу иһигэр 66 чааһынай олорор дьиэни, 11 социальнай эбийиэги) ититиинэн хааччыйар. Маныаха бу хочуолунайга эбии саҥа тутуулары, чааһынай дьиэлэри холбуурга кыамтата тиийбэтэ биллэр.
Онон бу нэһилиэк социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар төһүү күүһүнэн буолар хочуолунайы оскуола бырайыагын кытта тэҥҥэ оҥорон, тутуута эмиэ тэҥҥэ барарын туһугар сөптөөх быһаарыныы ылылынна.

Лөгөй нэһилиэгэ. Хомустаах бөһүөлэгин олохтоохторо тымныы уунан хааччыйар ситими туруорсаллар. Маныаха бу үлэни ыытарга министиэристибэҕэ киирэн, өссө сиһилии кэпсэтии, быһаарсыы, үлэ былаанын торумнааһын барыахтааҕа ыйылынна.

Маннык бырайыакка хайаатар да ууну хаһаанар, ыраастыыр станция баар буолуохтаах эбит. Онон үбүлээһинигэр араас бырагыраамаларга үлэлэһэргэ сүбэлээтилэр.

Итиэннэ нэһилиэнньэни ититиинэн хааччыйар былааннаммыт үлэ туһунан кэпсэттилэр. Тутуу матырыйаалын олохтоох дьаһалта толору тиэйэн аҕаллаҕына, үлэтин олохтоох ДьУоКХ үлэһиттэрэ кыстыгы көрсө тутан бүтэриэхтээхтэр.

Бу сырыы кэнниттэн Өнөр, Лөгөй нэһилиэктэрин баһылыктара Николай Лукачевскай, Николай Попов уонна улуус баһылыга Василий Аммосов тустаах тэрилтэлэри кытта үлэлэһэн, ылыммыт соруктарын тиһэҕэр тиэрдэллэрин нэһилиэнньэ эрэнэ күүтэр.

Ольга Шепелева