Евдокия Давыдовна Иванова – Айар Санаа 1967 сыллаахха Уус Алдан улууһугар Бэрт Ууһун нэһилиэгэр биэс оҕолоох Ивановтар дьиэ кэргэҥҥэ иккис оҕонон күн сирин көрбүтэ. Оскуоланы бүтэрэн баран, Свердловскайга культурнай-просветительскай училищеҕа библиотечнай отделениетыгар үөрэммитэ. Ол кэнниттэн икки үрдүк үөрэҕи бүтэрбитэ: культура (АГИКИ) уонна юридическай (ХИФУ). Кэргэннээх, икки кыыс оҕолоох, уол оҕо сиэннээх. Улахан кыыһа Диана М.К. Аммосов аатынан ХИФУ филологиятын нуучча тылын салаатын бүтэрэн учуутал идэлээх, В.Г. Белинскэй аатынан Дьокуускайдааҕы библиотекаҕа үлэлиир. Кыра кыыһа Светлана М.К. Аммосов аатынан ХИФУ юридическай факультетын бүтэрэн, тэрилтэҕэ закупка салаатыгар юристыыр.
Евдокия Давыдовна СӨ Национальнай библиотекатыгар Библиография киинигэр үлэлиир. Библиотекарь идэтин таларыгар Сыырдаах библиотекара Клара Федоровна Слепцованы оҕо эрдэҕиттэн «дойдубутугар ыытыллар араас тэрээһиннэргэ барытыгар кыттар наһаа даҕаны элбэх киэҥ билиилээх кыраһыабай, мааны даҕаны көрүҥнээх кэрэ киһи» диэн астына, сөҕө-махтайа, ытыктыы көрөрүттэн, кини курдук буолуон баҕарарыттан кыыс оҕо өйүгэр-санаатыгар дириҥник сөҥмүтүттэн буолуон сөп диэн билинэр уонна наһаа истиҥник, махтана саныыр. Улахан кылаастарга үөрэнэ сылдьан Екатерина Аммосоваҕа кулуупка үҥкүүгэ дьарыктаммыта, ол эмиэ бу култуура эйгэтигэр үлэһит буоларыгар төһүү күүс буолбута диэн олоҕун суолун ыйбыт аҕа саастаах учууталларын кэриэтэ саныыр дьоннугар олус диэн улахан махталлаах. Билигин Евдокия Давыдовна бэйэтэ эдэр ыччаты кэрэ эйгэҕэ уһуйар, эдэр дьон төрөөбүт дойдуга бэриниилээх, үөрэхтээх, сайдыылаах, тулалыыр эйгэҕэ үтүө сыһыаннаах, уопсастыбаҕа туһалаах буолалларыгар кыһаллар. СӨ НБ иһинэн Оҕо уонна эдэр ыччат Киинигэр үлэлиир кэмнэригэр үлэтин хайысхатынан куорат бары оскуолаларыгар баһаам элбэх патриотическай, историческай, правовой уруоктары тэрийэн ыыппыта туоһулуур.
Евдокия Давыдовна айылҕаттан бэриллибит дьоҕура элбэх, иллэҥ кэмигэр хоһоон айар, уруһуйдуур, иистэнэр. Айар Санаа диэн псевдонимы бииргэ үлэлиир коллегаларынаан сүбэлэһэн баран ылыммыт. “Сахалыы ааты иҥэринэр эмиэ туспа суолталаах, араас элбэх үчүгэй ааты эппиттэриттэн итини талбытым, кэнники кэмҥэ дьон сахалыы ааттанар буолбуттара, оҕолорун сахалыы ааттыыллара наһаа үчүгэйдик иһиллэр”, – диэн санаатын үллэстэр.
