Аҕыс оҕо ийэтэ Варвара Матвеева: Үтүө дьон оҥорор ытык аналлаахпын

Саха сиригэр Ийэ күнүнэн истиҥ эҕэрдэ! Утуму салҕаан Ийэ үрдүк аатын сүгүү, ийэ аналын толоруу – дьахтар киһи сирдээҕи бастыҥ анала. Бу айылҕаттан бэриллибит ытык соругу чиэстээхтик толоруу туохтааҕар да күндү, дьол.

Аҕыс киһиэхэ олоҕу бэлэхтээбит дьо­руой тэҥэ хорсун ийэ Чэриктэй нэһилиэгэр олорор. Төрүт олохтоох Варвара Петровна Матвеева кэргэнинээн Бэйдиҥэттэн төрүттээх Леонид Анатольевич Бурнашевтуун чээлэй күөх айылҕалаах мааны Чэриктэйгэ билсибиттэрэ, харахтарынан хайҕаһан, сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, таптал уотун кутаалыы умаппыттара.

Дьылҕа хаан ыйааҕынан, икки таптаспыт сүрэх олохторун холбообуттара номнуо 17 сыла буолла. Тапталларын уйатын Чэриктэйгэ туттаннар, эмдэй-сэм­дэй аҕыс оҕону күн сиригэр көрдөрбүт нэһилиэк дьоһун-мааны дьиэ кэргэнэ.

Варвара идэтинэн нуучча тылын учуутала. Ол эрээри билигин оторой-моторой түөрт уолу уонна түөрт кэрэчээн кыыһы көрөн-истэн дьиэҕэ олорор. Аҕалара Леонид Чэриктэй ОДьКХ хачыгаар-машиниһынан үлэлиир.

Төрөппүттэр сарсыарда ахсын алта оҕону оскуолаҕа атаараллар. Ол курдук улахан уолаттар Вольдемар 10 уонна Айсен 9 кылаас үөрэнээччилэрэ. Онтон утуу-субуу улахан кыыс Ванесса 4 кы­лааска, Вилена 3 кылааска, Вальтер 2 кылааска, Вивьен 1 кылааска ситиһиилээхтик үөрэнэ сылдьаллар. Кырачааннар, мурун бүөлэрэ — кыра кыыс Айлин уһуйааҥҥа улахан бөлөх ­иитиллээччитэ уонна кыра уолчааннара Вергилий 2 ыйдаах сүүнэ киһи.

Тыа ыалын сиэринэн Матвеевтар оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн үлэҕэ үөрэтэл­лэр-такайаллар. Сүрүннээн оҕо тугунан дьарыктанарын сөбүлүүрүн, дьоҕурун таба көрөн, ону өйөөн сайыннара сатыыллар.

Ордук сайын буоларын кэтэһэбит диэн ийэлэрэ Варвара кэпсиир: ­»Айылҕаҕа сылдьарбытын олус сөбүлүүбүт. Оттуурбутун, сир астыырбытын туохтааҕар да ордоробут. Алдан өрүс кытылыгар олорор буоламмыт балыктыыбыт, дуоһуйа сөтүөлүүбүт.

Билигин элбэх оҕоҕо тапталы иҥэрэн, үтүөҕэ-кэрэҕэ угуйан, дьоһун дьон буола улаатан тахсалларыгар туох баар кыаллары барытын оҥоробут. Онтон дьоллонобут. Оҕолорбут дьон сиэринэн аҕа саастаах дьону ытыктыыр, төрөөбүт дойдуларын таптыыр, аһыныгас, амарах санаалаах үтүө дьон буола улааталларыгар баҕарабыт».

Дьоһун-мааны Матвеевтар дьиэ кэргэн ылыммыт соруктарын, туруоруммут сыалларын толору ситэн, алаһа дьиэлэрэ дьолунан туоллун. Бары үтүө-баҕа санаа тиийдин, этэҥҥэ, доруобай сылдьыҥ!

Ольга Шепелева

Читайте дальше