Александр Жирков Башкортостан өрөспүүбүлүкэтигэр, Судаарыстыбаннай Думаҕа уонна Ямало-Ненецкэй автономнай уокурукка сырыыта

Ньургун Боотур башкир тылынан саҥарда

Башкортостан өрөспүүбүлүкэтигэр Уфатааҕы федеральнай чинчийэр киин историяҕа, тылга уонна литератураҕа институтун учуонайдара П.А. Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотун башкир тылыгар тылбаастаан туспа кинигэнэн бэчээттээн таһаардылар. Бу иннинэ хардарыта сүбэлэһии быһыытынан Саха сирин учуонайдара башкир норуотун «Ураал Баатыр» диэн аатырбыт эпическэй айымньытын сахалыы тылбаастаан таһаарбыттара. Түүр тыллаах омуктар эпическэй айымньыларын хардарыта тылбаастаһыы аан бастаан 2014 сыллаахха V ыҥырыылаах Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ, «Эпосы народов мира» норуоттар икки ардыларынааҕы түмсүү вице-президенэ Александр Жирков көҕүлээһининэн саҕаламмыта. Ити саҕалааһын чэрчитинэн билигин кыргыз омук «Манас», тывалар «Хунан Хара», алтаайдар «Маадай Хара» уонна башкирдар «Ураал Баатыр» диэн бастыҥ эпическэй айымньылара сахалыы тылбаастаннылар, оттон «Ньургун Боотур» олоҥхо бу омуктар тылларыгар тылбаастанан тарҕанна. Салгыы турок, хакас, казах учуонайдарын кытта хардарыта тылбааска үлэ бара турар.

«Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхону башкир ааҕааччытыгар билиһиннэрии сиэрэ-туома Башкортостан өрѳспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕын – Курултаай Геральдическай саалатыгар ыытылынна. Саха олоҥхотун башкир тылынан сүрэхтээhин кэмпириэнсийэтигэр Арассыыйа наукаларын академиятын Уфатааҕы федеральнай чинчийэр киинин салайааччыта Василий Мартыненко, Башкортостан өрѳспүүбүлүкэтин наукаларын академиятын президенэ Камиль Рамазанов, Уфатааҕы федеральнай чинчийэр киин историяҕа, тылга уонна литератураҕа институтун дириэктэрэ Зугура Рахматуллина, Уфатааҕы федеральнай чинчийэр киин историяҕа, тылга уонна литератураҕа институтун фольклористикаҕа отделын сэбиэдиссэйэ, саха эпоhын башкир тылыгар тылбаас эппиэттиир редактора Гульнур Хусаинова, бу институт тылга отделын сэбиэдиссэйэ Гульназ Ягафарова, Башкортостан өрѳспүүбүлүкэтин култуураҕа миниистирин солбуйааччыта Ильнур Мухьянов, 2011-2018 сылларга Башкортостан өрѳспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта, М. Акмулла аатынан Башкир судаарыстыбаннай педагогическай университетын ректора Салават Сагитов уонна да атын учуонайдар, литератордар, общественнай деятеллэр, культура үлэһиттэрэ кытыннылар.

Саха сириттэн Ил Түмэн бастакы вице-спикерэ Александр Жирков, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ профессора Василий Илларионов уонна «Олоҥхо» театрын артыыската, саха героическай эпоhын толорооччу Анастасия Алексеева кытыннылар. Конференция кыттааччылара саха уһулуччулаах олоҥхото башкир тылынан тахсыбытын Аан дойду эпическэй айымньыларын харыстыыр, тарҕатар үлэ биир дьоһуннаах ситиһиитэ диэн сыаналаатылар, инникитин маннык таһымнаах үлэ салҕанан барарыгар кыттыһар, бииргэ үлэлэһэр баҕаларын биллэрдилэр.

