Педагогическай үлэ бэтэрээнэ Татьяна Мигалкина кинигэтин биһирэмнээтэ

Учуутал күнүн көрсө Үөрэхтээһин декадатын былаанынан СӨ үөрэҕириитин туйгуна, 2006 с. РФ Бэрэсидьиэнин граныгар куонкурус кыайыылааҕа, РФ Бастыҥ учуутала, Саха сирин методиһа, Лөгөй нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, Лөгөй, Муома орто оскуолатыгар, Саха-Бельгийскэй гимназияҕа алын кылаас учууталынан үтүө суобастаахтык үлэлээбит педагогическай үлэ бэтэрээнэ Татьяна Мигалкина Бүлүүтээҕи педколледж «Маҥнайгы учуутал» сериятыгар (бырайыак ааптара С.Г. Мытник) таһаарбыт сонун кинигэтин биһирэмнээн бэлиэтээтэ.

Тэрээһин РФ Учуутал уонна настаабынньык, СӨ Үлэ сылларыгар Лөгөй орто оскуолатын, «Өркөн» эбии үөрэхтээһин киинин өйөбүллэринэн үөрэх улуустааҕы управлениетын тэрээһининэн ыытылынна. Быйыл улууспут оскуолаларын боруогун 290 оҕо аан маҥнай атыллаата. Улуус үөрэнээччилэрин аатыттан тэрээһин кыттыылаахтарын Мүрү 2№-дээх орто оскуолатын 1″а» кылааһын үөрэнээччилэрэ эҕэрдэлээн үөртүлэр (кылаас сал. А.А. Лонгинова). Оҕолор алын кылаас учууталын, тапталлаах маҥнайгы учууталы, Муома улууһугар алын оскуолаҕа төрдүс кылаастаах үөрэтиигэ маҥнайгынан ылсыбыт, Лөгөй орто оскуолатын маҥнайгынан мэтээллээх бүтэрбит үөрэнээччини алын кылааска үөрэппит, РФ Бэрэсидьиэнин граныгар “Бастыҥ учуутал” маҥнайгы күрэһигэр кыайыылаах буолбут бүтүн Арассыыйатааҕы “Педагогические инновации” күрэскэ улуустан биир маҥнайгынан лауреат аатын ылбыт Татьяна Егоровна Мигалкинаны кытта сыанаҕа сиэттиһэн  киирдилэр.

Татьяна Егоровна үөрэнээччилэрин, кинилэр төрөппүттэрин, биир идэлээхтэрин, настаабынньыгын, управление миэтэдьииһин, салайааччыларын, үөрэх салалтатын начаалынньыгын солб. И.И. Никонов, үөрэнээччитэ, Лөгөй нэһилиэгин баһылыгын Н.Н. Попов, доҕотторун, аймахтарын ис сүрэхтэн тахсар истиҥ махталлара, эҕэрдэлэрэ ааптары уонна тэрээһин кыттыылаахтарын тэҥинэн долгутта. Кинигэ ураты, дириҥ ис хоһооннооҕо, тыла хомоҕойо, ааҕарга интэриэһинэйэ, эдэр учууталларга бэлэм методическай босуобуйа, хайа да ааҕааччыга холобур буолар аналлааҕа бэлиэтэннэ.

Татьяна Егоровна кинигэтин (191 стр.) түһүмэхтэринэн сүрүн ис хоһооно: 1-гы түһүмэххэ – төрөппүттэрин туһунан сылаас ахтылҕан, учуутал идэтигэр кэлии, үөрэнии, уһуйуллуу, идэни баһылааһын түһүмэхтэрэ.

Уруоктан саҕалаан иитии ньымалара. Төрөппүт өйөбүлэ. Муома оройуонугар үлэ уратыта. Үөрэтии көдьүүстээх ньымаларын тобулуу: түргэнник ааҕарга, сахалыы таба суруйарга үөрэтиигэ булумньулара. Ол уопутун тарҕатыы. РФ Бастыҥ учуутала ааты ылбыт өрөгөй күннэрэ.

 

Иккис түһүмэх үөрэнээччилэригэр анаммыт. Оҕолор көрүдьүөстэрэ, баай, сонун ис хоһоонноох өйтөн суруйуулара, чинчийэр үлэлэрэ, оскуоланы мэтээллээх бүтэрбит 20 оҕо аата, үөрэнээччилэр ахтыылара, хаартыскалар. Үһүс түһүмэххэ төрөппүттэр, биир идэлээхтэр сыанабыллара.

Бу долгутуулаах күҥҥэ “Маҥнайгы учуутал” бырайыак ааптара, Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи ПК учуутала Светлана Мытник, оҕо сааһын дьүөгэлэрэ Наталья Егорова, Мария Готовцева, Марианна Иванова, Лөгөй оскуолатыгар үлэтин саҕалыырыгар күүс-көмө, сүбэ-ама буолбут настаабынньыга Анна Степановна Павлова, үөрэх управлениетыттан методист Мария Петухова, Лөгөй орто оскуолатын алын кылааһын учууталларын методхолбоһугун учууталлара, бииргэ алтыспыт истиҥник саныыр кэллиэгэлэрин аатыттан Вера Петрова (Мүрү 2№ ОО), Варвара Петрова (Тумул), Валентина Пермякова (Мүрү 1№ ОО), Валентина Мигалкина (Лөгөй) кытыннылар.

Учуутал үлэтин дьиҥнээх түмүгэ – үөрэппит оҕолоро, кинилэр ситиһиилэрэ, олоххо миэстэлэрин булуулара, учууталларын туһунан истиҥ ахтыылара. Араас сыллардааҕы выпускниктарын ааттарыттан долгутар эҕэрдэлэри Туйаара Замятина-Федорова, Иван Белолюбскай, Валерия Копырина, Елена Бурнашева, Мария Нафанаилова, Валентина Винокурова, Ньургун Бурнашев, Варвара Гоголева уо.д.а. Мүрүтээҕи уолаттар гимназияларын уонна эдьиийдэрин аатыттан Розалия Готовцева, төрөппүттэр ааттарыттан Сардана Егорова, Ирина Бурнашева, эдьиийэ Мария Бурнашева бэлэхтээтилэр. Истиҥ эҕэрдэлэрин Лөгөй орто оскуолатын, Саха-Бельгийскэй гимназия дириэктэрдэрэ Михаил Пухов, Марина Петрова тиэртилэр.

Клара Троева, СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ

 

Читайте дальше