Евдокия Давыдовна – Айар Санаа суруйар, айар дьоҕура кулуупка үлэлиир сылларыгар саҕаламмыта. Биллэн турар, кулууп үлэһитэ элбэх араас тэрээһиннэри нэһилиэнньэҕэ анаан ыытар, тэрийэр. Найахы, Арыылаах кулууптарыгар үлэлии сылдьыбыта. 90-с сылларга Хаҥалас улууһугар Нөмүгү сэлиэнньэтигэр үлэлээбитэ. Ол кэмнэргэ хас бэлиэ күн ахсын сценарий бөҕөтүн суруйан, кэнсиэрдэри ыытан, үҥкүү, театр куруһуоктарын тэрийэн тигинэччи үлэлээбитэ. 1994 с. куоракка көһөн кэлбиттэрэ. 2000 сыллартан саҕалаан айар иэйии кэллэҕинэ хоһоон айан суруйар буолбута. Евдокия Давыдовна ол кэмнэргэ үлэ-үөрэх үөһүгэр сылдьан, бириэмэтэ суох буолан үгүс хоһооннору куоттарбыта. “Айар кут иэйиитэ кэллэҕинэ тута суруйан бэлиэтэммэтэххэ көтөн-сүтэн, симэлийэн хаалар эбит. Ол иһин кэлин суотабай телефон баар буолан тута онно сурунар буолбутум”, – диэн бэлиэтиир. Аан бастакы халыҥ тэтэрээккэ суруммут хоһооннорун дьиэттэн дьиэҕэ көһө сылдьан сүтэрэн кэбиспит, онно наһаа элбэх хоһооннорун тиспит эбит, баҕар кэлин көстүөҕэ. Кэлиҥҥи сылларга балачча элбэх хоһоон айыллан суруллубут. Сайыҥҥы сынньалаҥар быыс буллаҕына хоһооннорун иккис кинигэтин таһаараары бэлэмниир былааннаах.
Евдокия Давыдовна Иванова – Айар Санаа СӨ Национальнай библиотекатын электроннай таһаарыыларыгар бастакы хоһооннорун кинигэтэ «Күлүмнүүр күнтэн күүс ылан» диэн ааттанан сыыппараҕа бэчээттэнэн 2021 с. тахсыбыта. Айар Санаа лириката төрөөбүт дойдуга, айылҕаҕа, дьонугар-сэргэтигэр сүрэҕэр сөҥмүт тапталын арыйыы буолар. Ааптар нуучча классикатын уонна аныгы литератураттан хоһооннору тылбаастыыр. Сергей Есенин, А.С. Пушкин, Анна Ахматова, Марина Цветаева, Владимир Высоцкай уо.д.а. поэзияларын холобур оҥостор. Саха суруйааччыларыттан Алексей Кулаковскай – Өксөкүлээх Өлөксөй, Платон Слепцов — Ойуунускай, Анемподист Софронов – Алампа, Семен Данилов, Иван Гоголев, Иван Николаев – Уххан, Наталья Михалева – Сайа уонна да атын суруйааччылар айар үлэлэрин сэҥээрэр. Хомуурунньукка Евдокия Иванова – Айар Санаа хоһоонноро, ырыа-хоһоонноро, көҥүл тылбаастара киирдилэр. Бу СӨ НБ ЭБ сайтыгар сыыппараҕа киирбит кинигэни бу ссылканан киирэн ааҕан билсиэххитин сөп https://new.nlrs.ru/open/64485
Евдокия Иванова – Айар Санаа хоһоонноро “Үйэ”, “Далбар Хотун”, “Полярная звезда” сурунаалларга бэчээттэммиттэрэ. “Үйэ” сурунаалга кини “Киһи уонна Кинигэ” диэн ааптарыскай рубриканы арыйан дьиэ кэргэн ааҕарыгар аналлаах саҥа кинигэлэр тустарынан элбэхтик суруйбута. Билиҥҥи үлэтинэн “Актуальная Якутия / Бүгүҥҥү Саха сирэ” диэн дойдубутугар сытыытык тирээн турар араас элбэх боппуруостарга олус киэҥ, дьоһун суолталаах ыстатыйалары суруйан, туспа улахан хабааннаах хомуурунньуктары оҥорон бэчээттээн СӨ НБ ЭБ таһаараллар. Бу улахан сындааһыннаах, элбэх сыраны эрэйэр үлэ буолар. Итинник дьыалабыай үлэни кытта айар куттаах дьоҕурун дьүөрэлииргэ бириэмэ тиийбэтэ баар суол. Евдокия Давыдовна 2017-2024 сылларга араас хайысхаҕа суруйбут ыстатыйаларын бу сигэнэн киирэн ааҕыаххытын сөп https://new.nlrs.ru.
