Быйыл аармыйаҕа байыаннай сулууспаҕа 2005 сыллааҕы төрүөхтэри уонна байыаннай сулууспаҕа ыҥырыыттан уһатыы ылбыт араас саастаах гражданнары күһүҥҥү хомуурга бэлэмнээһин уонна тэрийии саҕаланна.
Уус Алдан улууһун сиригэр-уотугар 2023 сыл алтынньы 1 күнүттэн ахсынньы 31 күнүгэр диэри 18 саастарыттан 27 саастарыгар диэри саастаах эр дьоҥҥо РФ Сэбилэниилээх күүстэригэр гражданнары ыҥырыы тэрээһиннэрэ ыытыллыахтара. Бу туһунан улуус дьаһалтатын 2023 сыл балаҕан ыйын 12 күнүнээҕи 617 №-дээх дьаһалыгар олоҕуран, анал былаан бигэргэтилиннэ.
Бу тэрээһиннэр “Байыаннай эбээһинэстэр уонна байыаннай сулууспа” диэн 1998 сыл кулун тутар 28 күнүнээҕи 53 №-дээх РФ Сокуонугар, РФ Бырабыыталыстыбатын РФ гражданнарын байыаннай сулууспаҕа ыҥырыы балаһыанньатын бигэргэтии” диэн 1999 сыл бэс ыйын 1 күнүнээҕи 587№-дээх итиэннэ РФ Бырабыыталыстыбатын “Байыаннай-врачебнай экспертиза балаһыанньатын бигэргэтии” диэн 2013 сыл 565№-дээх от ыйын 4 күнүнээҕи уурааҕар олоҕуран, анал үлэ ыытыллыаҕа. Бу үлэни Мэҥэ Хаҥалас уонна Уус Алдан улуустарын байыаннай комиссара А.Д. Петров сүрүннүөҕэ.
Балаҕан ыйын 19 күнүгэр улуус дьаһалтатын дьиэтигэр улуус нэһилиэктэрин дьаһалталарын баһылыктарыгар уонна олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарын исписэлиистэригэр инструкторскай-мэтэдьиичэскэй дьарыктар тэриллиэхтэрэ.
Алтынньы 12 күнүгэр, сэтинньи 2, 9, 23 күннэригэр, ахсынньы 20, 28 күннэригэр улуус дьаһалтатыгар байыаннай сулууспаҕа ыытыыга эбэтэр босхолооһуҥҥа призыв хамыыһыйатын үлэтэ тэриллиэҕэ. Алтынньы 9-11 күннэригэр “Олоҥхо” этнокултуурунай кииҥҥэ медицинскэй көрдөрүнүү буолуоҕа. 2023 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри нэдиэлэ хас чэппиэр күнүгэр байыаннай сулууспаҕа ыҥырыллааччылары көрүү-истии тэриллиэҕэ.
Байыаннай ыҥырыы хампаанньатын кэмигэр РФ Оборонаҕа, Ис дьыалаҕа министиэристибэлэрин, федеральнай миграционнай сулууспа биир сыаллаах бирикээстэрин толоруу дьаһаллара тэриллиэҕэ. Призыв пууннарыгар бэрээдэги араҥаччылааһыҥҥа 2023 сыл алтынньы 9-11 күннэригэр полиция үлэһиттэрин дьуһуурустубалара олохтонуохтара. “Призывник күнэ” диэн анал тэрээһини ыччат уонна култуура салаалара тэрийэхтэрэ.
Cветлана Сивцева