Бэриниилээх сиэстэрэ Наталья Охлопкова

Медицинэ эйгэтигэр уһуннук, бэриниилээхтик үлэлии сылдьар исписэлиистэр үгүстэр. Кинилэр бука бары улууспутугар медицинэ сайдыбыт историятын бэйэлэрин үлэлэринэн көрдөрөр дьон буолаллар. Хас биирдиилэрэ уһуннук үлэлээбит буолан, кинилэр – биһиги олохпут суолугар көрсөн ааспыт, көмөлөспүт, өрүһүйбүт махтанар, ытыктыыр дьоммут. Оннук бары кэриэтэ билэр үлэһиппитинэн узи кабинетын сиэстэрэтинэн үлэлиир СӨ Доруобуйаҕа харыстабылын туйгуна Наталья Афанасьевна Охлопкованы ааттыахха сөп. Наталья Афанасьевна медицинэ эйгэтигэр үлэлээбитэ уопсайа 35 сыл буолла. Кини 1981 сыллаахха Мүрү орто оскуолатын 10 “в” кылааһын ситиһии­лээхтик үөрэнэн бүтэрэн, 1988 сыллаахха Алдан­нааҕы медучилищеҕа сиэстэрэ идэтин баһылыыр. Үөрэҕин бүтэрээт, төрөөбүт оройуонугар улуустааҕы киин балыыһа инфекционнай отделениетыгар үлэтин саҕалыыр.

— Инфекционнай отделение­ҕа старшай сиэстэрэ Альбина Алексеевна Голикова, кинини сэргэ Клара Иннокентьевна Попова, Лидия Ильинична Олесова кур­дук өр сылларга үлэлээбит уопуттаах үлэһиттэрдээх кэлэктиипкэ түбэспитим иһин дьылҕабар махтанабын. Валентина Григорьевна Ховрова, Марианна Пет­ровна Троева, Марианна Егорова, Матрена Бурнашева диэн оччолорго эдэр кыр­гыттарым билигин ыстаастаах, уһуннук бииргэ үлэлээбит кэллиэгэлэрим. Отделениебытыгар эмиэ уһуннук үлэлээбит санитаркалардаах этибит. Ол курдук, доруобуйа харыстабылын туйгуна Анна Матвеевна Посельскаяны кытта дьуһуурустубаҕа бииргэ турдахха, киһи эрэх-турах сананара. Өрүү аттыгар сылдьан, ыарахан ыарыһахтары көрүүгэ улаханнык көмөлөһөрө, бастакы дьуһуурустубаларбар элбэҕи ­ыйан-кэрдэн биэрбитэ. Кэлин олус үчүгэй, эп-эдэр санитарка кыргыттарым көмөлөрө элбэх буолара. Ыалдьыбыт кыра оҕо киирдэҕинэ тымырын булуута диэн баара, онно кыргыттарым Сардана Босикова, Света Егорова, Сардаана Сивцева, Саргы Избекова сөпкө тутан-хабан, тэбис тэҥҥэ сылдьыһан көмөлөһөллөрө. Инфекционнай отделе­ние­ҕа сэбиэдиссэйдэрим Вячеслав Дмитриевич Бугаевы, онтон Галина Васильевна Сивцеваны кытары, холку майгы­лаах, киэҥ билиилээх, үтүө дьону кытары үлэлээбиппин күндүтүк саныыбын. Өр сылларга биир сынньалаҥа, уоппуската суох кэриэтэ үлэлээхтииллэр этэ. Оннук үлэ­лэригэр бэриниилээх бы­раастары, дириҥ билиилээх биир идэлээхтэрбин кытта үлэлээбиппинэн киэн туттабын, — диэн Наталья Афанасьевна аан бастаан үлэ үөрүйэхтэрин ылбыт сылларын истиҥник, үөрэ, махтана ахтар.

Наталья Афанасьевна 2012 сылтан улуустааҕы поликлиника иһинэн узи кабинетыгар көһөн, быйыл 11-с сылын ситиһиилээхтик үлэлии-хамсыы сылдьар. Бастаан кэлбит сылыгар узист бырааһынан Светлана Николаевна Местникова үлэлии сылдьар кэмэ эбит. “Ол саҕана нэһилиэктэринэн сылдьан дьону көрүү, узи-га түһэрии сылга иккитэ буо­лара” диэн билигин Наталья Афанасьевна ахтар. Онно дьиэ­лэрин-уоттарын хаалларан, иккилии ый нэһилиэктэринэн сылдьан оҕолору, улахан дьону көрөллөрө. Улахан нэһилиэктэргэ хоно сылдьан үлэлииллэрэ.

— Онтон салгыы узи кабинетыгар Николай Николаевич Стручков диэн эдэр быраас кэлэн, алта сыл бииргэ үлэлээбиппит. Олох сайдан “Мис” программаны баһылаабыппыт, Варвара Валерьевна Хабаровалыын дьахтар консультациятыгар “скрининг” диагностикатынан эмиэ көрөр этибит. Билигин Юлия Николаев­на Федорова диэн эдэр быраас үлэлиир. Сыл ахсын нэһилиэк­тэринэн баран олох­тоохтору көрөн, узи-га түһэрэн, ыарыыны эрдэттэн сэрэтиигэ миэстэтигэр тиийэн үлэни тэ­рийии улуустаа­ҕы киин балыыһа салалтатынан сылын аайы тэрээһиннээхтик ыытыллар. Сылтан сыл медицинэ эйгэтигэр үгүс улары­йыылар кии­рэллэр. Ону кытары тэҥҥэ саҥаттан саҥа программанан үлэлии-хамсыы сылдьабыт. Билиҥҥи кэлэктииппитигэр наһаа түмсүүлээх, актыыбынай позициялаах кыргыттардаахпыт. Балыыһа кэлэктиибэ улууска биир улахан кэлэктииптээх тэрилтэ буолар. Үгүс тэрээһиннэр, күрэхтэһиилэр, спартакиада, ыһыах, субуотунньуктар сылын аайы ыытыллаллар, онно өрүү туора турбакка үлэбитин кытары дьүөрэлээн, барытыгар актыыбынайдык кыттабыт. Бу курдук көхтөөх үлэ үөһүгэр сылдьарбыттан үөрэбин.

