«Мүрүчээнэ»оҕо тэрилтэтин кэлэктиибэ саҥа үөрэх дьылын оскуола иннинэ үөрэхтээһиҥҥэ саҥа уларыйыыга сөп түбэһиннэрэн үлэбитин саҕалаатылар. Бу туһунан бас иитээччи Анна Алексеева кэпсээтэ:
– Ол курдук кырачааннары иитиигэ-үөрэтиигэ сүрүн үөрэтэр бырагыраамабытын Федеральнай үөрэтэр бырагыраамаҕа уларыта тутан саҥалыы торумнаатыбыт. Үөрэх үлэһиттэрин атырдьах ыйынааҕы сүбэ мунньахтарыгар сэбиэдиссэй э.т. Светлана Рожина наставничество туһунан, республикатааҕы көрүү-күрэс финалиһа учуутал-логопед Ульяна Омукчанова үлэтин уопутун билиһиннэрдилэр.
Билии күнүн көрсө «Маҥнайгы кылааска киирэр оҕолорго бэлэх» акцияҕа кыттыһан үлэһиттэрбит уонна СВОҕа сылдьар,элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр оҕолоругар бэлэх туттаран үөртүбүт.
Бэҕэһээ, бүгүн төрөппүттэргэ анаан Аһаҕас аан күннэрэ ыытылла тураллар. Төрөппүттэр эрдэ суруттаран оҕолорун илдьэ кэлэн детсад ис туругун билистилэр, специалистарга консультацияҕа сырыттылар. Иитээччилэрбит, эбии үөрэхтээһин педагога, музыкальнай салайааччы оҕолору оонньоттулар, аралдьыттылар. Бэҕэһээҥи күн түмүгүнэн биир төрөппүт оҕотун сырытыннарарга сайабылыанньа суруйда, хас да төрөппүт толкуйданыахпыт диэтилэр. Дьэ маннык үлэбит-үөрэхпит салгыы баран иһиэҕэ.