Сэһэн Ардьакыап аатынан историяны, кыраайы үөрэтэр түмэлгэ Уус Алдан улууһун норуотун маастара Галина Охлопкова «Айар иистэн кынаттанан» диэн оҥоһуктарын быыстапката турда.
Ийэтин утумнаан кыра сааһыттан иискэ-ууска сыстан улааппыт Галина Семеновна дэйбииртэн саҕалаан уус-уран оҥоһуктары оҥорор буолбута. Онтон Үһүс саас оскуолатыгар «Айар иис» куруһуокка эдьиийигэр СӨ норуотун маастара Мария Атласоваҕа уһуйуллан кыбытык иискэ умсугуйбута. Галина Семеновна ураты хатыламмат ииһин, бастыҥ сиигин кэлбит эрэ киһи кэрэхсии бэлиэтээтэ. Маастар бэйэтэ да этэринэн, айар үлэтигэр саамай тутуһар суола – дьону үтүктүбэккэ, бэйэтин көрүүтүнэн, хайдах салаллан-айыллан тахсарынан иистэнэр.
Быыстапкаҕа илиинэн тигиллибит ис-иһиттэн киһини абылыыр оҥоһуктар өбүгэ саҕаттан үүнэн-сайдан кэлбит сахалыы үгэспитин, олохпут кэрэтин дьүһүн дьүөрэлэһиитинэн, оһуорунан-мандарынан ыраахха диэри кэпсиир курдуктар.
Быыстапка бу ый 15-с күнүгэр диэри туруоҕа.
Мария Аргунова
Хаартыскалар @museum_uusaldan телеграм-каналтан