Бэс ыйын 15 күнүгэр Уус Алдан улууһун I Хоро нэһилиэгэр Үлэ Дьоруойа Д.Г. Бурцев төрөөбүтэ 125 сылыгар ыытыллар «ҮЛЭНЭН САЛАЛЛАР САРГЫ» улуус ыһыаҕын күөн күрэстэригэр кыттааччылары күүтэллэр.
«ҮҮТТЭЭХ МАҤААЧЧЫЙА» ыанньыксыттар улуустааҕы күөн күрэстэрин торума
Буолар сирэ: Уус Алдан улууһа, I Хоро нэһилиэгэ, Нэлээн хатыҥ чараҥа.
Буолар күнэ: бэс ыйын 15 күнэ 2024 сыл.
Тэрийээччилэр:
— «Уус Алдан улууһа» МО дьаһалтата;
— улуустааҕы култуура салалтата;
— улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын салалтата;
— «І Хоро нэһилиэгэ» МТ дьаһалтата;
— Ылдьаа Нохуоккун аат. Чараҥ култууратын киинэ.
Сүрүн соруга:
— ынах сүөһүнү иитии – саха киһитин төрүт дьарыга буоларын эдэр дьоҥҥо тарҕатыы, көрдөрүү;
— өбүгэ умнуллубат үгэһин сөргүтүү;
— үүттэн оҥоһуллар астар – киһи доруобуйатыгар улахан суолталаахтарын өйдөтүү,
тарҕатыы.
Түһүмэхтэрэ:
1. «Сиэри ситэрэн, туому тутуһан» – бэйэни билиһиннэрии.
2. «Хотоҕор систээх хотун ынаҕым» – ыыр ынаҕын уустаан-ураннаан хоһуйуу.
3. «Үрүҥ илгэ үрүйэлии сүүрдэ» – бириэмэҕэ күрэхтэһии.
4. «Үтүө ынаҕым аһын эгэлгэтэ» – үүттэн оҥоһуллубут астары көрдөрүү.
5. Сэппэрээтэри ыһыы-хомуйуу.
Ирдэбиллэрэ:
— кыттааччы сахальы таҥаһа-саба;
— 2-с, 3-с, 4-с түһүмэхтэргэ атын дьону көмөлөһүннэриэн сөп.
Сыанабыла:
— хомоҕой тыла-өһө;
— үүттэн оҥоһуллубут аһын дэлэгэйэ, минньигэһэ;
— бэриллибит сорудаҕы түргэнник толоруута.
Биһирэбиллэр:
— күрэх түмүгүнэн кыттааччылар добун, тyohy суруктарынан, сыаналаах бэлэхтэринэн биһирэниэхтэрэ.
Билсэр нүөмэрдэргит: 89142371084 (Екатерина),
89841096298 (Гаврил).
***
“КҮН ТАҔЫСТА!” оҕолорго өбүгэ оонньууларыгар улуустааҕы күрэхтэһии торума
Буолар сирэ: Уус Алдан улууһа, I Хоро нэһилиэгэ, Нэлээн хатыҥ чараҥар.
Буолар күнэ: бэс ыйын 15 күнэ 2024 сыл.
Сүрүн соруга:
— саха омук үлэттэн үөскээбит оонньууларын үйэтитии;
— кыттааччыга, көрөөччүгэ өбүгэлэрбит оонньуу нөҥүө уол оҕону иитэр үгэстэрин билиһиннэрии;
— уол оҕо инникитин дурда-хахха, эркин буолар эрэлин уһугуннарыы;
— кыахтаах уолаттары көҕүлээһин, өйөөһүн;
— түмсүүнү, сомоҕолоһууну үөскэтии.
Оонньуу көрүҥнэрэ:
1. “Кириэс тэбии”.
2. “Хороҥ оту үрдүнэн ыстаныы”.
3. “Көтөх ынаҕы туруоруу”.
4. “Кырынаастыыр”.
5. “Ойбонтон уулааһын”.
6. “Хабылык” (СӨ остуол төрүт оонньууларын Федерациятын саҥа быраабылатынан).
7. Атаралаан сүүрүү.