Башкортостан судаарыстыбаннай педагогическай университетын ректора Салават Сагитов аан бастаан 2014 с. Башкортостан өрөспүүбүлүкэтин президенэ Рустэм Хамитов уонна Саха өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков саха уонна башкир норуоттарын эпическэй айымньыларын хардарыта тылбаастаһыыны тэрийэр туһунан кэпсэтиилэрэ буолбута диэн эттэ. Сүбэлэһии түмүгүнэн Рустэм Хамитов Башкортостан өттүттэн бу үлэни тэрийэригэр Салават Сагитовка сорудах биэрбит. Салават Талгатович оччолорго өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччытынан үлэлиирэ.

Арассыыйа наукаларын академиятын Уфатааҕы федеральнай чинчийэр киинин президенэ, биологическай наука доктора, профессор, Василий Мартыненко, Башкортостан наукаларын академиятын президенэ, техническэй наука доктора, профессор Камиль Рамазанов «Аан дойду эпическэй айымньылара» бырайыак норуоттар икки ардыларыгар гуманитарнай, культурнай ситими олохтуурга, бииргэ үлэлэһиини тэрийэргэ суолтатын бэлиэтээтилэр, Саха сиринээҕи научнай киин уонна Саха өрөспүүбүлүкэтин наукаларын академиятын салалталарыгар, бары коллегаларыгар бу ситиһиинэн бэйэлэрин эҕэрдэлэрин тириэртилэр.

Бу тэрээһин кэмигэр Александр Жирков Башкортостан өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕын – Курултай бэрэссэдээтэлин Константин Толкачевы кытта көрүстэ. Көрсүһүү кэмигэр кинилэр 2017 сыллаахха Саха өрѳспүүбүлүкэтин уонна Башкортостан өрөспүүбүлүкэтин парламеннарын икки ардыларыгар түhэрсиллибит бииргэ үлэлиир туhунан сөбүлэhии конструктивнай суолтатын бэлиэтээтилэр, бырааттыы ѳрѳспүүбүлүкэлэр парламеннарын икки ардыларыгар бииргэ үлэлээhини салгыы кэҥэтии саҥа хайысхаларын дьүүллэстилэр.

 «Российскай Федерация судаарыстыбаннай тылын туhунан» сокуоҥҥа үлэ салҕанар

Урут иһитиннэриллибитин курдук, 2023 с. алтынньыга Судаарыстыбаннай Дума депутаттарын улахан бөлөҕө аhаҕас эйгэҕэ нуучча тылын Арассыыйа Федерациятын судаарыстыбаннай тылын быhыытынан кѳмүскээhиҥҥэ уонна ордук толору туhанылларын хааччыйарга туһуламмыт сокуон барылын киллэрбитэ. Бу судаарыстыбаннай тылы көмүскээһиҥҥэ туhалаах бырайыакка Арассыыйа норуоттарын национальнай тылларын аhаҕас эйгэҕэ туhаныы уратыларын нуормата, чуолаан нууччалыы (кириллица) алфавитыгар суох буукубаларын туhаныы туhунан нуорма киирбэккэ хаалбыта национальнай өрөспүүбүлүкэлэргэ общественность болҕомтотугар турбута.

Саха сирин парламена бу сокуон барылыгар бэйэтин этиилэрин киллэрбитэ, ол этиилэр билигин Судаарыстыбаннай Думаҕа көрүллэллэр. Ааспыт 2023 сыл ахсынньытыгар Александр Жирков саха парламенын этиилэрин ѳйѳѳhүҥҥэ дойду былааhын сокуону таhаарар үрдүкү уорганыгар национальнай ѳрѳспүүбүлүкэлэр Судаарыстыбаннай Думаҕа депутаттарын кытары кѳрсүhүүлэри ыыппыта. Оттон Судаарыстыбаннай Дума култуураҕа кэмитиэтин аппаратын кытта Ил Түмэн спикерэ Алексей Еремеев кѳрсѳн кэпсэппитэ. Бу сырыыга Александр Жирков Судаарыстыбаннай Дума бэрэссэдээтэлин солбуйааччыларын Владимир Васильевы уонна Иван Мельниковы, Арассыыйа Федеральнай мунньаҕын Судаарыстыбаннай Думатын сорох депутаттарын кытта салгыы кэпсэттэ. Билигин Федеральнай сокуон барыла бастакы ааҕыыга бэлэмнэнэр.