2019 с. “Кыргыттарым – кынаттарым” диэн хоһооно саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Светлана Степанова – Олимпия матыыбыгар ырыа буолан көппүтэ. 2020 с. өрөспүүбүлүкэтээҕи “Полярная звезда” сурунаал ыыппыт уус-уран айымньы онлайн-күрэҕэр “Ыһыах” диэн хоһооно кыайыылаах аатын сүкпүтэ. 2021 с. суруйбут “Сахам Далбар Хотуна” диэн хоһоонугар СӨ үтүөлээх артыыската Ольга Спиридонова – Ника матыып айан ырыа буолан дьон-сэргэ кутун тутан, үгүс киһиэхэ сүрэҕэр чугастык киирэн өрөспүүбүлүкэтээҕи “Үрдэл – 2023” бириэмийэҕэ сыл бастыҥ ырыаларын кэккэтигэр киирбитэ. 2021 с. Саха сирин култуураҕа уонна духуобунай сайдыытыгар өр сылларга килбиэннээх үлэтин иһин Евдокия Иванова СӨ култууратын туйгуна бэлиэнэн наҕараадаламмыта. Эдэр ыччаты кэрэ эйгэҕэ уһуйан үөрэтэрин, кинигэни, ааҕыыны киэҥ араҥаҕа тарҕатарын бэлиэтээн, Дьокуускай куорат араас тэрилтэлэриттэн, үөрэх кыһаларыттан Бочуотунай грамоталарынан, дипломнарынан, махтал суруктарынан наҕараадаламмыта. 2017 Айылҕаттан айдарыылаах айар куттаах, үгүс дьоҕурдаах биир дойдулаахпыт Е. Иванова – Айар Санаа саҥа хоһооннорун СӨ Национальнай библиотекатын электроннай сайтыгар күүтэбит https://new.nlrs.ru. Биир дойдулаахпытыгар Е.Д. Иванова – Айар Санааҕа баҕарабыт чэгиэн доруобуйаны, үлэтигэр уонна айар-тутар дьоҕуругар инникитин өссө үрдүк ситиһиилэри, тус олоҕор үгүс үөрүүлэри, дьолу-соргуну!
Е. Иванова – Айар Санаа хоһоонноруттан быһа тардыылар
Ийэм кэрэҕин…
Тылбынан сатаан айаммын
Суруйуом дуо, эн холку,
Сэмэй бэйэҕин, кэрэҕин?
Тулабын сырдатар мичээргин?
Хоһооммор хомоҕой тылынан
Хоһуйуом дуо эн нарын,
Сайаҕас истиҥ майгыгын,
Сырдык, ыраас бэйэҕин?
Ырыабар ыллам тылынан
Ыллыам дуо эн ыра санааҕын,
Барыбытын араҥаччылыыр,
Бигэтик эрэнэр сүрэххин?
Арай мин баҕарыам эйиэ
Күн-күбэй күндү киһибэр,
Куруутун маннык үөрэ-көтө
Арчылыы, алгыы сылдьаргар!
Туймаада. 16.10. 2021.
***
Сөбүлүүбүн үтүө майгылаах дьону,
Сүрдээх көнө сүрүннээхтик
Сиэрдээхтик этэҥҥэ олороннор
Сирдээҕи олоҕу киэргэтэллэр.
Хайгыыбын кэрэ-мааны дьону,
Хаптаҥнаан-ньылаҥнаан эккэлээбэт,
Хара көлөһүннэринэн үлэлиир
Халбаҥнаабат кытаанах санааларын.
Биһириибин холку, дьоһун бэйэлэрин,
Булгуруйбат бөҕө тутулларын,
Бу сиргэ бэлэх курдук кинилэр
Биирдиилээн ананан кэлэллэрин.