Ирдэбиллэрэ:
— кыттааччылар 2 бөлөххө арахсаллар:
I бөлөх – 7-14 саастаахтар,
II бөлөх – 15-17 саастаахтар;
— кыттааччылар төрөөбүтүн туһунан туоһу докумуоннардаах кэлэллэр;
— кыттааччы оонньуу бары көрүҥнэригэр кыттыахтаах (многоборье);
— сахалыы таҥаһа-саба.
Биһирэбиллэр:
- күрэх түмүгүнэн кыайыылаахтарга I бөлөх:
— I үрдэл – 5 000, II үрдэл – 3 000, III үрдэл – 1 000;
— II бөлөх: I үрдэл – 10 000, II үрдэл – 6 000, III үрдэл – 5 000 туттарыллыахтара. Добун, туоһу суруктарынан бэлиэтэниэхтэрэ.
Билсэр нүөмэргит: 89142371084 (Екатерина Прокопьевна).
***
Россия художниктарын Союһун чилиэнэ, «Лоскутная мозаика России» Бүтүн Россиятааҕы фестиваль икки төгүллээх лауреата, Уус Алдан улууһун уонна Мүрү нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, Саха Республикатын норуотун маастара Атласова Мария Семеновна-Иис Маарыйа бырайыагынан «САХА ТАЛБА, МААНЫ ТАҤАҺА» көрүү күрэс тосхоло
Буолар сирэ: l Хоро нэһилиэгэ, Чараҥ бөһүөлэгэ, «Нэлээн» хатыҥ чараҥа.
Буолар күнэ: Бэс ыйын 15 күнэ, 2024 с.
Тэрийээччилэр:
— Илья Находкин аатынан сынньалаҥ киинэ;
— «Олоҥхо дьиэтэ» этно-культурнай киинэ;
— Мүрү нэһилиэгин «Алаас Хотуна» түмсүүтэ;
— Бырайыак автора М.С.Атласова-Иис Маарыйа.
Сүрүн соруга:
1. Норуот иискэ баай үгэстэрин киэҥ эйгэҕэ таһаарыы.
2. Саха таҥаһын эгэлгэтин сөргүтүү.
3. Үлэҕэ-хамнаска табыгастаах таҥаһы көрдөрүү, тарҕатыы.
4. Айар талааннаах иистэнньэҥнэри көҕүлээһин.
Кыттааччылар: сааһыттан, олорор сириттэн тутулуга суох баҕалаах киһи барыта кыттар бырааптаах.
Көрүү күрэс кыттааччыларыгар ирдэбил:
— күннээҕи олоххо дьиэҕэ-уокка, үлэҕэ-хамнаска, айылҕаҕа, булка кэтиллэр сахалыы моһуоннаах таҥастары көрдөрөллөр. Таҥнар таҥаска харысхал, сэрэтэр, алгыс, аҕа ууһун бэлиэлэрин, араас ойууну-дьарҕааны киллэрии көҥүллэнэр. Аныгы саха таҥаһыгар саҥаны айыы (новаторство) сэҥээриллэр.
Көрүҥнэрэ:
— кыыс оҕо таҥаһа;
— уол оҕо таҥаһа;
— дьахтар таҥаһа;
— эр киһи таҥаһа.
(Бэргэһэ, үтүлүк, ырбаахы, сэлиэччик, кэһиэччик араастара. Хаттык таҥастар: моойторук, сүүс таҥаһа (кулгаах сабыылаах), эрбэх, тарбах хаалара, бэлэпчи (илии (ытыс) көхсүн сабар), бааччы (сис таҥаһа), сутуруо ( тобук таҥаһа), уо.д.а.
Сыаналанар:
— таҥас көстүүтэ, тигии маастарыстыбата, өҥнөрүн дьүөрэлэһиитэ;
— сахалыы бэлиэлэри, оһуору-мандары тутуһуу;
— аныгы таҥаска саҥаны киллэрии.
Наҕараадалааһын:
— чыпчаал аат;
— l, ll, lll үрдэллэр;
— анал ааттар:
1. Дэгиттэр иистэнньэҥ.
2. Талба талааннаах иистэнньэҥ.
