Айхаллан үлэнэн, уруйдан уйгулаах олоҕунан

Самаан сайын силигилээн турар кэмигэр Дүпсүн орто оскуолатын 1968 с. бүтэрбиттэр Суоттуга “Доҕордоһуу” музей-комплекска оскуоланы бүтэрбиттэрин 55 сылын бэлиэтиир үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ мустубуттара. Үлэ сылынан көрсүһүү кэрэни кэрэһэлиир, үтүөнү үксэтэр “Айхаллан үлэнэн, уруйдан уйгулаах олоҕунан!” тылларынан кынаттанан өрө көтөҕүллүүлээхтик ыытыллыбыта.

Көрсүһүү үөрүүлээх чааһын өр сылларга үөрэммит оскуолатыгар завуһунан, үөрэх үлэһиттэрин идэлэрин таһымын үрдэтэр институкка үйэ чиэппэриттэн ордук кэмҥэ үлэлээбит СӨ үтүөлээх учуутала Варвара Сыроватская хомоҕой тылынан салайан ыытта. Саха үгэһинэн салама ыйаан, алаадьынан айах тутан түмсүү салайааччыта Татьяна Черноградская аан тылы аһан ойон-тэбэр оҕо сааһы санатыһар бэлиэ күҥҥэ үтүөнү баҕарбыта.

Дүпсүн орто оскуолатын 55 сыл анараа өттүгэр 52 оҕо бүтэрбититтэн үөрүүлээх көрсүһүүгэ 21 буолан түмүстүлэр. Чугдаарар чуорааннаах оскуоланы бүтэрбиттэрэ 55 сылыгар выпуск оҕолоро айхалланар үлэни үрүлүйэ үлэлээн уйгуну уһансан кэллилэр.

Күн бүгүҥҥэ диэри талбыт идэлэринэн бэриниилээхтик үлэлии сылдьар уонна сынньалаҥҥа да таҕысталлар, инники күөҥҥэ сылдьар доҕотторугар анал ааттары туттардылар. Учуутал уонна педагог сылынан Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумун преподавателигэр, РФ орто профессиональнай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитигэр, “Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайыныгар Елизавета Кириллинаҕа, Ленскэй оройуонун Витим орто оскуолатын учууталыгар, РФ уопсай орто үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитигэр, В.П. Ларионов аатынан кыһыл көмүс мэтээл хаһаайыныгар Людмила Леонтьеваҕа, СӨ үтүөлээх тириэньэригэр, педнаука хандьыдаатыгар Николай Рожиҥҥа, геолого-минералогическай наука хандьыдаатыгар Семен Готовцевка, Мындаабатааҕы “Кэнчээри” уһуйаан мэтэдьиис иитээччитигэр, СӨ учууталлар Учууталларыгар, СӨ Баһылыгын “Өрөспүүбүлүкэ бастыҥ педагога” анал аатын лауреатыгар Клавдия Васильеваҕа, Мындааба “Кэнчээри” уһуйааныгар оҕону иитиигэ өр сылларга эҥкилэ суох үтүө суобастаахтык үлэлии сылдьар үлэ бэтэрээнэ Матрена Заболоцкаяҕа, РФ уонна СӨ доруобуйа харыстабылын туйгуннарыгар Бээдитээҕи ФАП биэлсэригэр Мария Нафанаиловаҕа, Чэриктэйдээҕи ФАП биэлсэригэр Татьяна Свешниковаҕа ааттаан-суоллаан үөрдэ-көтүтэ туттардылар. Мэҥэ Хаҥалас Павловскайыгар олорор педүлэ бэтэрээннэригэр Светлана Ивановаҕа уонна Нөөрүктээйи нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕор Евдокия Бочкареваҕа, Дьокуускайга олорор баһаарынай сулууспа полковнигар Василий Шадриҥҥа, Уус Маайа оройуонугар олорор СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитигэр Анастасия Прибылыхха “Биһиги киэн туттуубут” анал ааттары туттардылар. Өнөр нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕор Николай Неустроевка “Хомоҕой тыллаах хоһоонньут” аатынан айар талаанын бэлиэтээтилэр.  Выпуск туһунан араас сылларга үс кинигэни суруйан таһаартарбытын иһин Дүпсүн орто оскуолатын дириэктэринэн, нэһилиэк баһылыгынан, кэлин үөрэх министиэристибэтигэр үлэлээбит СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитигэр Валерий Васильевка махтал суругу кытта өйдөбүнньүк бэлэҕи утары ууннулар.

Выпуск оҕолорун ортотугар салайар үлэҕэ уһуннук үлэлээбиттэр аҕыйаҕа суохтар. Чэриктэйгэ сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн, нэһилиэк баһылыгынан өр сылларга үлэлээбит Владимир Соловьеву, “Энергосбыт” тэрилтэтин салайбыт Михаил Куличкины улуус олохтоохторо билэллэр. Оттон тыа хаһаайыстыбатыгар үрдүк көрдөрүүлээх үлэлэринэн дьон махталын ылбыт Саха АССР  IX ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаата Наталья Горохова, “Лена” сопхуос бэтэринээр бырааһа Наталья Никифорова, “Дүпсүн” сопхуос зоотехнига Светлана Прядезникова, үөрэх салаатыгар кылаабынай экэнэмииһинэн, кылаабынай бухгалтерынан үлэлээбит Татьяна Черноградская, Бороҕонтон үлэ бэтэрээнэ Николай Попов, Дүпсүн орто оскуолатын история учууталынан үлэлээбит СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ Марфа Ховрова ааттара дорҕоонноохтук иһиллэрэ.

Үөлээннээхтэрэ Марк Ушницкай Абый улууһугар үөрэх управлениетын начаалынньыгынан таһаарыылаахтык үлэлээбитэ, СӨ үтүөлээх учуутала буолбута. Ити курдук бу выпустан Андрей Сивцев РФ үтүөлээх мелиоратора буолбута, 6 киһи СӨ үтүөлээх үлэһитэ ааты ылбыттара үлэнэн уруйдаммыт выпуск буолалларын бигэтик туоһулуур. Маны тэҥэ аҕыс Арассыыйа туйгун уонна бочуоттаах, Саха сирин 13 туйгун үлэһитэ бааллар. Чахчы да үлэни олохторугар өрө тутан кэлбит сэмэй үлэһит үтүөтэ дьон кинилэр буолаллар. Маны тэҥэ 2 наука хандьыдаата баара выпуск аатын үрдэтэр.

1968 с. Дүпсүн орто оскуолатын үөрэнэн бүтэрбиттэр оскуола биир саамай түмсүүлээх, чаҕылхай выпуһа буолаллар.

Көрсүһүүгэ ойууру харыстааһыҥҥа күүһүн-күдэҕин ууран үлэлээбит Чэриктэй нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕун Владимир Босиковы 75 сааһынан уруйдаан үтүө-мааны эҕэрдэ тыллары анаатылар, “1968 сыллааҕы выпуск бочуоттаах бэтэрээнэ” анал бэлиэни туттардылар.

Елена Сыроватская, уопсастыбаннай кэрэспэдьиэн, Арассыыйа суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