«Абааһы» быһаарбыт (олоххо буолбут түбэлтэ)

Степан  Максимович олохтоох кулууп директорынан  үлэлээбитэ син балачча буолла. Бэрт холку майгылаах, ханнык  баҕарар боппуруоһу ыараҥната  түһэн баран быһаарар идэлээх киһи.

Дэриэбинэ кулуубун араас кыһалҕата ханна барыай. Ордук кадр боппуруоһа араас специалистар тиийбэттэрэ эрэйдиир. Ону быйыл син барытын орун-оннугар быһаарбыт курдук буолла да, былырыыҥҥыттан аһыы  утахха ылларан эрэр харабыла Уйбаан моһуохтаан  сордоото. Араастаан кэпсэтэн, сэрэтэн көрөр – киһитэ көнөр аата суох. Дөрүн-дөрүн аһаан кэбиһэн «проваллыыр». Оччоҕо кини оннугар ол күн атын харабылы кэпсэтэн туруорарга тиийэр. Устан кэбиһиэн эмиэ да аһынар. Бэҕэһээ эмиэ итирэн, солбук булан туруорбута. Онон бүгүн ыҥыран, хаһыс төгүлүн эбитэ буоллар, кэпсэтэргэ быһаарынна.

Уйбаан сирэйэ-хараҕа салбаҕыран, перегарын сытынан  аҥылыйан, кылап-халап көрөкөрө, нүксүрүҥнээн  киирэн директора ыйбыт олоппоһугар олордо. Кабинет иһин туох сонун баарый диэбит курдук элээр-мэлээр эргиччи көрүтэлээтэ. Сылдьа үөрэммит хоһо буолан, оччо    улахан буруйдаах курдук сананара да көстүбэт, өссө сырыы аайы маннык кэпсэтииттэн хал буолбут курдук  туттар.

Степан Максимович хайа өттүнэн киирэн кэпсэтэн өйдөтүөн тобула сатаан киһитин сирэйин-хараҕын сыныйан көрө олордо уонна:

 – Дьэ, Уйбаан, бачча тухары элэ-была тылбын иһиттиҥ ини, истибэтиҥ ини! Бу онно-манна араас быһылаан  баһаар, уоруу эҥин тахса турдаҕына, араас сыаналаах  инвентардаах тэрилтэ харабыла ураты эппиэтинэстээх буолуохтааҕын туһунан эттим ини, эппэтим ини! Мин да  тулуйа сатаатым. Онон тэрилтэбитин кутталга киллэрэ  турар киһини тохтоторго тиийэбин! – диэн син өйдүүр киһи өйдүүр, ылынар киһи ылынар гына этэ сатаабыт курдук сананан олордоҕуна, киһитэ дьэ өрө көрөн турбат дуо?!

– Эн миигин хайдах да устар быраабыҥ суох ээ. Тэрилтэ  бөөлүүн харабыла суох турбатаҕа. Дьөгүөр уол солбуйбута.  Тэрилтэҕэ туох да хоромньу оҥоһуллубатаҕа, Дьөгүөргэ  солбуйбутун иһин бэйэм да төлөһүөм буоллаҕа дии! Мин  туох да буруйум, туох да сэмэм, миэрэм суох! Быыгабарым да суох, онон хайдах устаары гынаҕын? Сокуону олох да билбэт эрээри таах хаалар тылы тыллаһаҕын! – диэт кыайбыт-хоппут курдук туттан турда да тахсан бара турда!

Степан  Максимович соһуйан тылыттан матан олордо! Кырдьык, Уйбааны аһынан профкомҥа эҥин  көрдөрбөккө, миэрэ ылларбакка наар үөрэтэр, сэрэтэр,  сороҕор куттуур былаастаах кэпсэппитэ – ити баар! Итинник киһи аны көнөрө биллибэт! Айка! «Хайдах эрэ  айдаана суох босхолонноххо табыллыыһы. Эчи  сокуонньута, буруйун олох да билинэр санаата суоҕа киһи  аахсыбат киһитэ буолла, боппуруоһу атыннык быһаарбыт киһи», – диэн толкуйга түстэ…

Аҕыйах күн ааһаатын кытта «Уйбаан харабылыгар туруохтаах күнүгэр  эмиэ испит үһү» диэн тыллабыр киирдэ. Степан Максимович былааннаабытын курдук солбук киһитин булан, кулуупка ааны иһиттэн хатанан кэтэһэн олордулар. Балачча кэтэстилэр, онтон арай таһырдьа олбуор лаампатын сырдыгар көрдөхтөрүнэ – Уйбааннара байааттаҥнаан кэлэн ааны тардан көрдө. Хатааһыннааҕын билэн, охто сыһа-сыһа кирилиэс  анныгар күлүүс тылын кистиир сирдэрин балачча  хасыһан көрдө да, күлүүһүн булбата. Тугу эрэ үөхсэ-үөхсэ кэлэн ааны тэбиэлии-тэбиэлии тардыалаата – туһа суох. «Остуорас Ааныс кулууп түгэх хосторун сууйа сылдьара буолуо диэн эмиэ ыҥыра-ыҥыра тэбиэлии сатаата да? туох  да биллибэтэ. Бара сатаан «иһирдьэ ким эмэ баара, биир эмэ хоско уот көстөрө дуу» диэн аан аттынааҕы түннүгүнэн көрөөрү сүөдэҥнээн тиийбитэ, доҕоор, арай түннүккэ айаҕын дьаллаччы атан, баара-суоҕа биллибэт  сынтаччы барбыт муруннаах, уоттаах сүүрэлэс хараҕынан  килэччи кинини одуулаан абааһы илэ бэйэтинэн ырдьайан турар эбит. Холуочук Уйбаан хараҕын тиэрэ көрдө да, сарылыы түһээт олбуор аанын диэки онно-манна үктэнэн сүүрэн бадьаалаата, аны аанын тиэрэ аста  да дьиэтин диэки таҥкыныы турда. Степан Максимович харабыл Дьөгүөрүнээн күлсэ хааллылар.

Степан Максимович албаһа, дьиҥинэн, олох  судургу. Олбуор лаампатын ол түннүгү тыгар гына  хайыһыннаттарбыта уонна киэҥ дьэрэлийбит харахтаах Дьөгүөрү айаҕын атытан түннүк өстүөкүлэтигэр муннун  сынтаччы анньан туран хараҕын дьэрэлиҥнэппит.

Итирик киһи көрүүтүгэр, ким да суох хараҥа дьиэ түннүгэр таһырдьаттан тыгар лаампа уотугар хараҕа килэппэччийэн илэ абааһы көһүннэҕэ. Сарсыныгар Уйбаан уку-сакы кэлэн: «Үлэбиттэн баҕа өттүбүнэн  уурайабын», – диэн  сайабылыанньа биэрэн баран, тугу да саҥарбакка дьиэтин диэки сүөдэҥнии турбут. Араас кыһалҕа араас албаһы туттарга күһэйэр буоллаҕа…

Найахы уола (Василий Степанович Парников)

Айза Седалищева уруһуйа