Орто Эбэ икки оскуолатыгар социальнай десант аан бастакытын үлэлээтэ

Сэтинньи 17 күнүгэр оҕолорго аналлаах Уус Алданнааҕы социальнай-реабилитационнай киин (дир. Иннокентий Сергеев) «Во имя семьи» социальнай десанынан Өлтөх нэһилиэгэр Арыылаах бөһүөлэгэр икки оскуола үөрэнээччилэрин, үлэһиттэрин хабан үлэлээтэ. Десант сүрүн сыала – бэрээдэги кэһиини, буруйу оҥорууну өйдөтөр-сэрэтэр үлэлэри тэрийиигэ методическай, практическай көмөлөрү социальнай, медицинскэй, педагогическай, психологическай өҥөлөрүнэн тириэрдии.

Десант бастаан Орто Эбэ коррекционнай оскуолатыгар тиийиитигэр оҕолор залга тэрээһин аһыллыытын бэлэмигэр сүүрэ-көтө, түбүгүрэ сылдьаллара. Оҕо бэйэтэ кыттыспытын, оҥорбутун ылынар, харыстыыр үгэстээх. Оскуола директора Надежда Колодезникова десант кыттыылаахтарын үөрэ-көтө көрүстэ, бу күнтэн элбэҕи күүтэрин уонна бииргэ үлэлээһин салҕанарыгар баҕа санаатын тириэртэ. Бу оскуолаҕа десант бастакытын үлэлии кэллэ, онон икки өттүттэн саҥа саҕалааһын буолла.

Күн иккис аҥаарыгар үлэ Орто Эбэ сүрүн оскуолатыгар тэрилиннэ. Бу уустук хайысхаҕа бииргэ үлэлииргэ ыччакка уонна дьиэ кэргэҥҥэ социальнай-психологическай көмөнү оҥорор киин социальнай педагога Мария Федосеева уонна улуустааҕы Ис дьыала отделыттан ПДН старшай инспектора Владилен Алексеев социальнай партнер быһыытынан кыттыһан десант суолтатын үрдэттилэр.

Тэрээһин ыытыллыытыгар икки оскуола директордара Надежда Колодезникова уонна Надежда Саввина сарсыардаттан саҕалаан бииргэ үлэлэстилэр. Педагогтар оскуолаҕа оҕолор саастарын учуоттаан занятиелары, бэсиэдэлэри ыыттылар. Алын сүһүөх кылаастар үөрэнээччилэрэ маастар-кылааска кыһаллан дьарыктанан ийэлэригэр бэлэх оҥорбуттарыттан бэйэлэрэ олус астыннылар. Үрдүкү кылаастарга психологическай тренинг, алын сүһүөх кылаастарга медик үөрэҕэ, кылаас салайааччыларыгар семинар уонна биирдиилээн кыһалҕалаахтарга психолог индивидуальнай консультацията ыытыллан, икки сиринэн барыта 110 киһи хабылынна. Оҕолор ыытыллыбыт занятиелары сэҥээрдилэр, бары көхтөөхтүк кытыннылар.

Коррекционнай оскуола салалтата десант кыттыылаахтарыгар хас биирдиилэригэр ааттарын ааттаан махтал сурук туттаран долгутта даҕаны, соһутта даҕаны. Тоҕо диэтэххэ, кинилэр маннык болҕомтолоох сыһыаны өтөрүнэн көрсө иликтэр. Түмүккэ бииргэ үлэлээһиҥҥэ коррекционнай оскуола салалтатын кытары сөбүлэҥ түһэрсилиннэ.

Светлана Бурцева, уопсас. кэрэсп.

Читайте дальше