 Арассыыйа табаhыттарын национальнай сойуустарыгар Анатолий Добрянцев үтүѳ аатын кэриэстээтилэр

Ямало-Ненецкэй автономнай уокурукка кулун тутар 28-29 күннэригэр табаhыттар V-с Бүтүн Арассыыйатааҕы съезтэригэр саҥа талыллыбыт Арассыыйа Федерациятын табаhыттарын национальнай сойуустарын правлениетын бастакы мунньаҕа буолла. Табаhыттар Арассыыйатааҕы сойуустарын тэрээhиннэригэр Чукотка, Сахалин, Тыва, Саха сирин, Хабаровскай кыраай уо.д.а субъектар бэрэстэбиитэллэрэ, Арассыыйа Федерациятын сэбиэтин чилиэнэ Григорий Ледков, «Аан дойду табаhыттара» ассоциация президенэ Сергей Харючи, Ямало-Ненецкэй автономнай уокурук губернаторын солбуйааччыта Сергей Климентьев, Арассыыйа табаhыттарын национальнай сойуустарын президенэ Михаил Яр, Россия Федерациятын наукатын, национальнай общиналарын, маассабай информация сириэстибэлэрин бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар.

Санаттахха, 2017 с. ахсынньытыгар Дьокуускай куоракка буолбут табаhыттар Бүтүн Арассыыйатааҕы IV-с съезтэригэр Арассыыйа Федерациятын табаhыттарын национальнай сойуустарын президенинэн Саха Ѳрѳспүүбүлүкэтин V-с ыҥырыылаах Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Анатолий Добрянцев талыллыбыта. Кини Саха сирин парламеныгар талыллыар диэри сүүрбэччэ сыл устата Арктика табаны иитэр бөдөҥ совхозтарыгар зоотехнигынан, дириэктэри солбуйааччынан, дириэктэринэн, Аллараа Халыма улууhун баhылыгын бастакы солбуйааччытынан, Хаҥалас улууhун баhылыгынан, Саха Ѳрѳспүүбүлүкэтин айылҕатын харыстабылын миниистирин бастакы солбуйааччытынан үлэлээбитэ. Улахан тэрийэр дьоҕурдаах, таба иитиитин ымпыгар-чымпыгар тиийэ билэр табаhыттар Арассыыйатааҕы сойуустарын саҥа президенин Арктика үлэhит дьоно-сэргэтэ сѳбүлээбитэ, ылыммыта. Анатолий Анатольевич киниэхэ сүктэриллибит бу улахан үлэни олохтон барыар диэри дьоhуннаахтык толорбута.

Арассыыйа Федерациятын табаhыттарын национальнай сойууhун саҥа салалтатын бастакы мунньаҕар, бу иннинээҕи болдьоххо табаhыттар сойуустарын биэс сыл устата, 2017-2022 сс. салайбыт Анатолий Анатольевич Добрянцев үтүѳ аатын кэриэстээтилэр. Александр Жирков «Аан дойду табаhыттара» ассоциация сэбиэтин президенэ Сергей Николаевич Харючига, Арассыыйа Федерациятын сэбиэтин чилиэнигэр Григорий Петрович Ледковка уонна Арассыыйа Федерациятын табаhыттарын национальнай сойуустарын саҥа талыллыбыт салайааччытыгар Михаил Едайкович Ярга «Иркутско-Якутский почтовый тракт: прошлое и настоящее» диэн А.А. Добрянцев кинигэтин бэлэхтээтэ, мустубут дьоҥҥо V-с ыҥырыылаах Саха сирин парламенын салалтатыгар бииргэ үлэлээбит коллегатын, доҕорун, кини олоҕун суолун туhунан кэпсээтэ, С.Н. Харючига уонна Ямало-Ненецкэй автономнай уокурук законодательнай мунньаҕын бэрэссэдээтэлигэр С.М. Ямкиҥҥа Саха өрѳспүүбүлүкэтин Ил Дархана А.С. Николаев махтал суруктарын туттартаата.

С. Софронов

Ааптар, БѲ Курултайын пресс-сулууспатын, БСПУ пресс-сулууспатын хаартыскаҕа түhэриилэрэ