Туймаада.12.04.2022
***
Дьокуускай
Омоҕой баай саҕаттан кэпсииллэр
Олохсуйбут өбүгэлэрбит туһунан,
Эллэй боотур кэлбитэ дэһэллэр
Элиэнэ Эбэ сүүрүгүн устунан.
Онтон ылата олонхо дойдутугар
Омук арааһа манна түмсэн
Туймаада киэҥ туонатын сөбүлээн
Тэнийэн, ууһаан олороллор.
Улуу Элиэнэ үрдүк биэрэгэр
Улаатар Дьокуускай күн ахсын,
Таас дьиэлэр, болуоссаттар тутуллан
Тупсар, кэҥиир куораппыт барахсан.
Кыһынын кырыа-туман быыһынан
Кыламныыр уоттарын угуйаллар,
Сайынын чэлгийэ көҕөрөр кэмнэргэ
Сандаарар кустук өҥүнэн ыҥыраллар.
Тэтимнээх олох сайдар аартыгынан
Туругура-үүнэ, сайда тур куораппыт,
Тойукка туойуллар, ырыаҕа ылланар
Тапталлаах биһиги Дьокуускайбыт!
Дьокуускай. 13.09.2020 с.
***
Ийэбэр
Ийэм барахсан сылаас илиитинэн
Иилии куустаҕына курус санаа даҕаны
Ыраах кыйданан ырыа ылланар,
Ыраас санаа сүрэххэ кутуллар.
Ийэм барахсан имигэс илиитинэн
Итии үүттээх чэйин куттаҕына
Истиҥ санаа дууһабар
Илгэлээхтик сайан киирэр.
Ийэм барахсан сымнаҕас илиитинэн
Иэйиилээхтик суһуохпун тараатаҕына
Оҕолуу ыралаах баҕа санаам
Оҕуруолаах оһуор буолан ойууланар.
Ийэм барахсан чэрдээх илиитинэн
Илинтэн күн тахсыыта
Эрдэ туран алаадьылаан
Эрчими эбэр алыптаах күүстээх.
***
Ыһыах
Ыһыах – өбүгэ саҕаттан кэлбит
Ытык сиэр-туом түһүлгэтэ!
Ыраахтан-чугастан тоҕуоруһан,
Ырыа-тойук дьиэрэһитэн
Саха омук үөрэ-көтө көрсөр
Самаан сайыны уруйдаан!
Саамал кымыс кыынньар,
Саламаат астанан
Сандалы мааныта тардыллар,
Салама ыйыыр
Саргылаах кэрэ түгэннэр!
Ыһыах – сайа охсор салгыннаах
Сайыҥҥы сылаас күннэргэ
Сайбаччы солкоҕо сууламмыт
Сахам Далбар Хотуттара
Суугунаан хаамсаллара
Сүргэни көтөҕөр да буоллаҕа!
Күннээх бастыҥа кэтэн
Күлүмүрдүү киэргэнэн
Кыталыктыы кынтайар
Кэрэ нарын Куоларбыт
Күндү көмүс симэхтэрэ
Кылыгырыыра кэрэтиэн!
Кинилэр тупсаҕай ньуурдарын,
Кыыһа тэтэрэр имнэрин,
Киэргэтэрин эриэккэһин!
Уолан киһи нохтолоох сүрэҕин
Ууллара манньытар,
Улаҕалаах уйулҕатын уйгуурдар,
Уол оҕо барахсан
Уһун суһуохтаах сэгэрин
Уус тылларыгар хоһуйар,
Уоттаах харахтарыгар хатыыр,
Уохтаах таптал күөдьүйэр
Уос номоҕо буолар
Умсулҕаннаах да кэмнэр…
Ыһыах – саймаархай үрүҥ түүннэр,
Ыччат ырыата дуорайар,
Ыраахтан ыҥыра угуйар,
Эрчимнээх тэтимҥэ уйдаран
Эдэр дьон үҥкүүгэ битийэр.
