Быйыл саас улуус баһылыга Алексей Федотов таһаарбыт анал дьаһалынан улуус орто оскуолаларын бастыҥ үөрэхтээх, общественник, спортсмен үөрэнээччилэрин Арассыыйа киин куораттарынан айаннарын тэрийии бигэргэммитэ. Үөрэх управлениетын иһинэн анал хамыыһыйа тэриллэн, орто оскуолалартан 20 бастыҥ оҕо Граҥҥа тиксэн, алтынньы бүтэһик күннэригэр Санкт-Петербург, Новгород, Старай Русса куораттарынан сылдьан кэллилэр.
Бөлөх састаабыгар Мүрү 1-гы уонна 2-с нүөмэрдээх, Лөгөй оскуолаларыттан, гимназияттан иккилии оҕо, Бээрийэ, Бэйдиҥэ, Уһун Күөл, Найахы, Өспөх, Чараҥ, Чэриктэй, Сыырдаах, Тумул, Дүпсүн, Мындааба, Баатаҕай оскуолаларыттан биирдии оҕо айаҥҥа сылдьан кэллилэр. Айан туһунан бөлөх салайааччыта, Мүрү 1-гы нүөмэрдээх орто оскуолатын история учуутала Марья Пухова кэпсиир:
– Мүрү 1-гы нүөмэрдээх орто оскуолатын 11 «а», «б» кылаастарыттан Долун Жирков, Сайаана Куо Рожина уонна бөлөх салайааччытынан мин сылдьан кэллибит. Бастакы күнтэн бөлөҕүм оҕолорун кытта билсэн, өйдөһөн, олус бэркэ сырыттыбыт. Санкт-Петербурга Царское Село, Эрмитаж курдук историческай миэстэлэргэ, «Блокадный Ленинград» тиэмэнэн Кыайыы пааркатыгар, Блокада түмэлигэр, Ленинграды көмүскээччилэргэ аналлаах Монумеҥҥа, Таня Савичева өйдөбүл дьиэтигэр сырыттыбыт. Маны тэҥэ быыс булан оҕолор аквапааркаҕа күүлэйдээтилэр, сөтүөлээн астыннылар.
Новгород куоракка 12-с үйэтээҕи Кириэмилгэ, Арассыыйа тыһыынча сылыгар аналлаах памятникка, Софийскай Соборга сырыттыбыт. Старай Русса куоракка Хотугулуу-Арҕаа фронт түмэлигэр эрдэ болдьоһуунан ыҥырыыбын ылынан куорат мэра Елена Леонидовна Комарова бөлөҕү кытта көрүстэ. Ол кэннэ Аҕа дойду Улуу сэриитигэр тыыннарын толук уурбут саха буойун саллааттарыгар аналлаах гранит таастан чочуллубут ураһа быһыылаах Монумены, саха сэргэтин көрдүбүт. Бу Монумент туруутугар биир дойдулаахпыт, биллэр историк учуонай Д.Д. Петров өҥөтө улахан. Кини 1967 с. Монумены тутарга этии киллэрбит, бэйэтэ анаан тиийэн талан ылбыт сиригэр 1968 с. Монумент туруоруллубут. Ол кэмтэн номнуо 55 сыл ааһа оҕуста. Старай Русса олохтоохторо, Саха сириттэн тиийэр биир дойдулаахтарбыт быһа ааспат, сылдьар, ытыгылыыр миэстэлэрэ буолар.
Монумеҥҥа ыытыллыбыт тэрээһиҥҥэ оскуолабыт үөрэнээччитэ, бөлөх старостата Долун Жирков оҕолор ааттарыттан тыл эппитэ. Гимназияттан Дуолан Гаврильев эһэтэ бу сиргэ сэриилэспитин ахтыбыта, Баатаҕайтан Алексан Лугинов, Тумултан Лиана Габышева С.С. Васильев — Борогонскай «Ытык Ильмень» поэматыттан быһа тардан сахалыы уонна нууччалыы тылларынан аахпыттара. Мин Монумены туруоруу историятын оҕолорго билиһиннэрэн баран олохтоохторго махтал тылын тиэрдибитим. Түмүккэ 21 гвоздиканы Монумеҥҥа сүгүрүйэ уурбуппут.
Бу айаммытын тэрийбит үөрэх управлениетыгар (начальник Степан Литвинцев), улуус дьаһалтатыгар (баһылык Василий Аммосов) оҕолор, төрөппүттэр ааттарыттан махтанабыт. Билиини хаҥатар, патриотическай тыыны иҥэрэр соруктаах айан сыалын ситэн, оҕолорго оҕо саас өйдөбүлэ буолан хаалыаҕа, – диэн Марья Пухова кэпсээнин түмүктээтэ.
Елена Сыроватская, уопсас. кэрэсп.