Бүгүн Мүрү нэһилиэгэр «Письмо сыну» аахсыйаны «Россия ийэлэрэ» уопсастыбаннай хамсааһын улуустааҕы салаатын салайааччыта Сусанна Аммосова уонна хамсааһын көхтөөх кыттааччыта Саргылаана Никитина тэрийэн ыыттылар.
«Россия ийэлэрэ» хамсааһын көҕүлээһининэн үгэскэ кубулуйбут аахсыйа быйыл Россияҕа Дьиэ кэргэн, өрөспүүбүлүкэҕэ Оҕо саас, улууска Аҕа сылыгар ананан ураты суолталаах ыытылынна. Манна барыта тоҕус аҕа кыттан, төрөппүт уолаттарыгар туох баар үтүө сүбэлэрин-амаларын, баҕа санааларын соргулаах сурукка тиһэн уолаттарыгар аадырыстаан почта хоппотугар уктулар.
Аҕалар «бу гаджет, интэриниэт үйэтигэр уолаттарбыт былыргылыы сурук туталлара туспа суолталаах түгэн буолуо уонна күн ахсын мээнэ этэ-тыына сылдьыбат бүччүм санаабытын сурукка бооччойон суруйбуппутун үйэлэрин тухары уура сылдьан ааҕыахтара буоллаҕа» диэн санаалаах үөрэн-көтөн тарҕастылар.
Аҕалар эппит кэс тыллара олоҕу салайсыахтаах ыччаппытыгар тиийэн үгүһү толкуйдатан, кэскиллээх санааны саҕан, сырдык олоххо сирдии туруо диэн эрэнэбит.
Мария Аргунова