3. Айар айылгылаах иистэнньэҥ.
4. Удьуор утума иистэнньэҥ.
5. Эдэр иистэнньэҥ.
6. Ытык саастаах иистэнньэҥ.
Кыайыылаахтарга сыаналаах бириистэр, туоһу суруктар, сертификаттар туттарыллаллар.
Билсэр нүөмэрдэргит: 89142371084 (Екатерина),
89841096298 (Гаврил).
***
«СИТИМ» норуот уус-уран айымньытын толоруу улуустааҕы күөн күрэс торума
Буолар сирэ: Уус Алдан улууһа, I Хоро нэһилиэгэ, Нэлээн хатыҥ чараҥа.
Буолар күнэ: бэс ыйын 15 күнэ, 2024 сыл.
Сүрүн соруга:
— Саха норуотун тылынан уус-уран айымньытын толорууну сайыннарыы;
— Норуот тылынан уус-уран айымньытын көрүҥнэрин киэҥ эйгэҕэ таһаарыы, тарҕатыы;
— Ыччаты, оҕону фольклор көрүҥнэригэр уһуйуу, үөрэтии.
Көрүҥнэрэ:
1. Олоҥхо (5-7 мун.);
2. Остуоруйа, үгэ;
3. Оһуохай;
4. Норуот ырыата (дьиэрэтии, дэгэрэҥ ырыа, тойук);
5. Чабырҕах.
Ирдэбиллэрэ:
— Кыттааччы хас да көрүҥҥэ кыттыан сөп;
— Кыттааччылар 2 бөлөххө арахсаллар:
I бөлөх – 7-17 диэри саастаах оҕолор;
II бөлөх – 18-тарыттан үөһэ улахан дьон;
— Бөлөҕүнэн кыттыы көҥүллэнэр;
— Кыттааччы толорор айымньытын норуот уус-уран айымньыларыттан талара көҥүллэнэр, ордук Уус Алдан айымньыта буолара сыаналаныа;
— Сахалыы таҥаһа-саба.
Биһирэбиллэр:
Күрэх түмүгүнэн кыттааччылар добун, туоһу суруктарынан, сыаналаах бэлэхтэринэн бэлиэтэниэхтэрэ.
Билсэр нүөмэрдэргит: 89142371084 (Екатерина), 89622076268 (Елизавета),
89241664958 (Ирина).
***
«УРАН УУС» уус эр дьон улуустааҕы күөн күрэстэрин торума
Буолар сирэ: Уус Алдан улууһа, I Хоро нэһилиэгэ, Нэлээн хатыҥ чараҥа.
Буолар күнэ: бэс ыйын 15 күнэ 2024 сыл.
Сүрүн соруга:
— маһынан уһаныы сатабылын сайыннарыы;
— айан-тутан уһанар дьону көҕүлээһин, өйөөһүн;
— ыччаты мас ууһун эйгэтигэр уһуйуу;
— түмсүүнү, сомоҕолоһууну үөскэтии.
Көрүҥнэрэ:
1. Дьиэтээҕи үлэ – дьиэлэригэр чороон эбэтэр кытыйа оҥорон аҕалаллар.
2. Маһы илии эрбиитинэн эрбээһин.
3. Тоһоҕону саайыы.
4. Сүгэнэн бүтэй баҕанатын суоруу.
5. Тута сорудах – суоруллубут бүтэй баҕанатыгар 3 тэҥ үүтү оҥоруу.
Ирдэбиллэрэ:
— кыттааччы сааһа хааччахтаммат.
— туттар тэрилин (илии эрбиитин, сүгэтин, өтүйэни, стамескалар араастарын, бензопиланы) бэйэтэ илдьэ кэлэр.
— күрэхтэһии кэмигэр сэрэхтээх буолара ирдэнэр.
Биһирэбиллэр:
— күрэх түмүгүнэн кыайыылаахтарга I үрдэл – 50 000, II үрдэл – 30 000, III үрдэл – 20 000 уу харчынан туттарыллыахтара, добун, туоһу суруктарынан биһирэниэхтэрэ.
Билсэр нүөмэрдэргит: 89142371084 (Екатерина), 89841096298 (Гаврил).