Оҕолорбут ханнык идэни таллылар?

Идэни сөпкө талыы, үөрэххэ киирии киһи тус олоҕор уонна дойдубут үүнэ сайдарыгар төһүү суолталаах. Атырдьах ыйа ортолоото. Кытаанах сүүмэрдээһин кэннэ үөрэх кыһаларыгар уһуйулла киирбиттэр ааттара биллэн эрэр. Биһиги улууспутуттан оҕолорбут ханнык үөрэххэ туттарсан, хайа идэҕэ киирбиттэрин туоһуластыбыт.

Милена Сивцева, Мүрү 2-с №- дээх орто оскуо­латын выпускницата:

– Мин ХИФУ-га биэс хайысхаҕа, ону таһынан Ускуустуба уонна култуура Артикатааҕы судаарыстыбаннай институтугар культурология хайысхатыгар уонна Дьокуускайдааҕы финансовай-экэнэмиичэскэй кэллиэс­кэ үс хайысхаҕа докумуоннарбын туттарбытым. Түмүгэр, ХИФУ-га Тас дойдулар уонна кинилэр тылларын үөрэтэр институкка «Педагогическое образование с двумя профилями подготовки иностранных языков (английский) и иностранный язык (французский) в цифровом образовании» идэҕэ үөрэххэ киирдим. Оҕо эрдэхпиттэн омук тылын интэриэһиргиир этим, ол иһин биир кэлим эксээмэммэр английскай тылын талан туттарбытым. Онон этэҥҥэ, баҕарбыт үөрэхпэр киирэн үөрүүм муҥура суох.

Максим Кычкин, Лөгөй орто оскуолатын выпускнига:

– Мин ХИФУ-га уопсайа биэс үөрэххэ биэрбитим, онтон үһүгэр киирэн «Промышленное и гражданское строительство» идэни таллым. Кыра кылаастан тиэхиньии­чэскэй өттүгэр ордук буоламмын, бэйэбэр быдан сөп түбэһэр дии санаатым.

Ариана Богдакумова, Түүлээх нэһилиэгин оскуолатын выпускницата:

– Докумуоннарбын уопсайа биэс үөрэххэ биэрбитим, олортон баҕаран туран Дьокуускайдааҕы авиационнай тиэхиньиичэскэй училищеҕа «Летная эксплуатация летательных аппаратов» идэҕэ киир­дим. Бу талбыт идэм уустук, эппиэтинэстээх. Сири-дойдуну көрөөрү бу идэни төрүкү интэриэһиргиир этим. Бэйэм күүспүн да тургутан көрүөм. Бу үөрэҕи этэҥҥэ үөрэнэн бүтэрдэхпинэ, гражданскай авиация пилота буолабын.

Эрсан Константинов, Найахы орто оскуолатын выпускнига:

– Мин ХИФУ медицинскэй институтугар үс үөрэххэ туттарсыбытым, «Лечебное дело», «Педиатрия», «Стоматология». Баҕалаах үөрэхпэр «Лечебное дело» киирдим. Мин олох кыра эрдэхпиттэн быраас буолабын диэн туруммутум, тоҕо диэтэр, киһи ис туругун, ис уорганын олус интэриэһиргиир этим. Оскуолабын кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрбитим. Бас­таан стоматолог буолабын дии сылдьыбытым, онтон тутар хамыыһыйаҕа олорон санаан көрдүм: «Мин өссө да толкуйданыахпын наада эбит, ханнык быраас буоларбын, быраас идэтэ олус элбэх» диэн бараммын «Лечебное дело» бастакынан туруорбутум. Санаабар, бу идэ быдан элбэх потенциаллаах, тоҕо диэтэр, ити үөрэххэ быраас идэтэ барыта баар, ону үһүс кууруһу бүтэрэргэр ханныкка барсыах курдуккун быһаарынан бэйэҥ баҕалаах идэҕин талаҕын.

Мария Аргунова

Читайте дальше