Ахсынньы 30 күнүгэр улууспут баһылыга Василий Аммосов солотугар киирбитэ 100 күнэ буоларынан, улуус хаһыатыгар аҕа баһылык быһыытынан бастакы улахан интервьютун биэрдэ. Кэпсэтии сүнньэ улууспут инники сайдыытын тула барда.
– Василий Иванович, улууһу салайыы “муоһатын” туппутуҥ сүүс күн буолла. Ол аата, судургутук эттэххэ, үс ый ааста. Ити үлэҕин быыбар иннинээҕи бырагыраамаҥ ханнык хайысхатыттан саҕалаатыҥ?
– Тыын боппуруостар олус элбэхтэр. Олортон хайатын эрэ тохтоон эрдин диир табыллыбат. Ол курдук суол, тутуу, гаастааһын син биир кэлэ турар, өрүү баар кыһалҕалар. Аны тыа хаһаайыстыбата. Итилэри барытын тэҥҥэ тутан үлэбин саҕалаатым. Онон сүүс күннээх үлэм улуус баһылыгын быһыытынан биэс сыллаах болдьохтоох үлэбэр аартыкпын арыйда.
– Бүгүҥҥү күҥҥэ барыбытын долгутар боппуруоһунан суол буолар. Улуус иһинээҕи да суоллар мөлтөхтөрө сырыыны атахтыыр. Ити кыһалҕа хайдах аччатыллыай?
– Бороҕон – Төҥүлү суолугар, уруккуттан ыытыллыбыт кэпсэтиилэр быһыытынан, үлэ барыаҕа. Улууспут иһинээҕи суолларга улахан болҕомто ууруллуон наада. Бороҕон – Танда хайысхатынан суолу өрөспүүбүлүкэ бэйэтин көрүүтүгэр ылыаҕа. Нам улууһун II Хомустааҕыттан биһиги улууспут Баатаҕай нэһилиэгэр быһаччы тахсар суол баар буолуоҕа. Ол эмиэ өрөспүүбүлүкэ суолталаах суолларга киириэҕэ. Тулуна – Эһэлээх суола бэрт кылгас кэрчик хаалан турар. Ону бырайыагын оҥорон транспорт министиэристибэтигэр экспертизаҕа ыыттыбыт. Чэриктэй суолун биир саамай эрэйдээх учаастага Мыла муостатын бырайыага бүттэ. Курбуһах суолун оҥоруу бу күһүҥҥүттэн саҕаламмыта. Эһиил иккис түһүмэҕэр турбалары олордуохпут уонна салгыы үлэлэһэн былааннаммыт кэрчигин ситэриэхпит. Бороҕоҥҥо биир үгүс кыһалҕаны үөскэппит суолунан сыбаалкаҕа барар суол буолар. Сыбаалканы көрүү-истии улууска бэриллэн турар. Онон суолун оҥоруутугар Мүрү дьаһалтатын кытары бииргэ үлэлэһэн итини көннөрүөхпүт. Дьиҥэр, бу наһаа уһун суол буолбатах, 1,2 км. Онон кыаллар боппуруос дии саныыбын.
– Уус Алдаҥҥа гааһы кэтэспиппит ыраатта. Ханан кэлэр бырайыага да оҥоһуллан, эгди буола сылдьыбыт кэмнэрдээх этибит. Итиннэ туох үлэ барыаҕай?
– Кырдьык, магистральнай гаас хаһан кэлэрин кэтэспэккэ, бэйэбит атын хайысхаларынан үлэлэһэр сыал-сорук туруорунан бастакы хардыылары оҥорон эрэбит. Ол курдук газгольдер диэн автономнай гаастааһын көрүҥүн туһаныыга Суотту нэһилиэгин пилотнай бырайыак курдук көрөн үлэлээн эрэбит. Манна гаас киллэттэриэн баҕарар ыалга улуустан 150 тыһ. солк., нэһилиэктэн 50 тыһ. солк., өрөспүүбүлүкэттэн 200 тыһ. солк көрүллүөҕэ. Сыыйа итинник субсидиялар баар буолууларыгар үлэлэһиэхпит. Гааһы Дьокуускайтан аҕалаллар. Онон нэһилиэк Дьокуускайтан төһө ыраах олороруй да, тырааныспарын ороскуота улаатан иһэр. Ол иһин саамай чугас, табыгастаах диэн бастакынан Суотту нэһилиэгэр үлэ барыаҕа.
– Тыа хаһаайыстыбата – биһиги улууспут сүрүн дьарыга. Онон улахан болҕомто ууруллара чахчы. Туох баар буолуоҕай?
– Бу салааҕа Ил Дархан Айсен Николаев эмиэ улахан болҕомтотун уурар. Сыллата көмөнү улаатыннарар соруктары туруорар. Биһиги кэлэр сылга тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар улуус бүддьүөтүттэн 20 мөл. солк. көрдүбүт. Көмөнү саҥа тэринээччилэргэ биэрэ сатыахпыт. Ылбыт наар ыла турара эмиэ табыгаһа суох. Кооперацияҕа үлэ барыан наада.
