Бу күннэргэ Москва куоракка бэтэрээннэр ортолоругар чэпчэки атлетикаҕа Арассыыйа чөмпүйэнээтэ буолан ааста. 70-75 саастаахтарга 1500 м. сүүрүүгэ Найахы нэһилиэгиттэн педагогическай үлэ бэтэрээнэ 70 саастаах Николай Фомин I миэстэни ылары ситистэ. Оттон 5000 м. сүүрүүгэ Арассыыйа ааттаах-суоллаах бэтэрээннэрин кытта киирсиигэ III миэстэни ылан пьедестал үктэлигэр турда. Бу үөрүүлээх сурах дойдутун дьонун Найахылары ойуччу үөртэ. Николай Фоминтан сүүрүүнэн дьарыгын, күрэхтэһии туһунан сырдатарыгар көрдөспүппэр Москваттан маннык чуолкайдааһыны оҥордо:
– Арассыыйа чэпчэки атлетикаҕа Федерацията сыллааҕы календарнай былааныгар киллэрэн туран бэтэрээннэр ортолоругар сүүрүүнү сылга иккитэ тэрийэн ыытар. Кыһынын дьиэ иһигэр сүүрүү ыытыллар. Быйылгы сайыҥҥы сүүрүү бырааттыы Знаменскайдар ааттарынан Олимпийскай киин стадионугар буолла. Бэҕэһээ 1500 м. сүүрүүгэ 70-75 саастаахтар категорияларыгар бастааммын үөрүүм улахан. Саха сириттэн 20-тэн тахса буолан барбыппыт. Уопсай түмүккэ Москва, Московскай уобалас, Челябинскай, Татарстан өрөспүүбүлүкэтэ, Аллараа Новгород хамаандаларын кэнниттэн 6-с миэстэҕэ таҕыстыбыт. Барыта дойду 70 регионуттан кытыннылар, ол иһигэр ДНР-тан эмиэ.
Сүүрүүнэн дьарыгым историятыгар киирдэххэ, оҕо эрдэхпинэ Найахыга физкультура учуутала Готовцев Дмитрий Пантелеймонович сүүрүү суолугар таһаарбыта. Кыайыы-хотуу кэллэҕинэ бастакынан өрүү учууталбын саныыбын. Бэйэм 50 сааспыттан сүүрүүгэ төннүбүтүм. Тымныыны, итиини аахсыбакка кыһыннары, сайыннары сүүрэбин. Марафоннарга сүүрэн иһэн доруобуйаны олус күүскэ ноҕоруускалаабат туһуттан кылгас дистанцияларга көспүтүм.
Сүүрүү киһиэхэ чөл буолууну эрэ буолбакка, олоххо көҕү уһугуннарар, дьону кытта аалсар, бииргэ сылдьар саастаах киһиэхэ туһалааҕа чуолкай. Өссө маннык сүүрүүлэргэ өрөспүүбүлүкэни, улууспун, нэһилиэкпин ааттатар буоллаҕым. Бу сүүрүүбэр «Николай Фомин. Саха Өрөспүүбүлүкэ. Балыктаах» диэн биллэрбиттэригэр үөрэ, кынаттана түспүтүм. Инникитин да сүүрэр былаан баар.
Елена Сыроватская, уопсас. кэрэсп.