Сүрэх күүскэ тэбэр,
Сүһүөх долгуйа ууллар,
Эдэр кыыс имэ кэйэр,
Эр уолан онтон эрдийэр,
Эргичитэ үҥкүүгэ ыҥырар,
Эдэркээн сүрэх өрө мөхсөр,
Эрэл кыыма төлө көтөр …
Ыһыах – Эр Бэртэрэ талыллан
Күрэс былдьаһар,
Күүстээхтэр күөн көрсүһэр,
Дыгыйа сырсар
Дыгын оонньуулара!
Бастыҥнар күрэхтэһэр,
Былчыҥнара быыппастар,
Баабырдар хапсыһар,
Быһыйдар кынаттана сүүрэр,
Мадьынылар өрүтэ тустар,
Мас тардыһар, тутум эргийэр,
Кытыгырастар кыырайа ыстанар,
Кыыс куотарын сырсар,
Өбүгэ оонньууларын
Өрө тутар, сир ньиргийэр
Өрөгөйдөөх күннэрэ!
Ыһыах – аламай күнү көрсөр,
Аар Баҕах туруорар,
Алтан Сэргэни анньар,
Дьөһөгөй оҕотун маанылыыр
Дьоро да күннэр!
Ыра баҕаны толорор,
Ылбаҕай ыраас санаанан
Ыраастыыр, сааһылыыр
Ытык мааны бэлиэ күннэр!
Күн тахсыытын көрсө
Күргүөмүнэн ытыс үөһээ уунан
Күлүм аллайбыт күнтэн
Күндү уйгулаах-быйаҥы ааттаһар,
Кэскили, дьолу көрдөһөр
Кэрэхсэбиллээх кэмнэр!
Ыһыах – түүр омук саҕаттан
Төлкөбүтүн түстүүр
Түөрэх быраҕар,
Алгыс кэбиһэр,
Айгыр-силик Айылҕалыын
Алтыһар Айхаллаах кэмнэр!
Аламаҕай Күҥҥэ сүгүрүйэн,
Арыылаах алаадьынан
Аал-уоту маанылыыр,
Сыалаах этинэн
Сири дойдуну аһатар,
Кыынньар кымыһынан
Күөх дуолу күндүлүүр
Күөгэл-нусхал күннэр!
Кылыһахтаах тойукпут
Кыырайа көтөр,
Дэгэрэҥ ырыабыт
Дьиэрэйэ дуорайар,
Олоҥхолоон доллоһутар,
Оһуохайдаан дуораһытар,
Оһуор, чороон үҥкүүтүн
Оройуттан тутан
Оҕо-аймах лыахтыы дайар,
Ойор-тэбэр, үрдүккэ дабайар…
Орто дойдубут үтүөтүн,
Оһуорун-мандарын айхаллыыр,
Урааҥхай омугу түмэр
Улуукан түгэннэр!
Дохсун сэниэ эбинэр,
Дьоһун соргулаах күннэр!
Дьон өйүн-санаатын сомоҕолуур,
Добун күүстээх кэмнэр!
Туймаада. 18.06.2020.
***
Таптыаҕыҥ төрөөбүт тылбытын!
Төрөөбүт төрүт тылбытын
Төрдүттэн билиэҕиҥ!
Истиҥ Ийэ тылбытынан
Иһирэхтик иэйиэҕиҥ!
Уу сахалыы саҥабытынан
Устар ууну сомоҕолуурдуу,
Уурааҥхайдыы ураннык,
Уруйдуоҕуҥ!
Айгыр-силик аар-тайҕа
Айылҕабытыныын
Амалыйан туран
Айхаллыаҕыҥ!
Саха Омук баарын тухары
сахабыт тыла сүппэтин,
сахалыы саҥарыахха
сылаастык, ыраастык!
Сахалыы ирэ-хоро
Сайаҕастык кэпсэтиэххэ,
Сахалыы нарыннык
Сыыйан ыллыахха,
Сахалыы намыыннык
сайа тыыныахха…
Дойду-норуот туһугар
Дуораһыйдын өбүгэбит
Дьадайбат баай тыла!
Дохсуннук туойуоҕун,
Дьоллоох олох туһугар
Добун тойукпутун!
Эриэккэс этиилэрбитин,
Эгэлгэ тылларбытын
Эппитигэр-хааммытыгар
Энчирэппэккэ иҥэриэҕиҥ.