– «Хаарбах дьиэттэн көһөрүү» бырагыраама салгыы үлэлиэ дуо? Бытаарыы баар курдук көрөбүн.
– Билигин үлэлии турар бырагыраамаҕа киирбит дьиэлэр бүтэн, кыбартыыралар көһөн киирээччилэргэ туттарыллыахтарын наада. Ол курдук Бороҕон, Дүпсүн, Лөгөй нэһилиэктэригэр тутуу бара турар. Бу бырагыраама 2025 сылтан үһүс түһүмэҕэ салҕаныаҕа. Онно бэлэмнэнии үлэни ыытыахпыт.
– Нэһилиэктэргэ социальнай эбийиэктэри тутуу эмиэ былаан быһыытынан ыытыллан иһэр. Билигин ханнык нэһилиэктэргэ тутуу барарый?
– Тутууларга харчылара быһаарыллыбыттара үчүгэй. Онон түмүктэнэллэригэр эрэл үөскүүр. Ол курдук Тумулга оскуола-саад тутуутугар 100 мөл. солк., Тандаҕа спортсаала тутуутугар 10 мөл. солк. көрүлүннэ. Оттон Кэптэни спортсаалатын бырайыагар харчыта быһаарылынна.
– Тыа сиригэр эдэр исписэлиистэр кэлиилэригэр усулуобуйа суоҕа элбэх уустуктары үөскэтэр. Быыбар иннинээҕи бырагыраамаҕар ити биир сүрүн соругуҥ этэ. Туох хамсааһын баарый?
– Итиннэ «Үтүө дьыала» хамсааһыны кытары кэпсэтэн Тиит Арыыга эдэр исписэлиистэргэ анаан дьиэ тутуутугар үбүн көрдүбүт. Салгыы өссө үлэлэһиэхпит. Ол быһыытынан Өспөх, Чэриктэй, Түүлээх курдук ыраах олорор нэһилиэктэргэ эдэр исписэлиистэргэ анаан 4-түү кыбартыыралаах дьиэлэри тутар былаан баар. Бу дьиэлэр, биллэн турар, толору хааччыллыылаах буолуохтара. Ол аата исписэлиис улуус хайа да муннугар тиийдэҕинэ, киниэхэ олорор, үлэлиир усулуобуйа баар буолуутун ситиһиэхтээхпит. Онон фекальнай тобоҕу таһар массыына боппуруоһа эмиэ турар.
– Элбэх оҕолоох ыалларга уһаайба бэриллиитигэр, ыаллар киин сиргэ, Бороҕоҥҥо ыла сатыыллар. Аны сыллата элбээн иһэллэр. Оттон, биллэрин курдук, улуус киинин сирэ-уота олору хайдах да батарар кыаҕа суох. Ити боппуруос хайдах быһаарыллыай?
– Кырдьык, бу биһиэхэ балачча ыарахан боппуруос. Бары билэрбит курдук, илин бааһына сиригэр, Тандалыыр айан суолун аартыгар 300-тэн тахса уһаайба бэриллэн турар. Итини Чараҥ сириттэн быһан ылыллыбыта. Аны билигин уһаайба ыларга 500-тэн тахса сайабылыанньа киирэн сытар. Итини эмиэ ол бааһына уҥа өттүттэн биэрэргэ быһаарыллан турар. Уратыта диэн – мантан уһаайба ылбыттар Чараҥ олохтоохторо буолуохтара. Онон I Хоро нэһилиэгин нэһилиэнньэтэ лаппа эбиллээри турар.
– Кэлэр сыл Россияҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас сыллара биллэрилиннилэр. Онтон биһиги улууспутугар Уус Алдаҥҥа туох сыла биллэриллиэй?
– Кэлэр сылбыт социальнай хайысхалаах буолар. Дьиэ кэргэн олоҕо-дьаһаҕа, оҕо туһугар кыһамньы бу барыта социальнай көмүскэли эрэйэр. Онон сиэттэрэн кэлэр 2024 сыл Уус Алдан улууһугар Аҕа сылынан биллэриллиэҕэ. Аҕа – дьиэ кэргэнин, оҕотун аһатааччы, таҥыннарааччы, эрэллээх эркин, дугда-хахха буолар. Ол иһин дойдуга, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэриллибит сыллары кытары ситимнээн аҕа оруолун үрдэтэргэ сананныбыт. Билигин буола турар анал байыаннай дьайыыга аҕалар, уолаттар кытта сылдьаллар. Ити да көрдөрөр, аҕа дойдутун, дьонун-сэргэтин туһугар ханнык да ыарахантан толлубакка көмүскэлгэ турунарын.
–Василий Иванович, кэпсээниҥ иһин махтанабын.
Афанасий Сектяев