Олохтоох ааптардар Кыайыы күнүн хоһуйаллар

Хабараан сэриигэ кыайбыппыт

Галина Иванова–Айтыына

Дьон сэргэ уу чуумпу олоҕун
Аймаата уот сэрии сыллара,
Хаан тохтор кырыктаах киирсиигэ
Сир дойду урусхал буолбута.

Кыһалҕа, сут аччык сатыылаан
Ийэ сир ылара ынчыктаан,
Күн аайы сүтүкпүт илдьитэ
Ыал аанын тоҥсуйан киирбитэ.

Биир туораах бурдукпут туһата
Дьон тыыннаах хааларын туоһута,
Бары күүс фроҥҥа ууруллар,
Тыыл тирэх кыайыыны уһансар.

Хабараан сэриигэ кыайбыппыт
Кытыаста кыыспыта былаахпыт,
Бар норуот биир бигэ санаата
Кыайыыга күн сирдьит буолбута.

Улуу Кыайыы күнэ

Светлана Бурцева–Суугунай Чараана

Кыайбыттар үгүстэрэ суохтар,
Күрэммиттэр бу күн сириттэн,
Хаалларбыттар арай кыайыыны,
Кынаттаах бу кыһыл күннэри.

Биһиги сэриини көрбөтөхпүт,
Ол эрээри син сэрэйэн билэбит,
Биһиги эрэй диэни тэлбэтэхпит,
Ол эрээри син бары өйдүүбүт.

Улууканнаах күн умнуллубат,
Кыайыылаах киһи тумнуллубат,
Өйбүтүгэр мэлдьи бааллар,
Сүрэхпитигэр тыыннаахтар.

Кырдьык кылбайан тахсыбыта,
Ону кытары саҥа кэм үүммүтэ,
Бүгүн ол кыайыы өрөгөйдүүр,
Үрдүккэ, үтүөҕэ кынаттыыр.

Сэрииттэн сурук

Бээрийэ Кыыһа Хотойук Айгыына

Күөх ньуурдаах алаастан
Эдэркээн уолаттар
Кыайыыны уһанса
Барбыттара сэриигэ.

Аартыкка айан суолуттан
Төрөөбүт алаастарын одуулуу,
Харах уулаах быраһаайдаһан,
Арахпыттара дойдуларыттан.

Ийэ барахсан көмүскэтин уута,
Халаан уутунуу суккуллубута,
Бу сиргэ төрөппүт оҕото,
Билбэт сиригэр барбыта…

Туман буолбут хааннаах сыллар
Усталлара бытаанын…
«…оҕокком, тугу эмэ биллэриэҥ,» —
Ийэккэ эрэнэ күүтэрэ.

Эдэркээн саха уолчаана
Эрэллээхтик кимэн киирбитэ,
Өлүү диэн тугун көрбөтөх
Хорсун сүрэҕэ битийэрэ.

Кыа хаан устубута…
Сэрии уолчааны симэлиппитэ,
«Кыайыы..» — диэн хаһыыта
Алааһыгар тиийэ иһиллибитэ…

Ийэккэ сүрэҕэ истибитэ
Оҕотун тиһэх кыланыытын,
Үөр туруйа буолан ааспыта,
Күөх алааһын үрдүнэн.

Ийэ барахсан сүрэҕэр,
Кууспута буорах сыттаах суругу,
Өр күүппүтэ уолчаанын,
Сэрииттэн кэлбэтэх оҕотун.

Саха саллаата

Ольга Татаринова–Чуораайытта

(аҕабар СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитигэр Тролуков Михаил Николаевичка ананар)

Төрүт буор сириттэн арахсан
Аан ийэ дойдутун арчылыы,
Адьырҕа өстөөхтөн көмүскүү
Аттаммыт айаҥҥа мин аҕам.

Автомат, пулемет доҕордоох
Мальтаҕа, Датсаҥҥа, Сочига
Сталинын, дойдутун уруйдаан
Кыргыспыт хорсуннук сэриигэ.

Билбитэ бу илэ бэйэтэ
Иэдээннээх хаһыыны- ыһыыны,
Ыар тыыннаах өлүүнү-сүтүүнү,
Хаанынан хардыргыыр ынчыгы.

Сир ийэ кэскилин туһугар
Бааһырыы ыар тыынын билбитэ
Сибиньиэс ардахтан сыылбыта,
Бар дьонун көрсөөрү, үөрдээри.

Алта ый госпиталь, эмтэнии —
Кыа хааннаах ыарыыны тулуйуу,
Инники содулун туоратыы,
Олоҕу салгыырга дьулуһуу.

Бааһырбыт саллааппыт этэҥҥэ
Дьиэтигэр эргиллэн кэлбитэ.
Кэтэспит долгуйбут харахтар
Көмүскэ уутунан сууннулар.

Албан аат эйиэхэ, саллаакка —
Эйэлээх олоҕу ууммуккар.
Үрдүктүк Эн ааккын тутуохпут,
Үлэнэн сайдыахпыт, айыахпыт.

Хайыһардьыт буойуннар

Клара Троева

Саха таптыыр ырыатын
«Хайыһары» ыллыыллар,
Куруук санаан кэлэбин
Хайыһардьыт эһэбин.

Саха дьоно тулуурдаах,
Булчут буолар аналлаах,
Хайыһардаах ытааччы
Саха бэрдэ буолааччы.

Ол да иһин сахалар
Талыллыбыт эбиттэр
Хайыһардаах сэриилэр
Аналлаах чаастарыгар.

Хайыһардаах буойуннар,
Хаарынан уйдараннар,
Тыылга киирэн кыайаллар,
Өстөөҕү дьулаталлар.

Буулдьа сиппит эһэбин
Кырыктаах хапсыһыыга,
Хорсун байыас охтубут
Курскайдааҕы хонууга.

Киэн туттабыт сиэннэрэ —
Хайыһардьыт эһэбит,
Хоодуоттук сэриилэһэн,
Кыайыыны уһансыбыт.

Кыайыы күнүн уруйдаан,
Эйэ иһин махтанан,
Эһэбитин ахтабыт,
Хос сиэннэргэ кэпсиибит.

Алҕыы хаал, ийэкээм…

Александра Местникова–Сандаара

Алҕыы хаал, ийэкээм, миигин
Эргиллиэм хайаан да дойдубар,
Ханнык да моһол тоьуйдар
Туоруоҕум мин ону этэҥҥэ.

Баҕар аччыктыыр тугэммэр
Астаабыт аскын саныаҕым,
Сып-сылаас дьиэбин ахтаммын
Тоҥор күммэр суохтуоҕум.

Тикпит сылаас таҥаьын
Ириэрэр тоһуттар тымныыга,
Илгийэр сылаас тыына
Имэрийэр илиин биһигэ.

Тиийиэҕим биир кун дойдубар
Ыллыгым суолунан дьиэбэр,
Киириэҕим боруокпун атыллаан
Кууһуоҕум эйиигин, ийэкээм.

Ахтылҕан аһаран кэпсэтэн
Сып-сылаас чэйгиттэн ыймахтыам,
Оҕолуу атаахтаан ыламмын
Тебебүн тобуккар мин ууруом.

Хоһооннору түмтэ Елена Сыроватская, уопсас. кэрэсп.