Монолог аан бастакы күрэҕэ Найахыга ыытылынна

Ахсынньы 22 күнүгэр Илья Иванович Артамонов аатынан сынньалаҥ киинигэр Найахы орто оскуолатын 1973 сыллаах выпустара оскуоланы бүтэрбиттэрэ 50 сыллаах үбүлүөйдэрин чэрчитинэн, СР култууратын туйгуна, Найахы кулуубун уус-уран салайааччыта, дириэктэрэ Анна Степановна Румянцева аатын үйэтитиитинэн уонна Найахы народнай хора 60 сылынан улууска аан бастаан тыл жанрыгар ыытыллыбыт монолог күрэҕэ үрдүк таһымҥа буолан ааста.

Күрэххэ уопсайа 14 кыттааччы Найахы, Мүрү, 1-й Хоро, Өлтөх, Суотту нэһилиэктэриттэн кыттыыны ыллылар. Күөн күрэһи улуустан СР култууратын туйгуннара, култуура бэтэрээннэрэ М.Д. Макеева, М.А. Копырина, В.В. Никифоров–Күлүмнүүр аатынан «Тойон Мүрү» култуура дыбарыаһын специалиһа, режиссер Э.М. Киренская  дьүүллээтилэр.

Тэрээһин «Уоланнар» уус-уран ааҕыы бөлөҕүн уолаттарын композицияларынан саҕаланна. Сүрүн тэрийээччи, А.С. Румянцева оҕо сааһын доҕоро Д.А. Алексеев, оҕолоро Сергей, Анна, бииргэ үөрэммит доҕордоро талааннаах, күндү Анна Степановна туһунан ахтан-санаан ыллылар, кыттааччыларга махтал тылларын анаатылар.

1973 сыллаах выпуск аатыттан Дьокуускайдааҕы музыкальнай училище студенкатыгар, А. Румянцева сиэнигэр Айна Гоголеваҕа 30 тыһ. солк. биир кэмнээх стипендия туттарылынна.

Күрэх кыттааччылара бииртэн биир үчүгэй монолог толорооччулара буолан биэрэннэр, дьүүллүүргэ олус мөккүөрдээх буолан биэрдэ. Ол курдук күрэх түмүгүнэн «Эдэр кэскиллээх монолог толорооччу » диэн ааттааннар Найахы орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитигэр Илья Гуляевка, Мүрү нэһилиэгиттэн Нина Андросоваҕа махтанан туран Александр Попов аатыттан бириистэри туттардылар. «Көрөөччү биһирэбилэ» анал ааттар Нарыйа Мироноваҕа (Найахы) уонна Афанасий Копыринҥа иҥэрилиннилэр (Хоро) уонна кинилэргэ 15-тии тыһ. солк. А.С. Румянцева бииргэ үөрэмиттэрин ааттарыттан уонна А.С. Румянцева уола Сергей Анатольевич кылааһын коллективын аатыттан туттардылар.

3-с үрдэл кыайыылааҕынан Валентина Копырина буолла (Хоноҕор) уонна аймахтар ааттарыттан 15 тыһ. солк. харчынан бириэмийэлэннэ, 2-с үрдэли Алена Гаврильева (Найахы) ылан төрөппүт оҕолорун ааттарыттан 20 тыһ. солк. тутта, оттон 1-кы үрдэл кыайыылааҕынан Мүрү нэһилиэгиттэн Татьяна Домотова буолан 25 тыһ. солк. бирииһинэн Алексеевтар дьиэ кэргэн бириистэринэн наҕараадаланна.

Бары кыттааччыларга тэрийээччилэр ааттарыттан мэтээл, махтал суруктар туттарылыннылар. Бары тэрийээччилэр, аймахтар сүбэлэринэн монолог толоруутугар күрэҕи салгыы үгэс быһыытынан хаалларан кэмиттэн кэмигэр ыытарга диэн буолла.

А.С. Гаврильева, И.И. Артамонов аатынан Найахы сынньалаҥ киинин уус-уран салайааччыта 

Читайте дальше