Наталья Афанасьевна үлэ­тин таһынан икки уоллаах ийэ, хас да сиэннээх эбэ буоларынан сатабыллаах хаһаайка мааны­лааҕа. Оҕуруону тиһэрин сөбүлээн, араас кэрэ оҥоһуктары оҥорор, билигин сиэлинэн дьарыктанар. Маны сэргэ тэрилтэтин профсойууһун хамсааһынын салайсыбыт, профсойуус тэрилтэтин солбуллубат култуурунай-маассабай тэрээһиннэрин салайааччытынан үгүс сылларга ситиһиилээхтик үлэ­лээбитэ. Улуустааҕы, илин эҥээрдээҕи, өрөспүүбүлүкэтээҕи сиэстэ­рэ­лэр араас таһымнаах күрэхтэрин кыттыылааҕа, кыайыылаа­ҕа. Быйыл Арассыыйаҕа Педагог уонна Настаабынньык сылынан ыытыллыбыт күрэххэ “Улуус бастыҥ настаабынньыга” ааты ыл­быта. Маннык сөбүлүүр үлэ­ни, тапталлаах дьиэ кэргэни, сүрэххэ чугас дьарыгы барытын холбуу тутан, дьон-сэр­гэ махталын ылан, идэтигэр бэриниилээх Наталья Охлопкова: “Үлэбин, дьоммун-сэргэбин, оҕолорбун, сиэннэрбин ис сүрэхпиттэн сөбүлүүбүн, ол иһин толору дьоллоохпун”, — диэн этэринии, бука бары олохтон бэйэбит дьолбутун булан, онтон дуоһу­йар, үөрэр буолуоҕуҥ.

Өрүү дьон туһугар кыһаллар үтүө дьүөгэм

— Мин Натальялыын 1993 сылтан бэттэх тэрилтэбит профсойууһугар талыллан үлэҕэ киирэн баран, үчүгэйдик билсибиппит. Онно кини култуурунай-маассабай үлэни иилээччи-саҕалааччы этэ. Үгүс күрэхтэһиилэр, уопсастыбаннай үлэлэр, эмчиттэр спартакиадаларыттан саҕалаан, идэ­лээх күн, отделениеларынан күрэхтэһиилэр, бэтэрээннэрбит күннэрэ сылын аайы буо­лаллара, онно өрүү инники күөҥҥэ сылдьарбыт.

Маннык саҥа эдэр састаап талыллыар диэри хас да сыл таһаарыылаахтык, дьону түмэн, көҕүлээн бэриниилээхтик үлэ­лээбиппит. Наталья Афанасьевна сиэс­тэрэ быһыытынан биир тарбахха баттанар, олус кыһамньылаах үлэһит. Ким хайа иннинэ эрдэ кэлэн кэбиниэтин сууйан-сотон, барытын ымпыгар-чымпыгар диэри бэлэмниир, ыарыһахтарыгар олус кыһаллар, билиилээх, уопуттаах сиэстэрэ. Үтүө суобаһынан үлэм диэн баран, онон олорор, кыһамньылаах үлэһит. Соннук кини эмиэ истиҥ сыһыаннаах, бэриниилээх дьүөгэ. Өрүү дьон туһугар кыһаллар, дьон кыһалҕатын чугастык ылынар, көмөлөһө, сүбэ-ама буола сылдьар үтүө киһибит. Наталья өссө тарбаҕар талааннаах хаһаайка. Ханна маастар кылаас ыытыллар да, онно төһө кыах, бириэмэ баарынан иккиэн үөрэнэ сатыыбыт. Оннук оҕуруо анньарга, брошь оҥорорго батыһа сылдьан бииргэ үөрэммиппит. Олох ылларан туран, сөбүлээн дьарык­таммыппыт. Ону Натальям өссө дьоҕурдаах буолан, оҕуруонан анаан дьарыктанан, араас кэрэ кэмпилиэк ытарҕалары, илин кэбиһэрдэри, киэргэллэри оҥорон, дьүөгэлэрин ааҕа бэлэхтээбитэ. Аны билигин кылынан дьарык­танан эрэр. Ырыаҕа, үҥкүүгэ эмиэ оннук дьоҕурдаах. Үлэтиттэн быыс буллар эрэ тэрилтэ, түөлбэ, нэһилиэк тэрээһиннэригэр өрүү көхтөөхтүк кыттар. Бу курдук Наталья Афанасьевна – олоххо көхтөөх, үлэҕэ эҥкилэ суох бэриниилээх, икки уол истиҥ ийэтэ, хас да сиэн эйэҕэс эбэтэ бары өттүнэн кэрэ, истиҥ дьүөгэбит буолар.

Екатерина Захарова

Читайте дальше