Санаабытын сайҕыыр,
Сүргэбитин көтөҕөр
Сахабыт алгыстаах,
Сороҕор илбистээх,
Сүмэлээх тыллара
Сөрүүн сүөгэй буолан
Сүрэхпит ортотунан
Сайан киирэр кэрэ
Сүдү күүһэ, хомуһуна
Сүппэтин үйэлэргэ!!!
Саха баарын тухары
Сайда туруо төрөөбүт тылбыт!
***
Сиэнчээммэр
Күн курдук күлүмүрдүүр,
Саас курдук сандаарар
Мичилийэн киирэн кэлэр
Сэгэрбит, сиэнчээммит.
Кып-кыракый эрээри
Сырдыгынан сыдьаайар,
Дьиэбитин үөрүүнэн толорор,
Дьол кыымнарын бэлэхтиир.
Тахсан барда даҕаны
Ахтан киирэн барабыт
Чуопчаарар куолаһын,
Чугдаарар саҥатын.
Ити курдук минньигэс
Буолар эбит сиэн оҕо,
Эбээ-эһээ дэтэммит,
Күммүт-ыйбыт сиэнчээммит.
2023 с.
***
Сахабыт сиригэр саас иһэр
Күннэтэ халлааммыт сылыйар,
Кэрэтиэн саас кэлэн иһэрэ,
Күн көмүс чаҕылын ыһара,
Сардаҥа тулабын сырдатар.
Саас иһэр биһиэхэ,
Сахабыт сиригэр – сандал саас!
Кэрэтиэн сааскы күн тыгара,
Күлүмнэс чаҕылын тарҕата,
Күлүмнүүр утаҕын иҥэрэ,
Салгыҥҥа күннэтэ сылдьабыт.
Саас иһэр биһиэхэ,
Сахабыт сиригэр – сандал саас!
Күөрэйэр күн сандаарар,
Күннэтэ сылааһа күүһүрэр,
Кыраттан даҕаны үөрдэн,
Кынаттыыр киһини көтүтэн.
Саас иһэр биһиэхэ,
Сахабыт сиригэр – сандал саас!
Дьокуускай. 24.02.2023.
***
Дьүөгэлэрим
Күнтэн күүһү ыламмын,
Кэрэ кэми туойабын,
Дьүөгэлэрбэр анааммын
Дьүрүһүтэ ыллыыбын.
Санаам түспүт кэмигэр
Аттыбар өрүү бааргыт,
Сонньуйар да күннэрбэр
Алы гынан уоскутаҕыт.
Үөрэр-көтөр турукпар
Тэбис-тэҥҥэ үөрэҕит,
Тулабар кустугу түһэрэн
Үөһээ дайан ылабыт.
Мин олохпун сырдатар
Мааны кэрэ дьүөгэлэр
Өрүү маннык өйдөһөн
Өйөһөммүт сылдьыаҕыҥ.
Оҕолорбут улаатаннар
Дьоһун дьоннор буоллулар,
Онтон үөрэр, долгуйар
Дьолу түстүүр сүрэхпит.
Алаһа дьиэбит иһигэр
Таптал уота умайдын,
Тулабыт барыта тубустун
Алгыс баһа сыаланнын!
Туймаада. 8.03.2022
***
Сайын Сыырдаахпар
Сайыҥҥы күн күлүмүрдээн
Сырдык чаҕылын оонньотто,
Сандаара, дьиримнии тыкта,
Сылаас суһумун ыста!
Сыырдаах Эбэм барахсан
Солконон сууламмыт томторо
Ыраахтан үөрбүттүү көрүстэ,
Ыраас уутугар угуйа ыҥырда.
Оҕо кэмнэрбин санааммын
Эн дириҥ чүөмпэҕэр умустум,
Оонньоон ааспыт кытылбар
Эдэр сааспын эргиттим…
Төрөөбүт дойдум салгына
Түөспэр сайан киирдэ,
Тулалыыр айылҕам суугуна
Төлөннөөх сүрэхпэр илгийдэ…
Туймаада. 2021 с.